Перевод с якутского
тыас
аат тыл
Нууччалыы звук, шум
English noise
1 аат тыл #
Туох эмэ туохтан эмэ доргуйан ханнык эмэ дорҕоону таһаарыыта, оннук дорҕоон иһиллиитэ
Нууччалыы Звук, шум
Тыаһа суох саба барыйан кэлэр баар үһү (тааб.: түүн). [Көссүө Көөдөкүс] бу олордоҕуна, орон анныгар чаархаан тыаһа хап гынар. Саха фольк Бу кэнниттэн сүрдээх улахан тыас тыаһаабыта: этиҥ этэн лүһүгүрээбитэ.
Суорун ОмоллоонЫраах саа тыаһа иһиллэр С. Ефремов
2 этии #
Нууччалыы Что-то будет, что-то случится (о каком-л. неожиданном событии – букв. возникнет шум). [Эмээхсин:] Үчүгэй олох буолла, куһаҕан тыас эрэ тахсыбатар!
Этиилэр
Тыас тахсыа
туох эмэ буолуо (ханнык эмэ суолталаах түбэлтэни этэргэ) С.
Руфов. [Никандр] кутуруктастаҕына, куһаҕан тыас тахсыахтаах.
А. Кривошапкин
Тыас хомун
тыаһа-ууһа суох тэскилээ, баран хаал (куттанан, туох эмэ куһаҕан буолуоҕун билэн).
соотв. сматывать удочки.
[Булумдьу дьахтар хараҕын уутун тулуйбакка] бэрт түргэнник тыас хомунар: быраһаайдаспакка даҕаны таһырдьа ыстанар. Л. Попов Бу кэнниттэн кини буруйдаах киһи быһыытынан тыас хомуммута, атахха биллэрбитэ. И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Эрдэтинэ, саакка киириэх иннинэ, тыас хомуммут ордук дуу? Ф. Постников
3 этии #
Тыаһы үтүктэр тыллар төхт. көрүҥ. – араас тыаһы-ууһу, саҥаны-иҥэни үтүктэр уларыйбат тыллар Саха тылыгар тыаһы үтүктэр тыллар элбэхтэр. Ср. ДТС тавыш, тавуш, хак. табыс, казах. дауыс, уйг. тавуш ʽголос, звукʼ
Нууччалыы Звукоподражательные слова