Перевод с якутского
тоһоҕолоо
туохтуур
Нууччалыы прибивать что-л. гвоздём
1 туохтуур #
Тугу эмэ тоһоҕонон туттаран хам саай
Нууччалыы Прибивать что-л. гвоздём
Бу улахан былааҕы ити таҥара иннинэн, сэксээлэ үрдүнэн хамсаабат гына туруоран, тоһоҕолоон кэбиһиэххэ.
П. Ойуунускай"Хайа, дьоно төһө кэлэн бырастыыластылар?" - диэн Уулаах хоруоп айаҕын тоһоҕолуу туран ыйытта. Эрилик Эристиин Дьөгүөрсэ бэйэтин хоһун аанын аны аһыллыбаттыы, хам тоһоҕолоон табырҕатта Дьүөгэ Ааныстыырап
Өссө холобурдар (1)
Тоһоҕо саай (күрүө туһунан). Θ Забивать кол (об изгороди). Бу турар тоһоҕолоон туппут киэҥ далым Л. Попов
2 туохтуур #
Анаан-минээн болҕой, бэлиэтээ
Нууччалыы Обращать, заострять внимание, выделять что-л
Дьэ, бу эмээхсин Тоһоҕолоон сураабыт кыыс туһун Тохтообокко тобугураччы кэпсиир, Толору билэр эбит.
Өксөкүлээх ӨлөксөйОрдук тоһоҕолоон туран Охоноостоох Эрдэлиири ыҥырабын. Амма Аччыгыйа [Эмээхситтэр] ордук тоһоҕолоон, ытамньыйа-ытамньыйа, бэйэлэрин өлбүт оҕолорун тустарынан ыйыттылар Эрилик Эристиин
3 этии #
Нууччалыы Не давать кому-л. возможности перемещаться с места (напр., с табурета, кровати), пригвоздить к месту
Этиилэр
Хам тоһоҕолоо
кими эмэ оннуттан ханна да халбарыйбат, хамсаабат гын (хол.
, олоппостон, оронтон) Субу аҕай аһары мөлтүү-ахсыы туттубутун дьэбирдик мэлдьэспит харах кинини батары көрөн, олоппоһугар хам тоһоҕолоон кэбистэ. П. Аввакумов Миигин тимир кырабааппар Сордоох ыарыы хам тоһоҕолоон Сытыарбыта. П. Тулааһынап