Перевод с якутского
тиҥилэх
аат тыл
Нууччалыы задняя часть ступни, пята
English claw
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Киһи уллуҥаҕын кэлин өттө, тилэҕэ; сорох харамай сиргэ тирэнэр чааһа, кыыллар уллуҥахтара
Нууччалыы Задняя часть ступни, пята
Бөрө тиҥилэҕэ. Эн сүүрэн истэххинэ, эккирэппиппин кубулуппакка, кэннигиттэн уҥа тиҥилэххин оҕунан ытыам. Саха фольк Сыгынньах тиҥилэхпин сир тыбыс-тымныынан хаарыйбахтыырга дылы буолла. Софр. Данилов. [Алаа Моҕус:] Туохтааҕар да тиҥилэхпин кычыгылатартан куттанабын. И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. тилэх
2 аат тыл #
Хаамар, сүүрэр тиэхиньикэ сиргэ тирэнэр чааһа
Нууччалыы Опорная ножка (техники)
Кэнэҕэс Өлүөнэҥ үрдүнэн Иилэҕэс муоста тардыллыа. Тимир тиҥилэҕинэн тирэнэн, Пуойас субуруйан ааһыа П. Тулааһынап
3 этии #
Нууччалыы соотв. лизать пятки кому-л
Этиилэр
Тиҥилэххин (тилэххин) көрдөр көр тилэххин көрдөр
Ньиэмэс сэриитэ, саллааттара Кыһыл Аармыйа кытаанах охсуутун тулуйбакка тиҥилэхтэрин көрдөрүөхтэрэ. "ХС"
4 этии #
Этиилэр
Киис тиҥилэҕэ көр киис
Биһиэхэ, Саха сиригэр, араас абыраллаах от-мас, отон үгүс да үүнэр ээ: хаптаҕас, моонньоҕон, сугун, дьэдьэн, киис тиҥилэҕэ, уулаах отон.
Суорун ОмоллоонКирбии тумул кытыыта Киис тиҥилэҕинэн киистэлэннэ, Солооһун-бааһына тулата Дьэдьэн угунан дьэрэкээннэннэ. С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
[Петя:] Бу бөлөх үүнээйилэр бэйэбит нэһилиэкпит иһигэр үүнэллэр: киис тиҥилэҕэ, малина, уулаах, уҥуохтаах отон, сугун. С. Ефремов
Ыт тиҥилэҕэ көр ыт
Отчуттар харбаан барбыт сирдэригэр, хадьымал саҕатыгар буспут хойуу ыт тиҥилэҕэ кытар гына түһэр. Н. Заболоцкай Ыт тиҥилэҕэ буһан минньигэһэ бэрдин иһин ону борсоннум. С. Маисов
Өссө холобурдар (1)
Ыт тиҥилэҕин хомуйа Ыаҕайалаах тыаҕа тахсар. И. Левин
Ытыс тиҥилэҕэ көр ытыс
Эһэ кыыс айаҕар ытыһын тиҥилэҕин даҕайбыт. Кыыс ону оборбут. П. Ламутскай Ср. алт. дьилек ʻягодаʼ, уй дьилек ʻклубникаʼ, дьер дьилек ʻклубникаʼ, агаш дьилек ʻземляникаʼ