Перевод с якутского
саҥалыы
сыһыат, даҕааһын
Нууччалыы по-новому, по-современному
1 сыһыат #
Саҥанан сирдэтэн, аныгылыы
Нууччалыы По-новому, по-современному
Бөһүөлэк ыаллара дьиэлэрин-уоттарын бары саҥалыы тэринэн олороллор. Көмүс ханнык баҕарар былааска наада. Көмүһү саҥа былаас саҥалыы туттуо И. Гоголев Саҥаны булан, саҥа ньыманан. Θ Новым способом, по-новому (решить, сделать что-л.). [Миша] биирдэ, бэл, хаһан да аахпатах теорематын бэйэтэ адьас саҥалыы дакаастаан турардаах
Н. Лугинов
2 сыһыат #
Уруккутуттан уларытан, көннөрөр, тупсарар курдук хаттаан
Нууччалыы По-новому, заново, снова. [Бырайыагы] саҥалыы оҥор, сүбэлэтиэм диэн санааҕа сигэммэккэ эрэ
Эн миигиннээҕэр эдэргин, төрүт саҥалыы да олорор кыахтааххын. И. Гоголев Социальнай олох-дьаһах тутууларын саҥалыы туттахха эрэ сатанар Кыым Саҥалыы олох.
Өссө холобурдар (3)
Сайдыылаах, үүнүүлээх хотугу кыраайы, Сааскы күн уоттарын сардаҥа күлүмүн, Сарбынньах сэбирдэх тэлимниир сиккиэрин Саҥалыы хоһоонноох ырыабар тиспитим. Күннүк Уурастыырап Саҥалыы былааннаах, уунан ититиллэр, ып-ыраас, сабыс-саҥа, кип-киэҥ дьиэ. Ф. Софронов Маалыкай бөһүөлэгэ тупсарыллыбыт дьиэлэрдээх, саҥалыы тииптээх бөһүөлэк буолбута Кыым
3 даҕааһын #
суолт. Саҥаны ылыммыт, аныгылыы оҥоһуулаах
Нууччалыы Устроенный, сделанный по-новому, по-современному; новый