Перевод с якутского
сай
аат тыл, туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы протаивать, образуя полыньи
English summer
Ис хоһооно · 11
1 туохтуур #
Курдары ирэн дьөллүтэлээ, дьуххаран бар (саас күөл, өрүс мууһун этэргэ)
Нууччалыы Протаивать, образуя полыньи (о льде на озёрах, реках весною)
Күөл мууһа сайбыт. Сааскы халаан уута аллан, Сайан ууллар уһуу Аллан. Күннүк Уурастыырап Мууһа сайан турар улахан күөлү туораары ууга түһэн, өлө сыһан баран, бэрт кыраттан өрүһүнэн нэһиилэ таҕыстым
Н. Лугинов
2 туохтуур #
Тыалыр, салгый, үр
Нууччалыы Дуть, веять (о ветре)
Эллада эриэккэс дойду, Эргиччи итии, саас, сайын. Куораты таас хайа курдуур, муораттан сөрүүн тыал сайар. Баал Хабырыыс Сэниэ тыал сайан, күөх былаахпыт тэнийэн -- көстөн кэллэ. Н. Габышев Күөлтэн дуу, тыа түҥкэтэх өттүттэн дуу сөрүүн, курас салгын сайар И. Сысолятин
3 туохтуур #
Тырыта сыс, тырыта оҕус
Нууччалыы Раскалывать, вспарывать, взрезать
Көхсүн куйахтара Көҥү сынньылынна, Сарын куйахтара Сайа охсулунна, Тобук куйахтара Тобулу кырбанна П. Ядрихинскай
4 туохтуур #
Киһи этин сааһынан курдары киирэн билин (киһи этэ-хаана сөбүлүүрүн этэргэ)
Нууччалыы Обдавать (напр., свежестью), наполняться (напр., теплом), вызывая приятное ощущение
Чэбдигин даа салгын сайара, Күн уота кутаалыы тохторо. Р. Баҕатаайыскай Кини санаатыгар туора дойду ото-маһа маннык дьаралытар, мэйиини эргитэ сыһар, киһи этин сааһынан сайар сыта суохха дылы. Л. Попов Итии чэй, күһүҥҥү тыа Улугурбут эккин-хааҥҥын, муунтуйбут дууһаҕын Чэп-чэбдигинэн сайыа Н. Босиков
5 туохтуур #
Биллэн, көстөн кэл, арыллан таҕыс
Нууччалыы Проявиться, обнаружиться. [В
В. Державин] поэтическай талаана тылбааска ордук чаҕылхайдык, ордук дириҥник сайан таҕыста ХС
6 туохтуур #
поэт. Арылын, арыллан, дьуххаран сырдаа
Нууччалыы Приоткрываться, заниматься зарёй, озаряться утренним светом (о небосклоне)
Халлаан сырдыан иннинэ ымыы ырыа тарпыта. Онтон дьэдьэн имнэнэн, Илин саҕах сайбыта. Күннүк Уурастыырап Сайан үүнэр сарсыардам Сандалыгар тэҥниирим, Үөмэн кэлэр киэһэкэм Үчүгэйэ диэхтиирим. Д. Васильев Сассын, сассын сарсыарда Сайар халлаан саарыыта, Сандал күнүм тахсыыта, Салгын сиигэ көтүүтэ, Сайаҕас тыалым түһүүтэ. Саха нар. ыр. II
7 этии #
Нууччалыы Овладеть кем-л., охватить кого-л. (о каком-л. приятном чувстве, мысли)
Сайан киир - 1) киһи өйүн-санаатын ыл, үүйэ тут (туох эмэ үчүгэй иэйиини, санааны этэргэ) Сүрэх буолла ыар ыарыы абытайа, Олох уҕараабат кыһалҕата Суох буолла... Сүрэхпин сайан Киирдэ дьол ылбай ырыата. С. Данилов Аан аһыллар, көрдүөн буланнар, Аргыый-аргыый үктэнэннэр, Сахам кыргыттара буоланнар, санаалар Сайан киирэллэр. И. Эртюков Көрдөөх буруо курас сыта Муннубар саба биэрдэ, Сылаас дьиэ ахтылҕана Агдабар сайан киирдэ. Доҕордоһуу т.; 2) ханна эмэ киэҥник тарҕан, тэний, өтөн киир (хол., саҥа сүүрээн). Θ Проникать куда-л., развертываться где-л. (напр., о новом направлении в чём-л.). Ыстаадаларга ыччаттар элбээннэр, табаһыттар үлэлэригэр саҥа сүүрээн сайан киирдэ. ИИА КК. Василий Иванов "Кырдьаҕастар уонна эдэрдэр" сэһэнин сүрэхтээх-быарынан дьэ ити НТР сиккиэрэ тыа дьонун үүт тураан олохторугар сайан киириитин уустаан-ураннаан көрдөрүү буолар. ЭС Э. Ср
Өссө холобурдар (1)
тюрк. сай ‘пронизывать, пробивать, протыкать’
8 туохтуур #
Кими-тугу эмэ дьаныйан өһөө, бул
Нууччалыы Иметь неотступное злонамерение против кого-л.; настойчиво, неотступно преследовать кого-л
Эйигин бэйэҕин, хаан-уруу дьонноргун, кэргэттэргин кылаас өстөөхтөрө, бандьыыттар туох эрэ булт курдук сайан туран сойуолууллара. КАЕ ДДК. Мин, биир ньиэмэс эписиэрин бэлиэтии көрөн, сайан туран кинини эккирэтэбин. ПДА СС
9 аат тыл #
, кэпс. Сайын
Нууччалыы Лето. Күөх сай үгэнэ. Сай устата. Сай ортото. Долгуннуур күөхтэрдээх сай ааһан, Доҕоруом эн хаһан кэлэҕин? - Ыраатар бэйэҕин сайыһан, Ытаата мин уйан сүрэҕим. Л. Попов. Түүннэри нуурайан Сылыйда, сырдаата. Кыс тыына уурайан Сай кэллэ бу аата. Болот Боотур. Бу сири сай аайы төрүт сөбүлээн оттооччубун, ото кэбирэх буолааччы. В. Яковлев. Др. -тюрк. йай, кирг. жай, тув. чай, кум. яй
10 аат тыл #
, кэпс., поэт. Уйаара-кэйээрэ биллибэт иччитэх куйаар (билиҥҥи тылга "муҥура суох, бүппэт, бараммат" өйдөбүлгэ сүнньүнэн даҕ. суолт. тут-лар)
Нууччалыы Безграничное пустынное пространство, пустота (в современном языке употр. в основном в качестве прилагательного со знач
"бесконечный, беспредельный, неисчерпаемый"). [Кыыс] таһырдьа тахсаат тура таалар - Сай халлааҥҥа сир аргыһын Сайыһа одуулаан хаалар. С. Руфов Салаҥ ыраахтан Сай салгыны Сабаҕа түөһүнэн Саба күрдьэн, Уһуутуу-уһуутуу сундулуйбут Уһун тимир пуойас, уйуһуйан кэлэн, ойоҕолоон кэбистэ С. Васильев
11 этии #
Сай курдук кэпс. – иччитэх, тымныы салгыннаах, киэҥ-куоҥ (дьиэ, хос туһунан) Гриша дьиэтигэр тиийэн соҕотох кырабааттаах сай курдук хоһун эргиччи көрөн баран үөһэ тыынна. В. Яковлев.
Нууччалыы Пустой, необжитой, холодный и просторный (обычно о жилом помещении)
Этиилэр
Сай күдүө көр күдүө
Дьиэ орто сиэрдийэтинэн бөх-сыыс, барыта сай күдүө, күөдэл-саадал. Болот Боотур. [Ала Кырсын:] Субу аҕай саргы сатаҕай, сай күдүө буолан хааллахпыт тугун баҕас сүрүкэтэй? И. Алексеев. Куораттар эстэннэр, сай күдүө буоланнар, иччитэх дьиэлэрин түннүгэ оҥойдо. С. Васильев. // Баһа-атаҕа суох киэҥ эбэтэр улахан.
Безгранично широкий, просторный, огромных размеров (напр., о территории).
Эн бэйэлээх сайдам киэҥ эйгэлээх Сай күдүө баҕарахтаргар Сайыҥҥы да сахтарга Ыттаах, табалаах, ыгым ычалаах Босхо бастаах Бороҥ урааҥхай Чугаһыа баара дуо? Күннүк Уурастыырап // Хоп-хойуу (туманы этэргэ). Густой, плотный (о тумане). [Пуойас] Сай күдүө туманынан Үөһэ тыынан тохтуу түстэ. Н. Габышев
Өссө холобурдар (3)
Сай самаан фольк. - хааччаҕа, иэмэ-дьаама суох аһаҕас. Неогороженный и открытый со всех сторон, просторный (напр., о пастбище). "Дьон кыаммата кырата сай самаан сайылыкка, кырыа-хаар кыстыкка Үс хос батталлаах үйэҕэ Үөскээбиппит", - дэһэллэрэ. К. Туйаарыскай // Өйө-дьүүлэ суох, мээнэ (саҥалаах). Необдуманный, безрассудный (о речи). Аныгы киһи баҕадьы сай самаан саҥалаах, уолусханнаах обуннаах буолан, өлө сыстыҥ эбэ, ноко! ПЭК ОНЛЯ I. Ср монг. дьай ‘место, простор, пространство’