Перевод с якутского
хаам
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы изгородь, заграждение для скота, зверей
English walk
1 аат тыл #
Сүөһүнү, кыылы хаайар күрүө, хаһаа
Нууччалыы Изгородь, заграждение для скота, зверей
Сүөһүлэр хотоҥҥо кубулутуллубут хаамнарга тураллар. Далан Куобахтары хаамҥа үүрэн киллэрэн баран, кэбэҕэстик тутан бултаныллар. ТСКБ. Барааннар намыһах күрүөлээх хаамнарыттан хап-хара харахтаах муус-маҥан ньуурдара быгара. Г. Николаева (тылб.)
2 аат тыл #
Өрүс, үрэх уута устар хаата
Нууччалыы Русло реки, речки
Үксүгэр уу олус түргэнник тоҕо анньан, өрүс хаамын да биллэрбэккэ соҕотохто быччас гыннаран кэбиһэр.
Н. ЛугиновУрут оҕонньоттор уу хаамын хамсатар эрдэхтэринэ, ходуһа өрүү чээл күөҕүнэн алла турара хайдахтаах курдук кэрэ, астык көстүү этэй?! Хомус Уйбаан. Үрэхтэрэ хаамыттан таҕыстаҕына, улахан халаан буолар кутталлаах Кыым
3 аат тыл #
Туох эмэ таһынан барбатын, куоппатын курдук хайан, бүөлээн оҥоруу, оннук оҥоһук
Нууччалыы Ограждение, преграда, барьер
Сиэрдийэлэри кэккэлэтэн киэҥ-куоҥ хаам оҥороллор, ону тула тыраахтарынан буор астараллар. Далан Кыһыҥҥы тымныыга ититэр турба тоҥмотун диэн эрбии көөбүлүн кутарга хаптаһынынан хаам оҥороллоро. "Кыым". Ср. монг. гам ‘бережливость; осторожность’