ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иҥнэри

сыһыат, даҕааһын

Нууччалыы наклонно, набок

1 сыһыат #

Кыҥнары, хайа эмэ өттүгэр иҥнэйэ

Нууччалыы Наклонно, набок

  • "Байбал! Ыалыҥ, Кууһума оҕото Киргиэлэй суруксут хотуна өлөн хаалла дуо?" – диэн күтүөт оҕонньору иҥнэри тардан ылан, кулгааҕар хаһыытаата.
    Эрилик Эристиин
  • Эргэ алтан чаанньык иҥнэри түһэн сытар.
    Амма Аччыгыйа
  • Чаһыны аннынан улахан хара суот иҥнэри ыйаммыт.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Миша соруйан кэтэһиннэрэн төбөтүн иҥнэри туттан олорбохтоото
    Н. Лугинов

2 даҕааһын #

суолт. Иҥнэйбит, иҥнэйэ түспүт

Нууччалыы Наклонный, косой

  • Сүрдээх кыараҕас, иҥнэри сиргэ Роман Семенов Кыстыктаах сайылыга тэллэх баттаһа тураллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Иҥнэри кырыысаттан ирэн, таммах түһэрэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кыараҕас иҥнэри түннүгүнэн, Кырыалаах мууһу симиктик өтөн, Ийэм эрэйдээх оронун сырдаппаккын.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
  • Иҥнэри сурааһыннар ахсааннара кэрискэ ахсаан суолтата суолталаах быһыылаахтар: маҥнайгы, иккис, үһүс
    Багдарыын Сүлбэ

3 этии #

Нууччалыы Посмотреть дурным глазом, сглазить, приносить несчастья (по старинным представлениям якутов: глаза обладают магической силой, способной убить, уничтожить человека, букв. опрокинуть взором)

Этиилэр

Иҥнэри көр фольк

, эргэр. – охтуохха диэри, өлүөххэ-сүтүөххэ диэри (оннук ынырыктык, күүстээхтик) көр (былыргы сахалар киһи хараҕа уоттаах, онон өлөрүөн-өһөрүөн сөп диэн өйдүүллэрэ) Ыарахан тыыннаах, Ыар санаалаах Ытык ыалбыт ыаматын Инньэ-манньа диэтэххэ – Иҥнэри көрөн, Иэстии сылдьыахтара. П. Ойуунускай. Ытыллар халлаан кыыһа Ытык Иэрэҕэй удаҕан Иирээннээх Эҥсэли Кулахай эҥээриттэн Икки илбистээх хараҕынан Иэччэхпинэн иҥнэри көрүөхтүн! П. Ойуунускай. Иҥнэри хаамп (үктээ, тэбис) фольк. – күүскүнэн күөнтээн харса-хабыра суох алдьат, самнар.

Оказывать разрушительное воздействие на судьбу, на жизнь грубым вмешательством.

  • Түгэх дойду түөкүттэрэ, Ньүкэн Буурай удьуордара Икки атахтааҕы, Иннинэн сирэйдээҕи Иҥнэри хаампыттар.
    П. Ойуунускай

Кыыстаах уолларым олохторун иҥнэри үктээбиттэр

бу оҕонньордоох эмээхсин.

  • Иирээннээхтэри иҥнэри тэпсэн, Уодаһыннаахтары умсары дапсыйан, Сарбаҥ тарбахтаахтары салыннарар, Куодаһыннаах өйдөөхтөрү чугутар. С. Зверев

«И» буукуба