ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сайын

аат тыл, туохтуур, сыһыат

Нууччалыы расти, развиваться

English summer

Ис хоһооно · 10
I

1 туохтуур #

Улам үүнэн ситэн ис, сит-хот

Нууччалыы Расти, развиваться (напр., об организме)

  • Уол бэйэтигэр сөрү-сөп көрүҥнээх, олус сайдыбыт быччыҥнардаах эбит.
    Н. Лугинов
  • Хат буолуу -- бу дьахтар саамай тупсар, киэркэйэр, организма ситэр, толору сайдар кэмэ. ТЕН ИДь. Горуох сибэккилэрэ биирдии-иккилии буолан сэбирдэх хонноҕор сайдаллар уонна алларааҥҥылартан саҕалаан олбу-солбу аталлар
    ХКА

2 туохтуур #

Салгыы тупсан, эбиллэн үрдээ, үрдүкү кэрдиискэ таҕыс

Нууччалыы Совершенствоваться, прогрессировать, идти вперёд, развиваться (напр., о науке)

  • Наука сайдар. Өй-санаа сайдар.
  • Киһи уопсастыбатын олоҕо иннин диэки дьулуруччу сайдан иһиитэ үлэттэн тутаахтаах.
    М. Доҕордуурап
  • Быйыл киһи-сүөһү олус элбээтэ, тиэхиньикэ сайдан эрэр.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)

3 туохтуур #

Өй-санаа өттүнэн үүн, билиилэн-көрүүлэн

Нууччалыы Развиваться умственно, повышать интеллект

4 туохтуур #

Ордук үчүгэйдик таҕыс, көхтөн, күүрээннэн, хоннохтон (хол., үлэни, киһини да этэргэ)

Нууччалыы Набирать силу, разворачиваться вовсю (напр., о деятельности)

  • Саха сирин - дойдуларын, Якутскайы, Халыманы, Сааны, булду, ону-маны Сайдан туран кэпсэттилэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Хатан дьыбардаах, харсаах тыаллаах күннэртэн хаайтарбакка, үлэ сайдан барда.
    М. Доҕордуурап
  • Тиийбитим, доҕоор, дьэ оһуокай бөҕө ааттааҕа сайда турар эбит, икки-үс эргиир буолан омунугар сирдиин ньиргийэ олорор
    Н. Заболоцкай

5 туохтуур #

филос. Тохтообокко уларыйа, кубулуйа тур

Нууччалыы Быть в постоянном движении, меняться; развиваться

  • Айыллан үөскээбит Аан ийэ дойдум Аһары да сайдыбыт, Алыс да тупсубут эбит. Нор. ырыаһ. Айылҕа, сир ийэ кимтэн да тутулуга суох бэйэтэ туспа сайдар сокуоннаах.
    А. Сыромятникова
  • Ср. тюрк. йай ‘распространяться’
II

6 аат тыл #

Үүнээйи үүнэн ситэр дьыл ордук итии кэмэ (Саха сиригэр ыам ыйын бүтүүтүттэн атырдьах ыйа бараныар диэри)

Нууччалыы Лето (в Якутии - с конца мая до конца августа)

  • Сайын буолла. Саха сирин сайына кылгас.
  • Сайын ааһан, от-мас хагдарыйан, күһүн кэлбитэ.
    Н. Якутскай
  • Күөх даҕаны сайыннар Күөгэһэн кэлэр буоллулар.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (1)

7 аат тыл #

поэт. Сырдык, үөрүүлээх кэм

Нууччалыы Пора расцвета, беззаботной радости (напр., о детстве)

  • Дорообо, мин дойдум кыһына, Үрэх, алаас, маҥан хаар! - Манна баар мин санаам сайына, Сүрэх сааһа манна баар. Эллэй. Уоҕа хаммат баҕарыы Утаҕынан умайан, Оҕо сааһым сайынын Ойууругар хаамабын.
    Баал Хабырыыс
  • Саҥаны айарга күүспүн ууруом, Самаан сайыны чэлгитиһэ туруом
    С. Васильев

8 сыһыат #

суолт. Дьыл ордук итии кэмигэр, сайыҥҥы кэмҥэ

Нууччалыы Летом. Аны сайын аҥаардас Лоҥкуудаҕа хас да сүүс га сирин оттуохтара. М. Доҕордуурап. Быйыл сайын икки сыллаах таһаҕаһы аҕалаллар үһү. П. Егоров. Оттон мин буоллахпына дьиэбэр сайын эрэ көстөн ааһабын. С. Ефремов

9 этии #

Сайын дойду кэпс. - тымныы түспэт сирэ, итии дойду Былыргы дьылларга, ааспыт күннэргэ кыһына-кырыата суох сандалас сайын дойдуга -- Александр Македонскай диэн - дьүһүннээх үчүгэйэ, өйдөөх бэрдэ, уот аргыстаах, кыргыс дьайдаах, хаан олбохтоох ыраахтааҕы баара эбитэ үһү. П. Ойуунускай.

Нууччалыы Страна с жарким климатом

Этиилэр

Дьахтар сайына көр дьахтар

  • Дьахтар сайына диэн ааттаах Сылаас да күннэр кэлэллэр. Оттон түүнүн хаар хаһыҥнаах, Оччоҕо сир-дойду киэркэйэр. Баал Хабырыыс

10 этии #

Этиилэр

Күһүөрү сайын көр күһүөрү

  • 1918 сыллааҕы күһүөрү сайын Иркутскайтан үрүҥ сэриитэ кэлэн Дьокуускайы ылбыта. Бэс Дьарааһын. Күһүөрү сайын Кэрэ баҕайы!
    Баал Хабырыыс
  • Ср. др. -тюрк. йайын, тув. чайын ‘летом’

«С» буукуба