ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тур

туохтуур

Нууччалыы стоять.

English to stand

Ис хоһооно · 17

1 туохтуур #

Атахтаргынан тирэнэн, хайа да диэки сыҕарыйбакка биир сиргэ тохтоо

Нууччалыы Стоять. Кини өр соҕус тугу эрэ толкуйдуу турда. М. Доҕордуурап. [Солко:] Хайа бу Хоодуотап Уйбаан обургу тоҕо тойонуҥ дьиэтин өрө мыҥаан тураҕын? "ХС"

  • Кыра оҕолор оонньуур сирдэригэр биэстээх-алталаах уол ытыы турар.
    Амма Аччыгыйа
  • Балаакка ааныгар күөх ырбаахылаах биир дьахтар эргичиҥнии турар.
    Т. Сметанин
  • Тэйиччи бартыһааннар аттарын миинэн биир сиргэ булумахтаһа тураллар
    Эрилик Эристиин

2 туохтуур #

Ханна эмэ баар буол

Нууччалыы Быть расположенным, находиться, стоять где-л

  • Дьиэ сыыр үрдүгэр турар. Остуолга чаанньык турар.
  • Миэлиҥсэ сарайын иһигэр [ат] баайыллан турар
    С. Ефремов
  • Ол эмээхсин иллэрээ күн өлөн турар.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Эһиги начаалынньыккыт Бабинцев хаста да буруйданан-сэмэлэнэн турар
    Н. Якутскай

3 туохтуур #

Олорон, сытан баран, балаһыанньаҕын уларытан, атаххар тирэн, үктэн

Нууччалыы Подниматься на ноги, вставать, менять лежачее положение нп стоячее

  • Эмээхсин оронтон туран таһырдьа тахсар.
    Н. Неустроев
  • Атыыһыт илиитин ыһыгынна, Оргууй туран ыадаһынна.
    С. Васильев
  • Дьиэтигэр дьон тура илигинэ тиийдэ. Софр
    Данилов
Өссө холобурдар (1)

4 туохтуур #

Хоҥнон бар, айаннаа

Нууччалыы Отправляться в путь, трогать, выезжать

  • Айаммытыгыр турбуппут. ПЭК СЯЯ. [Көстөкүүн:] Доҕоор, куораттан турбутуҥ хас хонно?
    Күндэ
  • Кини аһаабатаҕа ыраатта, букатын аччык айаҥҥа турбут
    А. Сыромятникова

5 туохтуур #

Кыһыҥҥы кэмҥэ ханнык эмэ туруктаах буол (хол., ынах, сылгы сүөһүнү этэргэ)

Нууччалыы Пребывать, находиться зимой в каком-л. состоянии, содержаться (напр., о лошади, скоте)

  • Сылгылара хайдах тураллар эбит?
  • Сүөһүлэрэ куһаҕана суох тураллар
    Р. Кулаковскай

6 туохтуур #

Төһө эмэ сыаналан

Нууччалыы Стоить сколько-л., иметь какую-л. цену

  • Ынаххыт төһөҕө турда?
  • [Быһыт] 218 мөлүйүөн солкуобайга туруоҕа.
    Суорун Омоллоон
  • Эһиэхэ оҥорбут үтүөм биир үрүүмкэҕэ турбат дуо?
    М. Попов

7 туохтуур #

Олоҕур, олохтон

Нууччалыы Установиться, настать, начаться

8 туохтуур #

Айанныырга, сылдьарга уйар буола тоҥ (үрэх, күөл, өрүс мууһун үрдүн этэргэ)

Нууччалыы Достаточно промерзать для прокладки зимней ледовой дороги (о речке, озере, реке)

  • Суол турдаҕына кэлии-барыы элбиэҕэ.
    ХС
  • Сэтинньигэ Волга өрүс мууһа турбута
    ДАЛ УуУоО

9 туохтуур #

Кими эмэ көмүскээ, көмүскэс

Нууччалыы Бороться за кого-что-л., стоять за кого-л

10 туохтуур #

Ханнык эмэ эппиэтинэстээх үлэҕэ, дьаһалга (хол., быыбарга) ылсар, киирсэр курдук быһаарын

Нууччалыы Выставить кандидатуру для более ответственной работы, деятельности (через выборы)

  • Улуус баһылыгын быыбарыгар алта киһи хандьыдаакка турда

11 туохтуур #

Сааһыҥ ситэн, киһи-хара буол, бэйэҕин бэйэҥ көрүнэр, иитинэр кыахтан

Нууччалыы Состояться, встать на ноги, стать независимым, самостоятельным

  • Саҥардыы туран эрэр киһи кинээс буола сылдьар.
    Эрилик Эристиин
  • [Н. С. Ефимов] биэс оҕото бэһиэн турбут дьон
    К

12 туохтуур #

көмө туохт. суолт

13 туохтуур #

а, -ыы сыһыат туохтууру кытта ситимнэһэн хайааһын биир кэмник тохтообокко эбэтэр өрүү буола турарын көрдөрөр

Нууччалыы В сочетании с деепричастными формами на -а, -ыы основного глагола обозначает длительность или постоянство действия

14 туохтуур #

ан сыһыат туохтууру кытта ситимнэһэн урут буолан бүппүт хайааһыны көрдөрөр

Нууччалыы В форме настоящего-будущего времени в сочетании с деепричастными формами на -ан от основного глагола образует форму прошедшего результативного времени глагола

15 туохтуур #

ан сыһыат туохтууру кытта ситимнэһэн хайааһын саҕаланан эрэрин көрдөрөр

Нууччалыы В сочетании с деепричастными формами на -ан основного глагола, обозначает начало действия, процесса

16 этии #

Нууччалыы Бездействовать, не оказывать сопротивления

Этиилэр

Атах кээһэ тур көр атах

  • Мин, бытаан киһи, атах кээһэ туруум.
    СГФ СКТ

Атаххар (сүһүөххэр) тур көр атах

  • Тойон киһи ылгын кыыһа Көмүс ый кэриҥэ ыарытыйан баран, саҥардыы атаҕар турар буолла.
    И. Гоголев

Баскынан тур, атаххынан тур көр бас II

  • Баскынан тур, атаххынан тур, бэйэҥ иннигин бэйэҥ илиннээр, миигиттэн тугу да ыйытыма.
    ПЭК СЯЯ

Биирдэ олорон тур көр биирдэ

  • Итиччэ элбэх аһы биирдэ олорон турда. НАГ ЯРФС II.

Биир муостаҕа туруохпут көр биир

Дууһатыгар тур көр дууһа

  • Ээ, били ааттаах ороспуой, түөрт уон киһи дууһатыгар турбут Сүүлүк Бааскалара диэн буоллаҕа.
    ХС

Кураанаҕы кууһан (хаал, тур) көр кураанах

  • Кыларыйар (кыларыйан турар) кырдьык көр кыларый Эн миигин билиҥҥээҥҥэ диэри албынныыр диэн абатыйыма, кыларыйан турар кырдьыкпын суруйабын.
    И. Федосеев

Кыыла турбут көр кыыл

  • [Ылдьаа:] Ити эмээхсин, алдьархайтан ас таһааран туһанаары кыыла туран ахан сылдьар киһи.
    ХС

Оҕо турбат (ыала, дьоно) көр оҕо

  • Тойон киһиэхэ уол оҕо турбат.
    И. Гоголев
  • Биһиэхэ оҕо турбат, иккилэригэр-үстэригэр тиийбэккэ өлө тураллар.
    И. Федосеев

Оргуйан турда көр оргуй

  • Чуумпу баҕайытык олорбута дии. Туохтан оргуйан турда? НАГ ЯРФС II.

Өлүү айаҕын өҥөйөн тур көр өлүү I

  • Өстөөх тыылыгар тахса сылдьаммыт Өлүү айаҕын өҥөйөн туран, Сиэхсит фашистан өһү аахсаммыт, Кырыы сиринэн төннөн испиппит.
    И. Егоров

Өрө тур көр өрө

  • "Үлэлээн олоруохха эбэтэр охсуһан өлүөххэ!" – диэн луоһуннаах өрө турбуттара. СГПТ.

Саа уоһугар тур көр саа

  • [Михаил:] Сибилигин саа да уоһугар турдарбын, мин санаам күүстээх!
    С. Ефремов

Сир ыла тур көр сир

  • "Чэ, мин аппын көлүйүөхпэр диэри сир ыла тур", – диир кулуба.
    Далан

Сирэйэ-хараҕа турбут көр сирэй-харах

  • Кини сирэйэ-хараҕа турбута, чаҕылыйбыта сүрдээх.
    Н. Якутскай
  • Кылаабынай быраас Нартаахап сирэйэ-хараҕа турбутун соһуйа көрдө. Софр. Данилов.

Суолугар туора тур көр суол

  • Дьокутаат буолуоҕун Сэмэн Павлов суолугар туора туран кэбиспитэ. НАГ ЯРФС II.

Туран биэр

1) туох да утары дьайыыны оҥорбокко, утарыласпакка таах туран хаал, баһыйтар Күлүгээттэр саба түстэхтэринэ, туран биэрбэт баҕайыта. НАГ ЯРФС II; 2) бэйэҥ баҕа өттүгүнэн тугу эмэ биэр, ыһыгын, сөбүлэн.

Добровольно предоставлять что-л. в пользу кого-л., уступать.

  • "Ол кинилэргэ туран биэриллиэ үһү дуо?" – Хоодуотап өрө дьигиһийэ түстэ.
    Р. Кулаковскай
  • Ол эрээри мин акаары курдук, эйиэхэ барыларын туран биэрэллэрэ билли бэт.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Хоноһолоругар ороннорун туран биэрэн, табаларын чагдаҕа таһааран ыыталаан хоннороллор.
    ХС

Турар бэйэтинэн хаалла

туох эмэ буолан, туохха эмэ түбэһэн, туга да суох хаал, дьадай, эһин.

Остаться в одной рубашке.

  • Дьиэтин ууга былдьатан, турар бэйэтинэн хаалла. НАГ ЯРФС II.

Турбат охтуутун оҕунна

үтүөрбэт, өрүттүбэт гына ыараханнык ыарыйда.

Болеть очень тяжело, без надежды на выздоровление; лежать на смертном одре.

  • Эр тойоно дойдутугар тиийээт, турбат охтуутун охтубут.
    Амма Аччыгыйа

Тутуһан туран көр тутус

  • Халлаан субу тутуһан туран хараҥаран барда.
    Э. Соколов

Тыла бара турар көр тыл

Тылгар тур көр тыл

Тыыныгар тур (тиий) көр тыын

  • Сыгаан Бүөккэ баай этэ, байаары киһи тыыныгар турара.
    Н. Павлов
  • [Оҕуһу] биир эмэ киһи тыыныгар турбутун эрэ кэннэ дьаһайаллара буолуо.
    Далан

Тэбэн туран көр тэп

  • Кинилэр алта уонча кур ноһуому үс күн тэбэн туран тастылар.
    М. Доҕордуурап

Бэстээх

мантан тэстэн турар.

  • НАГ ЯРФС II.

Утары тур көр утары

  • Күн судаары утары турбут алдьархайдаах бассабыыктардааҕар быдан ордук дьон буолуохтара.
    ХС

Этэн-тыынан турда көр эт-тыын

  • Мунньахха дакылаатчыт этэн-тыынан турда

17 этии #

Нууччалыы Выросший и возмужавший ребёнок, который в состоянии осилить любую работу

Этиилэр

Турбут оҕо

үлэни-хамнаһы кыайар буолбут оҕо Уот турар – баһаар буолар, умайан барар.

Начаться, заняться, загореться (о пожаре).

  • Отчуттар алааска уот турбутун истэннэр сүөм түспүттэр. "ХС" Халааһын барар сиригэр тута уот турар.
    А. Сергеев
  • ДТС тур, тюрк. тур, торы, тар, түр

«Т» буукуба