ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыыннар

Нууччалыы давать кому-л

1 #

тыын диэнтэн дьаһ. туһ. Ньыыкан кыайан тыыннарбаттыы күөмэйэ аһыйда. Е. Неймохов. Быччыҥнары толорор үлэлэриттэн көрөн хас да бөлөхтөргө араартыыллар: такытар, чиккэтэр, эҕиритэр, төттөрү тыыннарар уо. д. а. СИиТ

2 #

Кими эмэ холкутук саҥарт, саҥарар кыахта биэр

Нууччалыы Давать кому-л. возможность что-л. сказать, выговориться

  • Сиидэрэп хаанын хамнатан, үлтү дибдийэн: "Эһиги кулаак кутуруктараҕыт, эһигини кытары холкуостан таһаартыахха баар", – диэн саба саҥартаан, биир да киһини тыыннарбата.
    Күндэ
  • "Бу хотун миигин сүгүн тыыннар эрэ", – Гаврил боруосканы сыҥсыйа-сыҥсыйа муннун аалла.
    М. Доҕордуурап
  • [Яков – Васяҕа:] Эйигиттэн ыйытыллыбат. Бэл билиҥҥиттэн киһини тыыннарбат оҕо, эгэ улааттаҕына хайдах буолуой? Сиртэн сэрбэйбэккэ сылдьан улахан киһини кытта тэҥҥэ тыл аахсар
    Н. Туобулаахап

3 этии #

Нууччалыы Не давать кому-л. возможности возразить (букв. не позволяет дышать против). [Сүөкүлэ:] Оннооҕор кыыһым Дааска, убайыгар көҕүйэн, дьиэтигэр таба олорбот буолан хаалла

Этиилэр

Тыҥалааҕы тыыннарбат көр тыҥа

  • Хотуна -- Чалыбыай Аана диэн тыҥалааҕы тыыннарбат дьахтар.
    И. Федосеев

Утары тыыннарбат

кими эмэ утары саҥардыбат Тугу эмэни саҥаран, үөрэтэн көрөөрү гыннахпына, убайа буолуохсут, көмүскэһэн, утары тыыннарбат буолла.

  • А. Софронов.

Хабахха тыыннар

кими эмэ ончу саҥардыма, бэйэтин санаатын этэр кыаҕы биэримэ.

Не давать кому-л. говорить, свободно высказывать свои мысли.

  • Хабахха тыыннарар муҥур суут (өс хоһ.). Хайа, мантан антах хабахха тыыннарыыһыгын, хабарҕабыттан хаба олорууһуккун дии. И. Никифоров

«Т» буукуба