ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыыннан

Нууччалыы оставаться в живых, существовать, благодаря чему-л

1 #

тыыннаа диэнтэн бэй. туһ. Сылаас салгын тыыннанан, Итии тыал илдьиттэнэн, Күөх унаар урсуннанан, Өҥүрүк куйаас үктэллэнэн Иэйэхсит хотун Илбиргэстээх аартыга Тэлэлиннэ. Саха фольк. [Күндэ] хоһоонугар холбоотоҕуна, бэл оттуун-мастыын тыынар тыыннанан, саҥаланан-иҥэлэнэн кэлэрэ. Софр. Данилов. Ийэм уон ордуга икки төрүөбүт оҕотун, таптыыр оҕонньорун көмөн баран, соҕотох миигинэн тыыннанан олорбута. УАЯ А

2 #

Тугу эмэ (хол., булт аһын) аһаан-сиэн, онон тыыннаах буол

Нууччалыы Оставаться в живых, существовать, благодаря чему-л. (напр., промысловой добыче)

  • Хаһан да, ханна да харыстыахха, Хара килиэп барахсаны таптыахха. Килиэбинэн тыыннанан сылдьабыт, Килиэптээх буолан, көҥүл тыынабыт.
    И. Федосеев
  • Киһи айылҕаттан үөскээн, киниттэн аһаан-сиэн, тыыннанан олорор.
    В. Кондаков
  • Булдунан тыыннанан олорор дьон, алгыс күүһүгэр эрэнэн, хара тыа булда тосхойорун туһугар, үгүс сыраларын-сылбаларын уураллара
    Сахаада

«Т» буукуба