ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

саҥатык

даҕааһын

Нууччалыы ещё не совсем старый, довольно новый

I

1 даҕааһын #

Улаханнык эргэрэ илик, саҥа соҕус

Нууччалыы Ещё не совсем старый, довольно новый

  • Иннигэр күүлэлээх, ойоҕоһугар чуулааннаах саҥатык дьиэҕэ тиийэн кэллибит.
    Амма Аччыгыйа
  • Адарай ороҥҥо саҥатык таптаах кус түүтэ бэриинэ, сыттык, баата суорҕан -- хомуллубут.
    М. Доҕордуурап
  • Саҥатык киис бэргэһэтин өрө анньа-анньа, тыл кыбытан хатан куолаһа чаҕааран иһилиннэ
    Г. Нынныров
II

2 #

Уруккуттан атыннык, сонуннук, саҥалыы

Нууччалыы По-новому, свежо, иначе чем раньше

  • Хаһыат эргэ сонунун саҥатык истибит үөрүүтүттэн кини ортолуу холуочук киһиэхэ маарыннаабыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Ханнык да улуу -- саҥа суолу солооһун халлаантан түспэтин, кини норуот ааспыт култууратын саҥатык салҕаан сайыннарыы буоларын Ойуунускай курдук новатор бэйиэт тус бэйэтин айымньыта ырылыччы көрдөрөр.
    С. Данилов
  • Ира кыыс этэринэн, саас сыл аайы саҥатык, тус-туһунаннык киэргэнэн, таҥнан-симэнэн кэлэр.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Сайын аайы ходуһабар Күөх от-мас ордук көҕөрөн иһэр, Оннооҕор кугас кумаар Тыҥкыныыра саҥатык иһиллэр
    В. Сивцев

«С» буукуба