ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тоһоҕо

аат тыл

Нууччалыы гвоздь

English nail

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Нууччалыы гвоздь

English nail (tool)

  • тоһоҕону саай
    забить гвоздьto hammer a nail

2 аат тыл #

Тугу эмэ туттарарга аналлаах уһуктаах тимир эбэтэр мас сүрүн

Нууччалыы Гвоздь, кол

  • Халыҥ халҕан модьу боробуойа суон тоһоҕонон сааллыбыт.
    Н. Туобулаахап
  • Ытаһа мас тоһоҕотун -- саайдахха, иһирдьэ киирэн ытаһаланан кытаанахтык тутар. ДьХ. Өтүйэлээх, тоһоҕолоох сылдьан, сарсыарданы быһа тугу эрэ саайара, тоҥсуйара. Ч. Айтматов (тылб.)

3 аат тыл #

Күрүө, бүтэй остуолбатын маһа

Нууччалыы Кол изгороди

  • Доох Ньукулай Бөтүҥ Хооһойун, бүтэй тоһоҕото тостуор диэри, төбөҕө биэрэн, куйахатын уҥуоҕуттан ыла хайа охсон кэбистэ.
    Эрилик Эристиин
  • Долгуннар күрүө тоһоҕолорун, сиэрдийэлэрин суйдаан аҕалан, кытыыга кыдьымахтыы тибиирэллэр.
    А. Фёдоров
  • Тоҕус от күрүөтэ Тутуллан бүттэ. Тоһоҕото, сигэтэ Туомугар эрэ этэ
    М. Соров

4 аат тыл #

Батары анньыллар мас (тугу эмэ баайарга, бэлиэтииргэ аналлаах)

Нууччалыы Кол, колышек для метки чего-л

  • Томторго биир кыһыл көмүс тоһоҕо саайыллан турар үһү (тааб.: аты өртүүр мас). Сиргэ тоһоҕо саайан чабырҕатар.
    М. Доҕордуурап
  • Эрэллээх дьон - Хамыыһыйалар -- биэтэк тоһоҕотун кыҥаан турдулар
    В. Чиряев

5 аат тыл #

түөлбэ. Үөрбэ

Нууччалыы Тычина (для протыкания копны, чтобы его не разбивало ветром)

  • Урут олохтоохтор ходуһаларын саас -- курулууллара. Курута диэн бугул тоһоҕото, от-мас бытархайа, сылгы уонна ынах киитэ. Ону уматан кэбиһэллэрэ
    Кыым

6 этии #

Тоһоҕоҕо киирдэ эргэр. - оҕолоноору гынна (дьахтар туһунан). (Былыр саха дьахтара оҕолоноругар балаҕаҥҥа сиргэ батары анньыллыбыт аналлаах мас тоһоҕоттон тутуһара) Тоһоҕо төбөтүгэр олорбут киһи түөлбэ. - олус чаастатык барар-кэлэр киһи. Человек, очень часто находящийся в разъездах (букв. человек, сидящий на острие кола). Тоһоҕо туурар оҕо - саамай бүтэһигинэн төрөөбүт оҕо. Ребёнок, родившийся последним у матери (букв. дитя, снимающее кол). Оһоҕос түгэҕэ, эмиий куурдар, тоһоҕо туурар оҕо. Өксөкүлээх Өлөксөй

Нууччалыы Рожает (букв. пошла за колом – о женщине). (В старину якутские женщины при родах держались за кол, специально воткнутый по этому случаю в земляной пол юрты)

7 этии #

Нууччалыы Покосные угодья, которые отводились за службу старостам и другим выборным должностным лицам из тех земель, которые оставались после смерти бездетного родовича. [Баайдар] аналлаах өлбүгэлэрин таһынан аны укаас күрүө эбэтэр тоһоҕо күрүө диэни ылаллара

Этиилэр

Тоһоҕо күрүө (бүтэй)

1) боотулу күрүө диэн курдук (көр күрүө). Тоһоҕо күрүө үрдүгэр Дааҕыргыыллар тураахтар. Баал Хабырыыс. Тоһоҕо күрүө быыһынан -- титииккэ тиийдэ. В. Яковлев; 2) эргэр. Чаччыынаҕа уонна атын талыллар дуоһунастаах киһиэхэ сулууспатын иһин оҕото суох өлбүт киһи хаалбыт сириттэн бэриллэр оттуур сир И. Аргунов. Тоһоҕо мас - күрүө баҕаната (атаҕа) буолар мас, бөкүнүк кылгас синньигэс мас (тугу эмэ туттарарга аналлаах).

Кол изгороди, колышек.

  • Лэглээрдэр балаҕаннарын ааныгар тоһоҕо маһы өйөннөрөн кэбиһэн баран, -- бары оттуу киирдилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Эмээхситтэр арыый чэпчэкилии тоһоҕо мастары таспыттара.
    П. Аввакумов
Өссө холобурдар (3)
  • Кылгас тоһоҕо мастары саайталаабакка, -- парник сындыыһыгар оҕурсу күөх ото налыйбыт.
    В. Короленко
  • Тоһоҕо олбуор - хатыйан тутуллубут эбэтэр кэккэлэһиннэрэ туруору анньыллыбыт эркиннээх тоһоҕо соппулуот. Частокол. Настя тоҕуттубут тоһоҕо олбуор ортотунааҕы буор сыбахтаах балаҕаҥҥа киирбитэ.
    Эрилик Эристиин
  • Ср. тюрк. дөкэч, дүгэч ʻстолбʼ

«Т» буукуба