ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыҥырах

аат тыл

Нууччалыы гвоздь

English nail

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Нууччалыы гвоздь

English nail

  • Holonym: тарбах (tarbaq, “finger, toe”)

2 аат тыл #

Киһи, кыыл, көтөр тарбаҕын төбөтүгэр үүнэр муос бүрүө

Нууччалыы Ноготь, коготь

  • Эр – сүрэҕинэн, эһэ – тыҥыраҕынан (өс хоһ.). Халыҥ тайҕа уордаах улуу кыыла тыҥыраҕын дьулааннаахтык сарбатан, айаҕын идэмэрдээхтик атан, өлө сытара.
    Л. Попов
  • Алҕас хайа тардан оҕону бааһырдыбат наадатыгар ийэ тыҥыраҕын өрүү кырыныахтаах. Дьиэ к. Тыҥырах көрүҥэ киһи уопсай доруобуйатын туругун кэпсиир.
    ФВН ТС

3 аат тыл #

Остуолбаҕа, хайаҕа ыттарга көмөлөһөр, атахха кэтиллэр, сытыы уһуктардаах тимир тэрил

Нууччалыы Род железных шипов (или иных приспособлений), надеваемых на обувь для лазания на деревянные столбы, по отвесным местам, кошка

  • Остуолбаҕа хатаастар тыҥырахтарын кэппитинэн, радиорепродукторы иилиммитинэн Сиэҥкэ ааһар.
    Амма Аччыгыйа
  • Мэндэ быаны биилин эрийэ баанар. Тимир тыҥыраҕын кэтэр. Туруук тааска хатаастар
    И. Гоголев

4 аат тыл #

Ким, туох эмэ кими, тугу эмэ күүһүнэн баһылааһына

Нууччалыы Власть, влияние; подчинение. [Айаанап:] Арай Саха сирэ Япония дуу, Америка дуу адьырҕаларын тыҥырахтарыгар киирдин?

  • Ол көрдөһүүгэ генерал бүтүн бар дьон истиитинэн: "Бары биһиги тыҥырахпытыгар бааллар, кинилэр аны кыһыл илиитигэр тыыннаах киириэхтэрэ суоҕа", – диэн тыл биэрбит.
    Эрилик Эристиин
  • Көрүдүөргэ тахсан Уйбаан сибис гынна: "Дьэ, хотуой, мантан быыс булан, дьаадьыйдаххына эрэ табыллар буолла. Уорбалаан эрэллэр. Улахан тойоҥҥо тиэртэхтэринэ кинилэр тыҥырахтарыттан мүччүрүйэриҥ биллибэт"
    П. Филиппов

5 этии #

Нууччалыы Малую толику; всего ничего

Этиилэр

Тиис-тыҥырах тиийэринэн көр тиис

  • Дьэ биһиги даҕаны итинниктээх эбит буоллаҕына, тиис-тыҥырах тиийэринэн тиниктэһэн көрдөхпүт дии.
    Э. Соколов
  • Кинилэр тиистэрэ-тыҥырахтара тиийэринэн саҥа былааһы самнарса сатыыллар.
    Н. Түгүнүүрэп
Өссө холобурдар (1)
  • Уоту умуруорарга кырдьаҕастар, дьахталлар, оҕолор тиис-тыҥырах тиийэринэн туруна, охсуһа сатаабыттара.
    А. Бродников

Тииһин-тыҥыраҕын көрдөрдө көр көрдөр

  • Суох, кинилэр күүстэринэн киирэр буолбуттарын кэннэ биһиги да тииһи-тыҥыраҕы көрдөрдөхпүтүнэ сатаныыһы.
    Н. Якутскай
  • Кийиит хара маҥнайгы күнүттэн бадьатыгар тииһин-тыҥыраҕын көрдөрбүтүнэн барбатаҕа, уопсайынан ыллахха саҥас сирэйэ-хараҕа ыраас, тыла-өһө минньигэс этэ. Агидель к.

Тыҥыраҕын хастаа

тыынын иһиллээ диэн курдук (көр иһиллээ).

  • Сэрэн, ити иһин тыҥыраххын да хастыам. Тыҥырах саҕа кэпс. – кыра даҕаны; олус кыра Ыалга сырыттаҕына тыҥырах саҕа куһуок саахары сиэттэхтэринэ, биирдэ ытыран баран, миэхэ аҕалара.
    Суорун Омоллоон
  • [Батурин:] Дьэ, кыайан уйбат суолум буолаахтаатаҕа: тыҥырах да харатын саҕа көмөнү оҥорботтор, ол оннугар үөһэ дакылааттыырга даллаҥнастар!
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
  • Били этэргэ дылы Дмитрий Николаевич тыҥырах да харатын саҕа буруйа суох.
    ХС

Тыҥыраххын кистээ (кумут)

сөптөөх түгэн кэлиэҕэр диэри өстүйбүккүн көрдөрүмэ.

Не выказывать свою вражду, затаиться (до поры до времени); затаить злобу на кого-л.; держать камень за пазухой.

  • Онон биһиги туох-ханнык буолуор диэри тыҥырахпытын кистээн, хайдах эрэ албыннаһан, ньылбыйан сылдьыахтаахпыт.
    Н. Якутскай
  • Мэйи сиригэр биһиги биир да киһини өһүргэппэккэ, уһаты-туора быһыыны таһаарбакка сылдьыах тустаахпыт, тыҥырахпытын кистээн.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Дулҕалаах кулаактара ханна да биллибэккэ-көстүбэккэ, им-дьим бүгэн, олорбуттарын курдук олорон хаалбыттара уонна аны мэнээк өтөҥнөспөт буолбуттара, – тыҥырахтарын кумунуохтарынан кумунан, истэригэр киирбиттэрэ. А. Бэрияк

6 этии #

Нууччалыы Широко распространённый у тюркских народов арочный узор, применяемый для украшения чорона, коновязи и крышки шкатулки для хранения швейных принадлежностей

Этиилэр

Саарба тыҥыраҕа

киис тиҥилэҕэ диэн курдук (көр киис).

  • Аска уонна эмкэ туһанарга киис тиҥилэҕин (саарба тыҥыраҕын) уонна костяниканы хомуйуохха наада. МАА ССКОЭҮү.

Тыҥырах ойуу

чороону, сэргэни, иистэнэр иһит хаппаҕын киэргэтэргэ туттуллар, түүр омуктарга киэҥник тарҕаммыт, оһуор Сахаларга "биэ эмиийэ", "тыҥырах ойуу", "сарбынньах" диэн ааттарынан киэҥник биллэллэр.

  • НБФ-Муу СОБ. Хоту дойду дьахталлара иистэнэр тэриллэрин, илдьэ сылдьар суумаларын, хааһахтарын айаҕын синньээлии сиигинэн тыҥырах уонна сарбынньах ойууну түһэрэллэрэ көрөргө үчүгэй буолар.
    АЕЕ ӨҮОБ

Тыҥырах саҕата

тыҥырах анна (уһаан тарбахтан быгар сиригэр).

Краешек под ногтями на кончиках пальцев.

  • Тыҥыраҕым саҕатыгар мас киирбит. Ср. ДТС тыҥраа, кум. тырнакъ, тат. тырнак, тув. тырҕак, каракалп. тырнак ʽноготьʼ

«Т» буукуба