ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дорҕоон

аат тыл

Нууччалыы воспринимаемый органом слуха шум, звук

English sound, noise

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Истэр уорган билэр тыаһа, саҥа

Нууччалыы Воспринимаемый органом слуха шум, звук

  • Бииктэр санаатыгар, лыҥкынас дорҕооннор, кыҥкынас кылыһахтар чыычаах буолан көтөр, сибэкки буолан иһиллэр курдуктар.
    Л. Попов
  • Манна мин истэ таалабын Модун, эйэҕэс дорҕоону, Өлүөнэм, эн сүүс ырыаҕын Уонна Алампа хоһоонун.
    С. Данилов
  • Хормуоска оонньуур Дорҕооно үрдээн-намтаан, дьүрүһүйэн, наскыйан, дьиэ иһин чуумпутун үрэйэр
    М. Доҕордуурап

2 аат тыл #

Туох эмэ кимтэн-туохтан эмэ суола-ииһэ, түмүгэ тарҕанан биллиитэ, иһиллиитэ

Нууччалыы Отражение чего-л., обнаруживаемые следы чего-л.; отзвуки, отголоски

  • Ааспыт сэрии дорҕооно сүтэ илик кэмэ этэ. СТБКТ. Чурумчукулар тустарынан Дорҕоон сурах тарҕаммыт. Эллэй. Дьоҥҥо кэпсээйэҕин, дорҕоону оҥороойоҕун
    П. Тобуруокап

3 аат тыл #

тыл үөр. Киһи саҥатын өйдөнөр саамай кыра кэрчигэ

Нууччалыы Членораздельный элемент произносимой речи, звук

  • Дорҕооннору сурукка буукубаларынан бэлиэтиибит. ПНЕ СТ

4 этии #

Нууччалыы Ротовой (нелабиализованный) гласный звук (напр., а, э, и)

Этиилэр

Айах аһаҕас дорҕооно

уос кыттыгаһа суох айаҕынан эрэ этиллэр аһаҕас дорҕоон (хол.

  • , а, э, и) Уос аһаҕас дорҕооно у кэнниттэн айах аһаҕас дорҕооно а кэлэр. ПНЕ СТ. Биһиги матырыйаалларбытыгар мантан ураты уос уонна айах аһаҕас дорҕооннорун аралдьыһыылара эмиэ бааллар.
    ВМС СДО

Аһаҕас дорҕоон

тыҥаттан тахсар салгын айах иһигэр ханнык да мэһэйдэри көрсүбэккэ ааһарыттан үөскүүр дорҕоон (хол., а, о, у).

Гласный звук (напр., а, о, у).

  • Аһаҕас дорҕооннор бары куоластаах буолаллар. ПНЕ СТ. Аһаҕас дорҕооннор уос кыттарынан эбэтэр кыттыбатынан икки аҥы арахсыылара түүр тылларыгар барыларыгар баар.
    ВМС СДО

Аһаҕас дорҕоон дьүөрэлэһиитэ

тыл сүһүөхтэрин аһаҕас дорҕоонноро инники сүһүөх аһаҕас дорҕоонугар сөп түбэһэн наарданан туруулара.

Гармония гласных (сингармонизм).

  • Аһаҕас дорҕоон дьүөрэлэһэр сокуона Саха төрүт тылларыгар уонна сахалыы суруллар киирии тылларга кэһиллибэт.
    ПНЕ СТ

Аһаҕас дорҕооннор силлиһиилэрэ

уһатыылаах аһаҕас дорҕооннор эбэтэр дифтонунан бүтэр туохтуур олоҕор аһаҕас дорҕоонунан саҕаланар сыһыарыы эбиллэригэр аһаҕас дорҕооннор холбоһон биир дорҕооҥҥо кубулуйуулара.

Слияние гласных при аффиксации.

  • Саха тылыгар аһаҕас дорҕооннор силлиһиилэрэ элбэхтик көстөр.

Бүтэй дорҕоон

тыҥаттан тахсар салгын айах иһигэр араас мэһэйдэри туораан ааһарыттан үөскүүр дорҕоон (хол., б, п, к).

Согласный звук (напр., б, п, к).

  • Бүтэй дорҕооннор бары тыастаах буолаллар.
    ПНЕ СТ

Бүтэй дорҕооннор аралдьыһыылара

тыл бүтэй дорҕооно тыл историческай уларыйыытын түмүгэр атын бүтэй дорҕооҥҥо кубулуйуута.

Соответствие согласных, особое соотношение согласных звуков, обусловленное действовавшими и действующими в языке фонетическими закономерностями.

  • Говордарга бэлиэтэнэр бүтэй дорҕооннор араас аралдьыһыылара сороҕор саха тылын бу ураты дьылҕатыттан тоҥустуу-маньчжурдуу уонна монголлуу тыллар сабыдыалларыттан төрүттээхтэр.
    ВМС СДО

Быыһылыыр бүтэй дорҕоон

саҥа уорганнара ыксар быыстарынан салгын сыыйыллан тахсарыттан үөскүүр бүтэй дорҕоон (хол., х...).

Щелевой согласный звук, образуемый трением воздуха в узком проходе между сближенными органами речи (напр., х...).

  • Түүр тылыгар тарҕаммыт төлөрүйэр тылчаан бүтэй дорҕооно к саха тылыгар уларыйан быыһылыыр бүтэй дорҕоону х-ны биэрбит.
    ВМС СДО

Пааралаһар бүтэй дорҕоон

куолас кыттыгастааҕынан эбэтэр кыттыгаһа суоҕунан араастаһар бүтэй дорҕооннор (хол., к-г...).

Парные согласные – звуки, противопоставляемые по признаку звонкости или глухости (напр., к-г...).

  • Тыл пуормата уларыйыытыгар пааралаһар бүтэй дорҕооннор солбуйсаллар.
    ПНЕ СТ

Хоһулаһар бүтэй дорҕоон

хат этиллэр бүтэй дорҕоон (сурукка икки буукубанан бэлиэтэнэр хол., нн...).

Удвоенный согласный.

  • Звук, образованный посредством удвоения двух одинаковых фонем (в якутской графике обозначается двумя буквами напр., нн...).

Ньиргиэрэ суох бүтэй дорҕооннор

бары хоһулаһар бүтэй дорҕооннор.

  • ПНЕ СТ

«Д» буукуба