Перевод с якутского
өлүү
аат тыл
Нууччалыы конец жизни, смерть
English part, portion
Ис хоһооно · 9
1 аат тыл #
Олох олорон бүтүү, тыыннаах сылдьыы бүтүүтэ
Нууччалыы Конец жизни, смерть
Өлүүттэн быыһан. Өлүүнэн тыынааччы өстөөҕү ирдиибит, Өр кэмҥэ буулаабыт өһүөнүн иэстиибит. А. Абаҕыыныскай Абаҥ-сатаҥ, абааһы көрүүҥ өһөгөйдөөх өстөөх өлүүтүнэн түмүктэннин Т. Сметанин
2 аат тыл #
Улахан ыарыы, киһи үксэ ыалдьар ыарыыта, сыстыганнаах ыарыы, уһуннук үтүөрбэккэ ыалдьар ыарыы
Нууччалыы Заразная болезнь, эпидемия
Буоспа өлүү. Дьэҥкэ өлүү. Одуруун өлүү. Хотугу өлүү. Сотуун өлүү. Босхоҥ өлүү. Ол кыһыныгар ойоҕостотон (сэбиргэхтэтэн) ыалдьыбытым, онтон ыла сэллик өлүү буолан аалларан ыалдьа сылдьыбытым
Күндэ
3 аат тыл #
Иэдээн, алдьархай, сор-муҥ
Нууччалыы Беда, горе, несчастье
Өлүү бөҕө үтүрүөтэ, алдьархай бөҕө ааҥнаата, кыайтарар-хотторор күнүм кэллэ! Ньургун Боотур. "Биһигини туга да суох хааллараҕыт дуу, – Татьяна модороон тарбахтардаах суон илиитин мускуйбахтаата, – өлүү да буолар эбит" М. Попов
4 аат тыл #
Күнү ый хаххалаан көстүбэт буолуута, ыйы сир күнтэн хаххалааһына
Нууччалыы Затмение луны, затмение солнца
Күн өлүүтэ. Ый өлүүтэ. Ыраахтааҕы сараатаҕына, күн өлүүтэ буолар дииллэрэ Амма Аччыгыйа
5 этии #
Нууччалыы Быть готовым жертвовать собой ради предотвращения большой беды
Өлүү айаҕын (суолун) бүөлүү түс - иэдээн-алдьархай буоларын тохтотоору бэйэни толук биэрэри кэрэйимэ Быраһаай, Ваням, өлүүм айаҕын Бүөлүү түһээри санаан турабын, Эйигин бастаан эрдэ үөрдэрбин Эппэтэх иэйиим сүрэхпэр ытыыр. И. Егоров Өлүү айаҕын өҥөйөн тур - өлүү-тиллии кирбиитигэр тур. Θ Быть на грани жизни и смерти, находиться на краю гибели. Бэҕэһээ таптыыр киһим алдьархайга түбэстэ, Бүгүн оннооҕор ордукка киирэн биэрдэ: Күнэ өлбөөрдө, Өлүү айаҕын өҥөйдө, Көрдөрбүтүнэн туран, Көстө иэдэйдэ. С. Данилов Өстөөх тыылыгар тахса сылдьаммыт Өлүү айаҕын өҥөйөн туран, Сиэхсит фашистан өһү аахсаммыт, Кырыы сиринэн төннөн испиппит. И. Егоров
Өссө холобурдар (2)
Өлүү киэнэ дүбдүргэнэ, сах киэнэ быһылаана фольк. - иэдээннээх ыксал, тиэтэл. Θ Окаянная суматоха, дьявольская сумятица. Өлүү өллөйдөөх, алдьархай абыраллаах - куһаҕан да үчүгэйдээх буолар. Θ Нет худа без добра. Өлүү-сүтүү көтөллөнөн - дьон элбэхтик ыалдьар, өлөр ыарыытын аҕалан, тарҕатан. Θ Неся, причиняя собой смерть, гибель, болезни (эпидемию, моровое поветрие). Улуу дьыл оҕуһа, Дьаҥ-дьаһах таһаҕастанан, өлүү-сүтүү көтөллөнөн Көмүскүүр күнүҥ дьонун Күһүҥҥүттэн ыла күл-көмөр гынар буоллуҥ...
Өксөкүлээх ӨлөксөйЫт өлүүтүгэр өлө сыспыккын - туох да солуута суохха өлө сыспыккын. Θ Чуть не пропал из-за сущего пустяка. Дьэ кырдьык, ыт өлүүтүгэр өлө сыспыккын, көрөн туран бу маннык дириҥ хаспахха киириэҥ суох этэ, арыый мэччэркэй соҕуска сытыаҥ этэ. Т. Сметанин
6 этии #
Өлүү дьирибинэй балык миф., фольк. - олоҥхоҕо баар Уот Кудулу байҕалҕа, өлүү уутугар да сылдьар кыахтаах балык Ытык Хахайдаан Өлүү дьирибинэй балык буолан [байҕал] Өһөхтөөх дьэбэрэтин Үс күөс быстыҥа холобурдаах Үлтү сырбайан сылдьан -- Көрдүү сатаата. П. Ойуунускай.
Нууччалыы Мифическая рыба, имеющая способность плавать в Гибельном огненном море или в мертвой воде (в олонхо)
Этиилэр
Өлүү түбэлтэлээх
киһи өлүүлээх, сүтэриилээх.
Со смертельным исходом, к несчастью.
Өлүү түбэлтэлээх быһылаан тахсыбыт. Өлүү уута фольк. - олоҥхоҕо баар тыынар тыыннаах тулуйбат, бэл сымара таас үлтү барар уута. Арай Ньургун Боотур, Мүлдьү Бөҕө курдук орто дойду улуу бухатыырдара тимир сордоҥ балык буолан сөтүөлүөхтэрин сөп. Мертвая вода (в олонхо). Өлүү уута өрө түллүүтүгэр уҥуоргу очуос таас хайа үрдүгэр сордоҥ балык "лас" гына түстэ да, киһи киһинэн буола түстэ. Ньургун Боотур. Аҥаар өттүгэр арҕахтаах эһэ кэтэҕэр Өлөр өлүү уута Өлбөөдүйэ көҕөрөн көстүөҕэ.
П. ОйуунускайӨлүү чөркөчүөк төрдө фольк. - олоҥхоҕо Аллараа дойдуга саамай күүстээх абааһылар олорор сирдэрэ. Обиталище самых сильных абаасы Нижнего мира (в олонхо). Хараҕым кырыытынан өлүү Чөркөчүөх төрдүнэн өҥөйөн көрдүм.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
Ср. тат. үлем ‘смерть’
7 аат тыл #
Түҥэтиигэ кимиэхэ, туохха эмэ тиксэр туох эмэ сороҕо
Нууччалыы Часть, доля, достающаяся при дележе
Бандьыыттар күөрэйдэхтэринэ, быйыл сайын Аймаан кытылыттан икки өлүү сири ылбыппыт эмиэ иэстэниэ. Эрилик Эристиин "Бэҕэһээ тойонум аах эт сиэбиттэрэ, онтон ити өлүүбүн аҕаллым", - диэтэ Байбал
Күндэ
8 аат тыл #
мат. Биир чыыһыланы атыҥҥа түҥэтииттэн ылыллар чыыһыла
Нууччалыы Частное. Түҥэтииттэн тахсар чыыһыланы өлүү диэн ааттанар. ШИН А
9 этии #
Нууччалыы Удельный вес
Өлүү ыйааһын физ. – биир кубическай сэнтимиэтир бэссэстибэ кыраамынан ыйааһына Тоҕо (тимирбэт)? Туустаах буолан дуу өлүү ыйааһына ньулуун уутааҕар ордук ыарахан. И. Данилов 1963 сыллаахха тохсунньу алта күнүгэр кэнники түөрт сыл устатыгар үлэҕэ киллэриллибит бырамыысыланнас сүрүн пуондаларын өлүү ыйааһыннара түөрт уон икки бырыһыан буолуоҕа. "Кыым". Ср. алт. үлү, др. -тюрк. үлүг ‘доля, часть’