ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кураанах

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы бессмысленный; бесполезный

English meaningless, useless

Ис хоһооно · 7

1 даҕааһын #

Нууччалыы бессмысленный; бесполезный

English meaningless, useless

  • кураанах тыллар
    пустые словаempty words

2 даҕааһын #

даҕ

3 даҕааһын #

Хаппыт, уута, сиигэ суох

Нууччалыы Сухой. Лиҥкинэс тиит мастардаах кураанах сиринэн айаннаан истибит. Н. Заболоцкай. Уот кураанах маһы иҥсэлээхтик сиэн чачыгыратта. Н. Габышев

4 даҕааһын #

Иччитэ суох, иччитэх, туох да угуллубатах, кутуллубатах (иһит-хомуос, хаа туһунан)

Нууччалыы Порожний, пустой

  • Кураанах кэнсиэрбэ иһитэ, бөх-сах элбэх.
    Т. Сметанин
  • Натааһа мичээрдээн дьиэҕэ ааста, кураанах биэдэрэни лаҥкынатар
    Н. Габышев

5 даҕааһын #

Туһата, суолтата, ис хоһооно суох

Нууччалыы Пустой, бессодержательный, бесполезный

  • Кураанах баҕа санаанан Уоһу минньиппэт этибит.
    Баал Хабырыыс
  • Олус улахан эниэргийэлээх частицалары үөрэтэргэ сорунуу диэн - кураанах лахсыыр.
    В. Яковлев
  • Ср. тюрк. курас ‘сухой’

6 этии #

Нууччалыы Быть обманутым, обмануться

  • Кураанаҕы кууһан (хаал, тур) - албыннат, албыҥҥа түбэс "Холооннооҕун" куоттаран, Кураанаҕы кууһан туран Хобдох күтүөт аатыран, - Эрдэ турар элэгигэр Ити иһин киирбитэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Версияны таба булбатаххына, төһө эмэ үлэни үлэлээн бараҥҥын кураанаҕы кууһан хаалаҕын. М. Попов

7 этии #

Кураанах кус - кус көрүҥэ: ууга үчүгэйдик умсубат, үксүн чычаас ууга сылдьар кус (хол., моонньоҕон, көҕөн, чыркымай) Дулҕа төбөтүгэр кураанах кус төрүүр. Т. Сметанин

Нууччалыы Речные утки

«К» буукуба