ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

куйуһуй

туохтуур

Нууччалыы усиливаться; переливаться (о звуке), залиться голосом, звенеть

I

1 туохтуур #

тыаһы үт. туохт. Хатаннык, сытыытык тыаһаа, дьиэрэһий (тыас, ырыа, муусука о. д. а. тустарынан)

Нууччалыы Усиливаться; переливаться (о звуке), залиться голосом, звенеть

  • Киһи сүрэҕин уйадытар, киһи санаатын айматар музыка ыйманыйа-ыйманыйа ытаата, куйуһуйа-куйуһуйа туойда.
    П. Ойуунускай
  • Дорҕоон буолан куолайынан Куйуһуйа дуорайбакка, Сүрэҕинэн ылланар, Сүрдээх намчы, иэйиилээх, Иһиллибэт намчы ырыа.
    Күннүк Уурастыырап
  • Мохсоҕол кынатын тыаһа диэн куйуһуйан сүрдээх
    Н. Габышев
II

2 туохтуур #

дьүһ. туохт. Аһара түргэнник, сыыдамнык, дьулурҕатык хамсаа, сыҕарый, айаннаа

Нууччалыы Двигаться, передвигаться очень быстро, стремительно, рассекая воздух со свистом

  • Куоһахтары таҥнары куйуһутан түһүтэлээн, очурдары өрө тайаһытан тахсыталаан истэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Килэҥ мууска ыстаал хаҥкы, Килбэчийэ дьулуруй! Түөрэх биэрэн, күөрэ-лаҥкы Түспэт гына куйуһуй!
    И. Чаҕылҕан
  • Тыалы утары туһаайбыт сирдэринэн киһини уун-утары көтөн куйуһуйдулар
    Н. Павлов

«К» буукуба