Перевод с якутского
бэрдий
туохтуур
Нууччалыы дрябнуть
1 туохтуур #
Сиигирэ-сиигирэ кууран эбэтэр куруук сииктээх туран, чиргэл туруккун сүтэрэн, эмэхтийэ быһыытый, кэбирээ (мас туһунан)
Нууччалыы Дрябнуть (о древесине)
Манна сиик хаһан да куурбат. Онон дьиэлэр бэрэбинэлэрэ хараара бэрдийбиттэр, хаптаһын хоруобуйаларыттан маҥан тэллэй үүммүт. Н. Якутскай Сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта охсуллубут быһыт эргэрбитэ, маһа-ото бэрдийбитэ да бэрдэ. В. Яковлев Оҕонньор муҥха хотоҕос маһын чинчилиирдии кыҥастаста, ортотунан хайа тутта. Бэрдийэн хаалбыт В. Федоров
2 туохтуур #
Үлэлээбэккэ, хамсаабакка эт-хаан өттүнэн мөлтөө
Нууччалыы Слабеть физически от отсутствия движения
Бэлэми мэҥиэстэ үөрэнэн этэ-хаана бэрдийэн, саһыл урут эстиэ дуу? Амма Аччыгыйа Кустук [ыт аата] сайыны быһа баайыыга сыппыта. Онон атаҕын тиҥилэҕэ бэрдийэн хаалбыта И. Федосеев
3 туохтуур #
Кытаатан, халыҥаан, улаатан чэр курдук көрүҥнэн, туруктан
Нууччалыы Затвердеть, принимать вид рубца, мозоли
Оҕонньор төҥкөйөн, уһаты-туора араас сурааһыннаммыт, бэрдийэн халыҥаан хаалбыт, куйахатыгар куудараҕа маарынныыр баттах дуоматын ыйан көрдөрдө. Н. Заболоцкай “Ынах синньэ улаата-улаата бэрдийбэтин, үүтэ хонуксуйан хаалбатын ситиһиэххэ наада”, - диэн эбэн этэр [Матрена Андреевна]. “Кыым”. Быар килиэккэлэрэ өлөн, эбэтэр холбуур (чэр) тканнарынан солбуллалларыттан быар бэрдийэн цирроз буолан хаалар ДьИэБ