Перевод с якутского
саҥа
даҕааһын, аат тыл, сыһыат
Нууччалыы голос человека, а также его крик или речь
English new
Ис хоһооно · 15
1 аат тыл #
Киһи куолаһынан таһаарар дорҕооно, хаһыыта эбэтэр этэр тыллара
Нууччалыы Голос человека, а также его крик или речь
Дьон саҥата иһиллэр. Саҥатын ис хоһооно иһиллибэт. Хаҥас диэки ыраах оҕолор саҥалара, күлсэллэрэ иһиллэр А. Софронов Кыыл-сүөһү, көтөр-сүүрэр куолаһынан таһаарар дорҕооно, ону тэҥэ сорох үөн-көйүүр (кумаар, сахсырҕа) саҥарар курдук көтөр тыаһа. Θ Звуки, издаваемые животными, птицами, а также некоторыми летающими насекомыми (комаром, мухой) при помощи крыльев в полёте. Чыычаах саҥата. Сахсырҕа саҥата сааҕынас. Кумаар саҥата утуппата.
Өссө холобурдар (2)
Ойуур иһиттэн ынаҕын ыҥыранар саҥата иһиллэр. Н. Якутскай Били киһи тохтоон, -- үөһэнэн халыгыраһа хаҥкынаһан ааһар үөр хаас саҥатын иһиллээн турда П. Филиппов
2 аат тыл #
Хайа эмэ киһи эбэтэр бөлөх дьон саҥаларын ураты быһыыта, майгына
Нууччалыы Своеобразное произношение, особенности речи; говор
Халымалар саҥалара туспатык иһиллэр
3 аат тыл #
Ким эмэ тугу эмэ гыммытын буруйдаан кэпсэтии, тыл-өс таһаарыы
Нууччалыы Разговоры, толки, пересуды о чьём-л. поступке, поведении
Үүнэн турар маһы мээнэ алдьатымаҥ, саҥа буола сылдьыа
4 этии #
Нууччалыы Непроизвольно сказать, воскликнуть
Этиилэр
Иһиттэн саҥата тахсыбат көр ис IV
Мин Ааныкам өлөн, бэйэм да испиттэн саҥам тахсыбат буола сылдьар. Эрилик Эристиин. Начаалыстыба мөхтөҕүнэ, буруйдаах буоллаххына, -- мэктиэтигэр, искиттэн саҥаҥ тахсыбат буолар. И. Никифоров. Саҥа аллай - эмискэ туох эмэ саҥата таһаар, тугу эмэ быстах саҥар "Пахай!" - диэн Ньукуу улаханнык саҥа аллайда. "ХС". "Һэ, доҕоор! Эһиги билсэр эбиккит дуу?" - Гаврил Иванович саҥа аллайда. С. Никифоров. Саҥа бөҕө кэпс. – ким эмэ туох эмэ туһугар кими эмэ улаханнык мөҕөр, сэмэлиир.
Возмущение, негодование вслух кого-л. по какому-л. поводу.
Бүтүн нэдиэлэ хонуга сырыыптанна диэн управляющайыҥ саҥа бөҕө үһү. "Кыым".
Саҥаҕыттан мат көр мат
Үөрэ-көтө олорбут дьон курус гына түстүлэр. Бары саҥаларыттан маттылар. АДП КБ. Саҥата суох бар кэпс. - мөккүөргэ хотторон, утарсыбат киһиҥ буойбутуттан эбэтэр туохтан эмэ соһуйан, саҥара олорон саҥата суох буол, ханнан хаал.
Остаться без слов (от неожиданности, от возмущения).
Киһи эрэ буоллар уолуйан саҥата суох барда. Н. Неустроев Саҥата суох ыыт кэпс. - киһини, тугу да булан салгыы саҥарбат, мөккүспэт курдук баһыйа эт. Лишить дара речи, не дать возможности ответить, заставить замолчать кого-л. Саха омук саамай бэттэрин саҥата суох ыытар сайаҕас-сайдам санаалаах. Өксөкүлээх Өлөксөй
5 этии #
Нууччалыы Неизменяемые слова, служащие для выражения чувств и волевых побуждений, междометие. [Этиилэртэн] саҥа аллайыыны булан, туох суолталааҕын толкуйдааҥ
Этиилэр
Ойоҕос саҥа көр ойоҕос
Саҥа аллайыы тыл үөр. - араас иэйиини уонна ис туругу биллэрэргэ туттуллар уларыйбат тыллары (хол., оо, тыый, ычча) үөрэтэр саҥа чааһа ННН СТ- 7. Саҥа чаастара тыл үөр. - тыллар суолталарынан, грамматическай бэлиэлэринэн уонна этиигэ туттуллууларынан араарыллар бөлөхтөрө.
Разряды слов, различаемые по лексическим значениям, морфологическим признакам и синтаксической функции, части речи.
Көмө саҥа чаастарын хатылааҥ. ННН СТ- 7. Сирэй саҥа тыл үөр. - этиигэ туора киһи саҥата уларытыыта суох хайдах этиллибитинэн бэриллибитэ. Чужая речь, переданная без изменений от лица говорящего. "Чэ, кэпсээ, эмээхсин, утуйааччы утуйдун, истээччи иһиттин", - диэтэ Сөдүөччүйэ. Амма Аччыгыйа Сирэй саҥаны куоласкытын уларытан, арааран этиҥ. ПНЕ СТ- 5. Ср. др. -тюрк. йаҥҕу ‘шум, шорох, эхо’
6 даҕааһын #
э, курсуйа, туттулла илик, чээл бэйэтинэн сылдьар; соторутааҕыта баар буолбут, оҥоһуллубут
Нууччалыы Не утративший своей свежести, вновь изготовленный, приготовленный
Саҥа таҥас. Саҥа дьиэ. Икки сабыс-саҥа бинчиэстэр саа оһох аттыгар олорор киһи кэннинэн сиргэ сыталлар. Н. Якутскай Сөрүүн түүн салгыныгар Саҥа бурдук сыта саба биэрэн ааһар. С. Васильев
Өссө холобурдар (7)
Норуот хонтуруоллааччылара саҥа күүһүнэн, саҥа тэтиминэн актыыбынайдык үлэлииллэригэр бары усулуобуйаны тэрийиэххэ Кыым Күн саҥа тахсан эрэр. Саҥа кэлбит дьон туспа олордулар. Оҕотун саҥа киллэрбит чөркөөкү, от саҕатыгар ньыкыйан олорон иһиллээмэхтээт, -- өлөҥ быыһыгар киирэн хаалла. И. Гоголев Дьэ бу буолан мин Бүлүүнү быйыл саҥа көрдүм
Суорун ОмоллоонСаҥаны ылыныы. Саҥаны арыйыы. Норуот тугу эрэ саҥаны, кини олоҕор туһалааҕы көһүтэр. Н. Якутскай Онно да эрэсиэптэри саҥардан суруйтаран, дийиэтэни тутус диэнтэн ураты саҥаны тугу да эппэтэхтэрэ. Софр Данилов
7 даҕааһын #
Урут суох, биллэ илик, бу кэлин көстүбүт эбэтэр кэлбит, сонун
Нууччалыы Ранее неизвестный, вновь изобретённый, найденный или возникший, появившийся вновь
Үлэ саҥа ньымалара. Ити күнтэн ыла Никита баччааҥҥа диэри уу чуумпутук устан испит олоҕор саҥа сүүрээн сайа охсон киирбитэ.
Н. ЛугиновЫнах ыамын элбэтэргэ саҥа суолу-ииһи көрдөөбүттэрэ. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
[Маайыс:] Эн кырдьык саҥа киһигин, биһиги холкуоспут олоҕун ымпыгын-чымпыгын билэ илигиҥ буолуо С. Ефремов Ый саҥата. Сыл саҥата. [Чаҕылҕан] "Чаҕылҕан уоттара" диэн маҥнайгы кинигэтэ уон аҕыс саастааҕар 1933 сыл саҥатыгар бэчээттэммитэ. Софр. Данилов. Алтынньы саҥата этэ. Күн сардаҥата хаартан тэйэн чаҕылыйа оонньуура И. Федосеев
8 даҕааһын #
Эргиллэр кэмигэр хат көстүбүт (күнү, ыйы этэргэ)
Нууччалыы Вновь появившийся, вновь начинающий период своего обращения (о солнце, луне)
Саҥа ый тахсыбыт. Сарсын үөрэ көрдүн Сандал саҥа күммүт Күннүк Уурастыырап
9 даҕааһын #
Кэлин хаттаан, уларытыллан оҥоһуллубут
Нууччалыы Выполненный заново, новый
Үлэ саҥа суруллуута. Кинигэ саҥа тахсыыта
10 сыһыат #
Уруккуттан буолбатах, субу саҕалаан, билигин эрэ; аан бастаан
Нууччалыы Только начиная что-л., приступая к чему-л.; только, только что, впервые, в первый раз
11 сыһыат #
саҥалыы 2 диэн курдук. Дьиэбит муостатын ыһан, саҥа оҥорууһубут. Буор түҥэтиги быйыл саҥа ыытыаҕыҥ. М. Доҕордуурап
12 аат тыл #
Туох эмэ урут биллибэтэх, бу кэлин, билигин көстүбүт, үөдүйбүт
Нууччалыы То, что появилось вновь, возникло только что; новое
13 аат тыл #
Ый, сыл, үйэ диэн курдук кэми бэлиэтиир тыллары кытта тардыы пуорматыгар ситимнэһэн, этиллэр кэм саҕаланыытын, бастакы өттүн көрдөрөр
Нууччалыы Сочетаясь со словами ый "месяц", сыл "год", үйэ "век", обозначающими разные промежутки времени, указывает на начало, начальный период называемого времени
14 этии #
Нууччалыы Открывать (вписывать) новую страницу в чём-л. (во что-л.)
Этиилэр
Саҥа страницаны арый (суруй)
- туохха эмэ улахан уларыйыыны, саҥалыы саҕалааһыны киллэр (саҥаны оҥор) Саҥа сири булан Аҕа дойду наукатын байытар, Арктика историятыгар саҥа страницаны арыйар баҕа кинилэр сүрэхтэрин үүйэ тутара.
"ХС".
Саҥа (саҥалыы) хараҕынан көр (одуулас) калька
- тугу эмэ урукку үөрүйэххиттэн уларыйан атыннык өйдөө.
Смотреть на что-л. по-новому (букв. смотреть новыми глазами).
Барытыгар Николай Соня аттыттан арахсыбат, букатын саҥа хараҕынан кинини одуулаһа сылдьар. Л. Толстой (тылб.)
15 этии #
Саҥаны айыы - хайа эмэ салааҕа үлэ бастаан иһэр саҥа ньымаларын булан киллэрии Күннүк Уурастыырап литератураҕа үтүө үгэс уонна саҥаны айыы бэйэ-бэйэлэригэр утарсыбаттарын -- тоһоҕолоон бэлиэтиир. "ХС".
Нууччалыы Открытие и внедрение новых, прогрессивных методов работы в какой-л. области деятельности, новаторство
Этиилэр
Саҥа дьыл көр дьыл
Саҥа дьыл бырааһынньыгын кэнниттэн тута Сэргэлээх кыһыҥҥы сиэссийэҕэ бэлэмнэнии түбүгэр түстэ.
Н. ЛугиновДр. -тюрк. йаҥы, тюрк. яҥа, сене, чаҥа, янгы, жаҥа монг. цаҥги, бур. шэнэ