ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сытыары

сыһыат, даҕааһын

Нууччалыы наклонно, косо; горизонтально

Ис хоһооно · 4

1 сыһыат #

Сытар курдук, хайа эмэ өттүгэр иҥнэйэ, хоһуойдуу, иҥнэри

Нууччалыы Наклонно, косо; горизонтально

  • Хайыһардары иһирдьэ киллэрэн, аан ыксатыгар сытыары уурталаан кэбиспит.
    Амма Аччыгыйа
  • Сүгэ ис иэдэһин биитин кэтирэтэ сытыары, тас иэдэһин биитин туруору сытыыланар. АЭ ӨӨКХ. [Баҕа батаһа] сир анныгар сытыары үүнэр бэрдийбит суон силиргэхтээх
    МАА ССЭҮү
  • Сытыары сытар маска моҕотой тахсан кылахачыйар.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
  • Сытыары күн сардаҥалара хаартан тэйэннэр киһи хараҕын саатырдаллар.
    И. Данилов
  • Пётр Петрович сытыары эркиннээх эргэ хотон диэки ыйан кэбистэ.
    КН

2 даҕааһын #

Эйэ дэмнээхтик, холкутук, нус бааччы

Нууччалыы Спокойно, мягко

  • Кини Мишканы кытта маҥнай сытыары соҕус кэпсэттэ.
    Д. Таас
  • "Буолар буолбутун кэннэ, аны кэлэн көннөрө охсоору дьаҕырыйа тураҕын дуо?" – Алааппыйа сытыары соҕустук намыччылаан эттэ
    В. Протодьяконов
  • Урукку сытыары, сымнаҕас бэйэтэ билигин тоҥ харыйаны таҥнары соспут кэриэтэ. Софр. Данилов. Тууһут Ньукулайы даҕаны киһи билэрэ. Бэрт сымнаҕас, сытыары киһи этэ.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Амарах ийэҕэ иитиллибит оҕо сытыары, сымнаҕас, намыын буолар. "Чолбон". Утар. туруору, хадаар

3 даҕааһын #

Сытар курдук, иҥнэри, туруору буолбатах

Нууччалыы Наклонный

4 даҕааһын #

Сымнаҕас, судургу, көнө (киһи майгытын туһунан)

Нууччалыы Спокойный, мягкий, кроткий (о характере человека)

«С» буукуба