ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэргээ

туохтуур

Нууччалыы усиливаться (о боли); прогрессировать (о болезни). [Огдоос:] Соруйан ыарыйда быһыылаах, киэһэтин тииһигэр, киһини атаҕыргыыр

English to intensify

1 туохтуур #

Уруккутунааҕар өссө күүһүр, улаат; улаатан, күүһүрэн ис (хол., ыарыы туһунан)

Нууччалыы Усиливаться (о боли); прогрессировать (о болезни). [Огдоос:] Соруйан ыарыйда быһыылаах, киэһэтин тииһигэр, киһини атаҕыргыыр

  • Бэҕэһээ Ньолоох уола кэлэригэр бэргээн буорайа сыспыта.
    А. Софронов
  • [Сандаарка:] Чокуурап диэн табаарыс бүгүн миигин улаханнык атаҕастаата, бэйэм ыарыһах эрэйдээх, ол кэнниттэн бэргээн бүгүн нэһиилэ сылдьабын.
    С. Ефремов
  • Эмп бөҕөнөн эмтии сатаабыттара даҕаны, бэйэм аанньа харыстаммаккабын үтүөрэ-үтүөрэ хат бэргээн, ыарыым кыайан ааспакка эппэр-хааммар дириҥник иҥэн хаалбыта
    Н. Лугинов

2 туохтуур #

Бааргынааҕар өссө күүһүр, улаат (алдьаныы, мөккүөр о. д. а. тустарынан)

Нууччалыы Увеличиваться, усиливаться, распаляться

  • Дьахталлар күлэллэрэ дьэ ордук бэргээтэ, онтон буойсубута буолан утары сапсыммахтастылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Мөккүөр бүтүөхтээҕэр өссө ордук бэргээбит быһыылаах. Саҥа-иҥэ учительскай ааныгар улам чугаһаан кэллэ. Софр. Данилов. Ыгылыннаҕына кини [Киргиэлэй] тардыалатара эбии бэргиир
    Н. Заболоцкай

«Б» буукуба