ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хаал

туохтуур

Нууччалыы делать постоянно; продолжать делать

English to do something consistently or continuously, to keep or end up doing something

Ис хоһооно · 16

1 туохтуур #

Нууччалыы делать постоянно; продолжать делать

English to do something consistently or continuously, to keep or end up doing something

  • уот умайан хаалла
    огонь всё горелthe fire kept burning

2 туохтуур #

Баар сиргиттэн барыма, оннугуттан хамсаама

Нууччалыы Оставаться на месте пребывания, нахождения

  • Хаалбыт дьон маҥнайгы киэһэлэрин олус хобдохтук саҕалаабыттара.
    Амма Аччыгыйа
  • Чүөчээски баран иһэн ытын: "Хаал, сыт, билигин кэлиэм", – диэбитэ.
    Суорун Омоллоон
  • Абдуркулла уола хаалбыт ыстаансыйатыгар тиийэ охсуон баҕарар.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (4)
  • Холкуоска оҕолору, дьахталлары кытта аҥаардас кырдьаҕастар эрэ хаалбыттар
    Т. Сметанин
  • Ньыыкан таһырдьа ыстанна, кэнниттэн кыра ыт кутуруга сырбас гынан хаалла.
    Болот Боотур
  • Олбуор ортотун диэки ырыа былаастаах хаһыы дуорайан ыла-ыла, мэлийэн хаалар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Аҕам бу кэмҥэ олохтоох өйө-санаата букатын бутуллан, көтөн хаалла быһыылаах
    А. Сыромятникова

3 туохтуур #

Ханна эмэ атын сиргэ баар буол (хол., ким эмэ хаалларбыта)

Нууччалыы Быть оставленным, забытым кем-л. где-л. (о чём-л.)

  • Төлөпүөнэ дьиэтигэр хаалбыт.
  • Орон үрдүгэр дьахтар аҕалбыт быдарааҕа хаалбыт.
    Н. Неустроев
  • Ол дьон оҥорбут испииһэктэрэ ыстаапка хаалбыта көстүбүт.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
  • Алыы саҕатыгар ыт ойута тарпыт элбэх түүтэ хаалбыт
    Т. Сметанин
  • Ыраатыахпытыгар диэри кинилэр далбаатыы хааллылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин ыраах атын сиргэ сылдьар буоламмын, эһиэхэ кыайан көмөлөспөккө хааллым. Бэс Дьарааһын. Сүүрбэ тоҕус хонук биллибэккэ хаалла
    Дьүөгэ Ааныстыырап

4 туохтуур #

Туттуллубут, көҕүрээбит кэннэ ордон баар буол, орт

Нууччалыы Оказаться в наличии, быть в остатке, остаться

  • Дьэдьэн ыаҕайа түгэҕэр хаалбыт. Харчыта аҕыс эрэ мөһөөх хаалбыт.
  • Киһитэ хаалаах испиискэтин, төһө хаалбыт эбит диэбиттии, балай да өр халыгыратан иһиллээтэ.
    А. Софронов
  • Мастар сайыҥҥы киэргэллэриттэн биир эмэ сэбирдэх-мутукча хаалбытын тымныы тыал турута сынньан, тэлимнэтэ көтүтэр.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)

5 туохтуур #

Бииргэ баран иһэн кими, тугу эмэ кыайан ситимэ, онтон ыраах буол

Нууччалыы Отставать от кого-чего-л., двигаясь в одном направлении

  • Хаалан испит табалар ол кэмҥэ, үөр курупааскы курдук өрө туманнаан, дьоҥҥо чугаһаан истилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • "Аны дьоммуттан хаалыам", – диэн өй көтөн түстэ.
    Суорун Омоллоон
  • Тайах сүүрүккэ оҕустаран улам атан, хаалан, нөҥүө кытылы былдьаһан муоһа хороҥнуу турда
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (4)
  • Ирдэниллэр, сөптөөх таһымтан намыһах буол. Θ Отставать от кого-л. в чём-л., делая что-л. одно, оставаться позади. Сүөһү иитиитигэр биһигиттэн хаалан иһэллэрэ, быйыл кинилэр бастыах курдуктар.
    С. Ефремов
  • Биллэн турар, хаалан иһэр өйдөөх-санаалаах биирдиилээн эдэр дьон бааллар
    С. Никифоров
  • Намыһах билиилээх буолан, кылааскын тахсыбакка, иккис сылгын үөрэнэр буол. Θ Остаться на второй год (напр., в классе). Уол үөрэҕэр мөлтөх буолан, кылааһыгар иккис сылын хаалбыта.
    ХС
  • Урут үөрэхтэригэр хаалбыт оҕолору үөрэттэрэ-үөрэттэрэ, тыраахтарга, хамбаайыҥҥа олордо сатыыбыт
    Чолбон

6 туохтуур #

Ханнык эмэ кэмҥэ, кэрдиискэ төһөнөн эрэ тиийимэ (хол., кэм, кээмэй туһунан)

Нууччалыы Оставаться в каком-л. количестве до достижения какого-л. предела (напр., о времени, величине)

  • Бөһүөлэккэ тиийиэ икки көс курдук сир хаалтын кэннэ, икки ыта сэниэлэрэ быстан, соһуллан хаалаллар.
    Н. Якутскай
  • Саҥа анаммыт учууталлара алтынньы бастакы күнүгэр кэлэр үһү, аны сэттэ хонук хаалла.
    Суорун Омоллоон
  • Аҕыс буолуо аҕыйах мүнүүтэ хаалбытын кэннэ Миша айалаан-дьойолоон түөһүллэн турар
    Н. Лугинов

7 туохтуур #

Олоххо киирбэккэ хаал, туолума

Нууччалыы Оставаться неисполненным, неосуществлённым

  • Мин эдэрбэр манна үрдүк үөрэх оскуолата суоҕа, ол иһин төһө эмэ баҕарбытым иһин, үөрэнэр ыра санаам таах хаалбыта.
    Н. Заболоцкай
  • Били балаҕанын маһын таһыыта букатын хааларыгар тиийдэ.
    Д. Таас
  • Бу ыйга ылыныллыбыт былаан туолбата, хаалар буолла
    Кыым

8 туохтуур #

Туһаҕа турума, туһалаама

Нууччалыы Терять свою пригодность, полезность. [Степанида:] Ол Марыысалаах бэлэхтэрэ, баар хаалыа суоҕа

  • Мин да санаабар манньалыыра сөп, искэ киирдэххэ, харчы хаалыа үһү дуо?
    М. Доҕордуурап
  • Саҥа охсуллубут от туох да буолуо суоҕа, икки-үс күн хаппыт от, хата, ол хаалыа
    С. Маисов
  • Туһаттан таҕыс, туһата суох буол. Θ Выйти из употребления, стать ненужным. Хаар бөҕө түһэн эрэр да, сир ириэнэх буолан уулла турар, этэрбэһим хаалла.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (2)

9 туохтуур #

Ханнык эмэ быһыыга-майгыга түбэс, хайдах эрэ балаһыанньалаах буол

Нууччалыы Оказаться в каком-л. положении, попасть в какую-л. ситуацию

  • Харчыта суох хаал.
  • Тогойкин суоҕа, кини соҕотох хаалбыта олус куһаҕан эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Кыра оҕолордоох хаалбыт дьахтар эрэйдээх, кырдьык да онтон атыннык хайдах саныа этэй? Софр. Данилов. Бэйэҥ даҕаны истэриҥ буолуо, тулаайах хаалан, хараҥа батталга үөскээбит киһибин
    Эрилик Эристиин

10 туохтуур #

Уруккуҥ курдук буол, уруккугуттан уларыйыма, оннугар хаал

Нууччалыы Продолжать оставаться без изменений, не подвергаться перемене

  • Урукку үлэтигэр хаалбыт.
  • Билигин даҕаны, мин бэйэлээх орто ыал ахсааныгар хааларым буоллар, си-дьүгээр буолуом суох этэ.
    П. Ойуунускай
  • Баайдар сокуон халбаҥнаабакка бэйэтинэн хаалыан төлкөлөөн, тыл тарҕатан, дьон өйүн-санаатын тууйа сатыыллара.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (7)
  • Кырдьаҕастара этэҥҥэ сылдьарын, бэйэтин көрүнэрин, ырыата хаалбатын сөҕүү-махтайыы, үөрүү-көтүү буолла
    Кыым
  • Умнуллан бар, умнулун, суох буол. Θ Быть забытым, забываться. [Уолаттар:] Чэ, кэбис, урукку өспүт-сааспыт хааллын, аны доҕордуу-атастыы буолуохпут.
    Суорун Омоллоон
  • Төһө да таһылыннарбын, мин бултуох санаам хаалбатаҕа.
    Эрилик Эристиин
  • Сөп, эн ол көмүһү ылаҕын, мин бэйэм өлүүбүн эмиэ, ол кэнниттэн урукку иирээммит хаалар
    С. Ефремов
  • Билиҥҥэ диэри баар буол. Θ Сохраниться (о чём-л.). Кырдьар сааскар диэри дьээбэтинньигиҥ хаалбыт эбит буоллаҕа.
    С. Ефремов
  • Кирилл Васильевичка кини хаартыскаҕа түспүт мичээрэ эрэ хаалбыт.
    Н. Габышев
  • Кини өйүгэр-санаатыгар биир өрөгөйдөөх, үөрүүлээх санаа хаалбыт
    Чолбон

11 туохтуур #

Уу-хаар тахсан, сырыы-айан суох буолар туруктан (хол., сааскы суолу-ииһи этэргэ)

Нууччалыы Стать хуже, испортиться, ухудшиться (напр., о весенней дороге)

  • Уу-хаар быллыгыраччы таҕыста, суол-иис хаалара тирээтэ, Сергучёв дойдутугар сарсын барардыы бэлэмнэннэ.
    И. Никифоров
  • Хаппытыаннаах Мэхээлэ сыарҕа сырыыта хаалара чугаһаабытын кэннэ, куораттан тахсан отучча көс сири түһэллэрэ сыралаах айан буолла.
    А. Сыромятникова
  • Александр Иванович, билигин, бу суол хаалан эрдэҕинэ хас биир чаас күндү
    Хоро Бүөтүр

12 туохтуур #

көмө туохт. суолт

13 туохтуур #

ан сыһыат туохтууру кытта ситимнэһэн хайааһын бүтэһиктээхтик, булгуччулаахтык оҥоһулларын көрдөрөр

Нууччалыы В сочетании с деепричастием на -ан обозначает законченность, завершённость действия

14 туохтуур #

а, -ыы, -бакка сыһыат туохтуурдары кытта ситимнэһэн хайааһын ситэтэ суохтук оҥоһулларын көрдөрөр

Нууччалыы В сочетании с деепричастиями на -а, -ыы, -бакка обозначает незаконченность, незавершённость действия

15 этии #

Нууччалыы Находиться на последнем издыхании, быть при смерти

Этиилэр

Баҕалыы сыылын (сыылан хаал) көр баҕалыы

  • Аҕалара атаҕын өлөрөн, от үлэтин үгэнигэр баҕалыы сыылан хаалбыта. "Кыым".

Баҕарахтыы сыылан хаал көр баҕарахтыы

  • Балыыһаҕа баҕарахтыы сыылан хаалбыт киһини аҕалбыттара. таммах хаан хаалыар диэри көр таммах. Арамаан чугуйары сөбүлээбэт, этэргэ дылы, таммах хаан хаалыар диэри инники кимэр санаалаах.
    С. Федотов

Быарынан хаалар көр быар

  • Булчут үүтээнигэр быарынан хааллар да, ыта баар буолан соҕотохсуйбата. "Кыым". Быһа охсубут быһаҕаһа, хайа охсубут аҥаара хаалбыт (ордубут, буолбут) көр быһа I. Эмээхсин эрэйдээх быһа охсубут быһаҕаһа, хайа охсубут аҥаара хаалаахтаабыт.

Бэйэтэ да билбэккэ (өйдөөбөккө) хаалла көр бэйэ

  • Ыстапаан этин атыылаһарыгар төһө өр мачайдана сылдьыбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла.
    А. Софронов
  • Оҕонньор хайдах ойон турбутун бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Онтон эмискэ: "Пахай, аата бытархайын!" – диэбитин бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалбыта.
    ХС

Илиитин (ытыһын) сотунна (соттон хаалла) көр илии

  • Туһахтарын кэрийэн, соһутан элбэҕи ылыах буолбут дьон, ытыстарын соттон хааллылар, икки туһахтарын куобах булгутан, соһон кэбиспит.
    Н. Босиков
  • Бырдаахап хас да киһини ыҥыртаран сураҕалаһан көрдө да, ытыһын соттон хаалла.
    Н. Борисов
Өссө холобурдар (1)
  • Инньэ гынан иккис да миэстэттэн илиитин соттон хаалла. "Сахаада".

Илиитэ (ытыһа) уот тымтан (аһыйан) хаалла көр илии

  • Уол ураҕаһын былдьатан, илиитэ уот тымтан хаалла.

Иэскэ хаалыма көр иэс

  • Уол аргыһын кытта дьээбэлэһэн ылла, иэскэ хаалбата.

Киһи санаата хаалыа суох курдук көр санаа II

  • Быйыл уу ылар ходуһаларыттан оту син ылыыһылар, кэбис, киһи санаата хаалыа суох курдук.
    ХС

Кулгааҕа эрэ истэн хаалла көр кулгаах

  • "Бай!" – диэн хаһыытаабыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалла.
    Суорун Омоллоон
  • "Мин аҕабын көрдүҥ дуо?" – диэн ыйытан "чап" гыннарбыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалла. "Чолбон".

Кулгаах хаалыа, муос үүнүө көр кулгаах

  • Кулгаах хаалыа, муос үүнүө диэн баран, түһүнэн кэбис.

Кумааҕыга хаал (баар) көр кумааҕы

  • Ити боппуруос кумааҕыга эрэ хаалыа суох тустаах. Билиҥҥи туругунан ол былаан кумааҕыга эрэ баар.
  • Тэрийэр үлэ суоҕуттан, хайа да бэйэлээх уураах кураанах кумааҕыга эрэ хаалыаҕа. Ленин с.

Кураанаҕы кууһан (хаал, тур) көр кураанах

  • "Холооннооҕун" куоттаран, Кураанаҕы кууһан туран, Хобдох күтүөт аатырда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ити курдук, төһө эмэ үлэни үлэлээн бараҥҥын, кураанаҕы кууһан хаалаҕын.
    М. Попов

Күлгэ үҥкүрүйэн хаалла көр күл II

  • Ол саҕана тиийиммэт-түгэммэт дьон күлгэ үҥкүрүйэн хаалаллар этэ.
  • Күлгэ үҥкүрүйэн хаалбыт дьоҥҥо көмө наада буолбут. "Чолбон".

Күлү ытыста (ытыһан хаалла) көр күл II

  • Өлбүгэ үллэстиитигэр сорохтор күлү ытыһан хаалбыттар.

Кыл тыына эрэ хаалбыт

өлөрө чугаһаабыт, тыыннаах эрэ сытар Кыл тыына эрэ хаалбыт киһини наһыылкаҕа тиэйэн госпиталга аҕалбыттара.

  • ССС.

Ол-бу буолан хаалыа көр ол-бу

  • Кэбис, киһилэрэ аны ол-бу буолан хаалыа.

Онно оҥойбут (оҥойон хаалбыт) көр оҥой

Оҕолор үлэлээн бүтээт, сөтүөлүү ыстаммыттар, оннулара эрэ оҥойон хаалбыт. Оннун эрэ көрөн хаал кэпс. – биирдэ туга да суох буолан хаал, туоххуттан эмэ мат.

Внезапно остаться ни с чем, лишиться чего-л.

Өйө көтөр (көтөн хаалар) көр өй

Наадалаахха кэлэн өйө көтөн хаалла. Өтөҕө төҥүргэһэ суох, сурда кэриэһэ суох хаалла – оҕото-уруута, кэннигэр хаалар, тэнитэр-ууһатар ыччата суох хаалла.

Остаться без продолжателя рода, потомков.

  • Соҕотох уолун сэриигэ былдьатан, өтөҕө төҥүргэһэ суох, сурда кэриэһэ суох хаалаахтаабыта. Күрүлгэн.

Сиргэ (сиргэ-буорга) хаал көр сир II

  • Күн улуустара бары көмүскүөхтэрэ, мин этэр тылым сиргэ-буорга хаалыа суоҕа. Ньургун Боотур. Истиҥ-иһирэх тыллара, Кэриэс-хомуруос этиитэ Сиргэ-буорга хаалбата.
    С. Зверев
  • Мин тылым сиргэ хаалыа суохтаах. Бэс Дьарааһын.

Соһуллан хаалла көр соһулун

  • Кыыс сылайан, киэһэнэн төрүт соһуллан хаалла.

Сытан хаал көр сыт II

  • Киһилэрэ сүрэҕинэн моһуогуран, төрүт сытан хаалбыт.

Таастыы сүт (сүтэн хаал)

ууга тааһы бырахпыттыы сүт (сүтэн хаал) диэн курдук (көр уу I).

  • Бандьыыттара сураҕа суох таастыы сүтэн хаалбыта.

Таҥара умнуутугар хаалбыт көр таҥара

  • Сорох сорудах ылыныллан баран, толорор саҕана таҥара умнуутугар хаалбыт.

Тиҥилэҕэ харааран хаалла (тилэҕэ хараарда) көр тиҥилэх

  • Уол илдьити этээри тиҥилэҕэ харааран хаалла.

Тула сүүрэн хаал көр тула

  • Бу түгэҥҥэ уол ыксалыттан тула сүүрэн хаалла.

Тула эргийэн хаал көр тула

  • Ол кэмҥэ ийэлэрэ оҕолорунаан соҕотох тула эргийэн хаалбыта. Күрүлгэн.

Турар бэйэтинэн хаалла көр тур

  • Халаан уутуттан сорох ыал турар бэйэлэринэн хаалбыттара.

Туттумахтаан (туттумахтаһан) хаал көр туттумахтаа

  • Кураан күннэргэ от үлэтигэр туттумахтаһан хаалыахха наада. "Чолбон".

Уҥуохтаах тириитэ хаалбыт көр тирии

  • [Хартыынаҕа] уҥуохтаах тириитэ хаалбыт кырдьаҕас оҕонньор тайаҕар өйөнөн, суос-соҕотоҕун санньыйан турар этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Билигин кырдьан, омурдун этэ уолан ити уҥуохтаах тириитэ хаалаахтаатаҕа.
    Д. Очинскай

Хаалары тыллас

солуута суоҕу саҥар, кураанаҕы тыллас.

Говорить ерунду, болтать впустую, пороть чепуху.

  • Кэбис, ийээ, хаалары тыллаһыма, ити киһи улаатыар диэри хара тураах маҥхайар ини.
    Н. Лугинов
  • Хаалары тыллаһыма, эмээхсиэн, улахан үлэҕэ сылдьар дьон мээр былдьаһыкка сырыттахтара. "Чолбон". Кэбис, хаалары тыллаһыма, оннук үлүгэр буорайа, мөлтүү иликкин.
    ХС

Хааман хаал көр хаамп

  • Ол киһи, сураҕа, хаартыга сүүйтэрэн хааман хаалбыт үһү.

Хааппыла хаан хаалыар диэри

таммах хаан хаалыар диэри диэн курдук (көр таммах).

  • Хааппыла хааныҥ Хаалыар диэри, Саһархай харах Сабыллыар диэри Бокуйар кулут Буолумаар, сэгээр! Эллэй. Өстөөҕү кыайар туһугар хааппыла хаан хаалыар диэри охсуһаллара. "Кыым".

Хаары ытыс (ытыһан хаал) көр хаар

  • [Боккуо:] Биһиги сааспыт тухары хамначчыт буолан баран, хаары ытыһан хааллахпыт.
    А. Софронов

Хаҕа эрэ хаалбыт көр хах

  • Оту да охсорум, бурдугу да быспахтаһарым, билигин хаҕым эрэ хааллаҕа эбээт.
    ХС

Хайдар аҥаара хаалбыт көр хайын I

  • Кырдьаҕас ыран-дьүдьэйэн, барахсан, хайдар аҥаара хаалаахтаабыт. Кустук.

Халлааҥҥа хаалла көр халлаан

  • От былаана халлааҥҥа хааларыгар тиийдэ.

Хараҕа эрэ хаалбыт

аһара ыр, дьүдьэй (улахан харахтаах киһини этэргэ).

соотв. остались одни глаза.

  • Эмээхсин эрэйдээх олус дьүдьэйэн хараҕа эрэ хаалбыт.
  • Дьэ, өлөөрү кыл тыыннара, килэгир харахтара эрэ хаалбыт эбит.
    Саха фольк

Харыс хаал

сүөм түс (намтаа) диэн курдук (көр сүөм).

  • Тэһиин тутааччылара харыс хаалбыттар, сүөм түспүттэр, хомойбуттар.
    Саха фольк
  • Эдьиийэ сүөм түһэн, харыс хаалан, Ньукулайга тиийэн эмээхсин эрэйдээх ити тылларын кэпсээбитэ.
    Н. Борисов
Өссө холобурдар (1)
  • Зина бүгүн кини балаататыттан көрдөрөр-харайтарар дьахтара тахсар сураҕын истэн, сүөм түһэн, харыс хаалан сылдьар.
    ХС

Этэн баран хаалар

саҥата суох хаалбат, хайаан да санаатын этэр.

Непременно сказать своё слово (при любом раскладе).

  • "Мин этэн баран хаалар киһибин, оттон кини сүрэҕэ суох!" – Маайа эбии күллэ. "ХС"

16 этии #

Нууччалыы соотв. отстать от жизни

Этиилэр

Ойоҕос быһаҕаһынан хаал көр ойоҕос

  • Дьэ, кыһыылаах суол, уксубут атым Сындыыстан ойоҕос быһаҕаһынан эрэ хааллаҕа үһү.

Олорон хаал көр олор

  • Бэйи, олорон хаалымыахха, тахсан саһааммытын бүтэрэ охсон кэбиһиэххэ.
  • Ыстаанын тобугар бээтинэ олорон хаалбыт. "Чолбон". Олохтон хаал кэпс. – аныгы олох ирдэбилиттэн хаалан ис, сайдыы өттүнэн атыттарга тиийбэт буол Инньэ гымматаҕына кини олохтон хаалыан сөп.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (2)
  • [Адамов:] Ити олохтон хаалбыт, урукку олох дьуоҕатыгар тимирбит киһи тыла.
    А. Фёдоров
  • [Варя:] Дьэ, ити баар уонна сайдыылаах куорат эмээхсинэ олохтон букатын хаалан иһэр диэтэххэ кыыһырыаҥ.
    С. Ефремов

Тирк гынан хаал көр тирк гын

  • Уол суругу ылаат, тирк гынан хаалла.

Улаҕа хаалар кэһии көр кэһии II

  • Маны таһынан, иһит кэһиитэ, ындыы кэһиитэ, улаҕа хаалар кэһии диэн сүөһүнү өлөрөн, этин буһаран дьоҥҥо-сэргэҕэ сиэтэри ааттыыллар. БСИ ЛНКИСО-1938.

Уҥуоҕа хаалбыт

ханна эрэ көмүллүбүт.

Быть похороненным где-л. (букв. кости остались).

  • [Күкүр Уус:] Бу аата уҥуоҕум манна хаалар киһи буоллум.
    Суорун Омоллоон
  • Билигин аҕам: "Уҥуоҕум дойдубар хааллар сөп буолуо этэ, кырыйдым", – диэн таҕыста.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Арассыыйа, Украина уолаттара Ол охсуһууга умсубуттар, Уҥуохтара манна хаалбыт.
    Баал Хабырыыс

Ууга уһун (устан хаал) көр уһун I

  • Ардах бөҕө түһэн, титииктэрэ ууга устан хаалбыта. Күрүлгэн.

Үөрэнэн хаал

тугу эмэ үөрүйэх оҥоһун.

Привыкать к чему-л.

  • Сарсыарда аайы сэрээккэлииргэ үөрэнэн хаалбыт. Убайбын кытта сылдьа үөрэнэн хаалбыппын. ДТС хал, тюрк. кал

«Х» буукуба