ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэп

туохтуур

Нууччалыы бить ногой, пинать кого-что-л

English to kick

Ис хоһооно · 12
I

1 туохтуур #

Кими, тугу эмэ атаххынан оҕус, саай

Нууччалыы Бить ногой, пинать кого-что-л

  • Киһи -- хаар анныгар туох эрэ үллэ сытарын тэбэн көрбүтэ, кырдьык от буолла.
    Н. Заболоцкай
  • Эккирэтэн кэлэн [Васяны] атахха тэптилэр.
    Д. Таас
  • Хос түгэҕиттэн киһи атаҕын тыаһа тибигирии түһээт, халҕаны тэбэн хабылыннарар
    И. Баишев
Өссө холобурдар (3)
  • Кими, тугу эмэ туйаххынан саай (хол., ынах, сылгы сүөһү). Θ Лягать (о копытных животных). Мин ыҥыырдаары тиийбиппэр, [ат] тииһин көрдөрбүтэ, сиирэ-халты тэппитэ.
    Далан
  • Ити ынах тэбэрин ааһан, өссө кэйиэ баар.
    М. Доҕордуурап
  • Ат сымнаҕаһа, тэппэтэ, сиргэмтэҕэйэ суоҕа, туттарыгаһа наада
    ДВР САЗС

2 туохтуур #

Атахтаргын хардарыта эрчимнээхтик үлэлэтэн тугу эмэ (хол., бэлэсипиэти, хайыһары) барар, айанныыр гын

Нууччалыы Передвигаться на чём-л., кататься (напр., на велосипеде, лыжах)

  • Хайыһар кэтэр, Хаҥкы тэбэр Кэрэ күһүн Кэллэ бүгүн.
    Т. Сметанин
  • Ваня уол хайыһарын олбу-солбу тэбэн сурдурҕатан истэ.
    М. Доҕордуурап
  • Сайын оҕолор -- бэлэсипиэт тэбэллэрэ олус туһалаах. Дьиэ к
Өссө холобурдар (2)
  • Тугу эмэ (мээчиги) атаххынан саайан сыҕарыта оонньоо. Θ Играть (в мяч, в футбол), гонять (мяч). Алталаах хастаах уолаттар алдьархайдаах футбол тэбэн эллиэйэ устун сырсаллар.
    Л. Попов
  • Эр дьоннортон сорохторо кэҥэс ырааһыйаҕа мээчик тэбэ оонньууллар
    П. Аввакумов

3 туохтуур #

Чиккэччи тутун, бырах (атаххын)

Нууччалыы Вытягивать, протягивать (ногу)

  • Көнтөстүү тэбэн олорор атаҕын аргыый имэрийэ-имэрийэ, кини -- кэпсээн барда.
    Амма Аччыгыйа
  • [Оҕонньор ыппытыгар] эһэтэ муннунан сири хоруйбутунан умса түстэ, кэлин атахтарын икки аҥыы тэбэн чиччигинэттэ.
    Л. Попов
  • Ньургуһун үрүҥ сарыы этэрбэһи кэтэн баран, икки атаҕын тэҥнии тэбэ сытара
    Дьүөгэ Ааныстыырап

4 туохтуур #

Биир кэм тиҥиргэччи охсуллар, битийэр курдук буолан билин (сүрэх, тымыр үлэтин туһунан)

Нууччалыы Производить ритмические толчки, пульсировать, биться (о сердце, пульсе)

  • Аркадий сүрэҕэ тэбэрэ иһийбит хоско иһиллэргэ дылы.
    Н. Габышев
  • [Отелло] чабырҕайын тымырдара көбүөхтүү тэбэллэр. Эрчимэн. Биир мүнүүтэҕэ -- куурусса сүрэҕэ үс сүүскэ тиийэ тэбэр
    СИиТ

5 туохтуур #

Ытан төһө эмэ ыраахха диэри тиий, төһө эмэ ырааҕы ыт (саа-саадах туһунан)

Нууччалыы Достигать, поражать, бить на какое-л. расстояние (об оружии)

  • Кини -- биэрэстэ аҥаара сиргэ тэбэн унаарытар мас сааны оҥорор идэлээх.
    Амма Аччыгыйа
  • Ыраах тэбэр үчүгэй саалаах булчут элбэх куһу-хааһы сууһарар. ВС ҮҮДь. Саабыт хайдах тэбэрин билээри -- бастаан хайаан да сыал ытан көрүөхтээхпит
    Кыым

6 туохтуур #

Күүскэ оргуйан өрө үллэн таҕыс

Нууччалыы Издавать бурление при закипании, кипеть

  • Ити ыккардыгар чаанньык тэбэн, хаппаҕа лабырҕаата. Ойуку. Иэдьэгэй бэлэмнэниллэр үүтүн үчүгэйдик тэбэр гына оргутуллубат. ТИИ ЭОСА. Күөс оргуйан тэбээтин кытта үөһэ тардыллыахтаах
    ЛЛО ВККОС

7 туохтуур #

Олус улахан буолан эбэтэр туолан, тугу эмэ киэптии киир эбэтэр таһынан бар

Нууччалыы Выступать, выпирать, выбиваться своим большим размером, объёмом

  • Муннукка тимир оһох Үүтээни киэптии тэбэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Дьон -- икки тиирэ тэппит хааһахпын, төргүүбүн көмөлөөн үҥкүрүтэн түһэрээт, саба түһэн үллэстибитинэн бараллар.
    Н. Заболоцкай
  • Уу быһыттан хаайтаран көҥүһү таһынан тэбэн сыһыыларынан халыйан барыахтаах
    С. Васильев

8 туохтуур #

Кими эмэ туох эмэ куһаҕаҥҥа тириэрт, соччото суох балаһыанньаҕа киллэр

Нууччалыы Поставить кого-л. в неприятное положение, доводить до неприятности, сбивать с пути

9 этии #

Нууччалыы Способствовать получению кем-л. чего-л. ценного (обычно ненароком или тайком)

Этиилэр

Биэрэс тэп көр биэрэс I

  • [Ылдьаана:] Үөдэн кыыһа манна мэнигилээн биэрэс тэбэ, хоһоон ааҕан чаҥкыныы олорор. Софр. Данилов. Биригэдьиир куобахтаабыт, Биэрэс тэбэ куораттаабыт. Чэчир-68.

Дьиэрэҥкэй тэп көр дьиэрэҥкэй

  • Кини сайыны быһа дьиэрэҥкэй тэбэ сылдьыбыта, тугу да хаһаамматаҕа.
    И. Федосеев

Күүлэй тэбэ сырыт көр күүлэй

  • Мин, бачча эдэр, киил киһи, көмөлөһүөм оннугар, күүлэй тэбэ сырыттаҕым.
    Р. Баҕатаайыскай

Кэнтиккэ тэп көр кэнтик

  • Кэнчээри ыччатыҥ сэтэрэн Кэнтиккэ тэбиэхтин! Эрилик!
    И. Чаҕылҕан

Орох тэп көр орох

  • Охсуһууга сылдьааччы Оҕолорбут, дьоннорбут -- Орох тэппит суоллара Омооҕуран сүппэтин.
    Күннүк Уурастыырап
  • Хардааччы кинилэргэ оҕо эрдэҕиттэн орох тэбэн улаатар.
    С. Никифоров

Өрө тэп көр өрө

  • [Кулуба:] Киһи тыыппат эрэ дии-дии, кини бэркэ өрө тэбэн эрэр. Кини да сөбө көстүө ээ.
    Н. Неустроев

Саа да тэбиитэ (тэбэр сиригэр) чугаһатыма көр саа

  • Нэһилиэнньэни өҥөнөн хааччыйыыга дьиэнэн көмөлөһүҥ диэтэххэ сопхуостар дириэктэрдэрэ саа тэбэр да сиригэр чугаһаппаттар. “Кыым”.

Сүрэҕэ тэптэ (тэбэн кэбистэ) көр сүрэх I

  • Үөрэххэ сүрэҕим өрүкүйэ тэппэтэҕин иһин, үлэҕэ баҕас чахчы баҕалаах этим.
    ХС
  • Вася үөрүүтүттэн сүрэҕэ тэбэн кэбиһэр.
    ПНИ ДКК

Сүрэҕэ тэппэт көр сүрэх I

  • Аны дьиэ-уот буоларга уол да сүрэҕэ тэппэт, кыыс да сүрэҕэ үөр бэт.
    П. Ойуунускай
  • Суруйуохпун сүрэх тэппэт, Суруйа да соруммаппын.
    С. Данилов

Тэбэн биэр

кимиэхэ эмэ туох эмэ сыаналааҕы ыларыгар көмөлөс (үксүгэр билбэккэ эрэ эбэтэр кистээн) Чолбон Ньукулай -- соноҕоһу сүүйэн ылан Мытаах кулубатыгар тэбэн биэрбит.

  • Фрументьев столяр -- Фурдилиҥҥа миэбэл тэбэн биэрэр.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Үтүөкэн ыт олоххун толуйар, өлгөм булду-аһы тэбэн биэрэр. С. Ту мат.

Тэбэн көрбөккө барда көр көр I

  • Буруо дьайҕарбытын кэннэ тиийэн көрбүтэ, куобаҕа тэбэн көрбөккө барбыт этэ.
    Далан
  • [Оҕонньорум] ытыһын тилэҕинэн сүүскэ саайдаҕына, ханнык да боһомо сүөһү тэбэн көрбөккө барара.
    И. Гоголев

Тэбэн көрбөккө утуй көр көр I

Ыраас салгыннаах сайылык дьиэҕэ -- тэбэн да көрбөккө утуйдахха, киһи ордук сынньанарга, чэбдигирэргэ дылы буолара. Д. Васильев. Тэбэн туран кэпс. – төһө эмэ кэм устата тохтообокко, сынньаммакка, дьулуурдаахтык (үлэлээ).

Не останавливаясь, без передышки, беспрерывно, беспрестанно (работать).

Өссө холобурдар (1)
  • Харах ыларынан көстүбэт, тэҥкэ кырыылаах биир күөлү үс туллар күнү быһа тэбэн туран уҥуоргутун буллулар.
    ХС

Тэбэр сүрэҕэ

туох эмэ саамай сүрүнэ, суолталааҕа; туох эмэ эргийэр киинэ.

Самое главное, важное в чём-л.

  • ; средоточие, центр чего-л.

Алаһа дьиэ тэбэр сүрэҕэ

Аал уот умайан тигиниир.

  • Дьуон Дьаҥылы.

Бары сэбиэскэй норуот Барҕа тэбэр сүрэҕэ

Москва куорат. Саха нар. ыр. Баараҕай тутуу тэбэр сүрэҕинэн аатырбыт Чульманнааҕы ГРЭС-кэ кэлэбит. "Кыым". Тэҥн. туллар тутааҕа, эргийэр киинэ. Тэбэр сүрэхтээх, киһи фольк. – барыны бары чугастык ылынар, олус уйан киһи.

Тонкий, душевный, весьма чувствительный человек (букв. человек с сердцем, способным биться,).

  • [Захар – Сибиэтэҕэ:] Эн хаһан эмэ -- бу, салайааччы эрэ буолбатах, бу эмиэ киһи, тэбэр сүрэхтээх, таптыыр санаалаах -- дии санаабат этиҥ дуо?
    С. Ефремов
  • Тэбэр туйах чэрчитэ эргэр. – ким эмэ эрэллээх көмөлөһөөччүтэ. Верный помощник, сподвижник кого-л.

Тэппит атаҕын кубулуппат көр атах

  • Кини, аргыый наллаан да буоллар, наадатын лоп курдук быһаарсар, туппут илиитин ыһыктыбат, тэппит атаҕын кубулуппат эмиэ биир уол оҕото буолара өтө көстөр. "ХС"

10 этии #

тыылыы тэп – атахтаргын көнөтүк, чиккэччи уур, тэп Маратик, дьэ холкутаабыттыы, атаҕын тыылыы тэптэ. А. Софронов. Киһи кыһаммат, тыылыы тэбэн сытар, утуйбут. Н. Заболоцкай. Антон хоһугар киирэн, дьыбааҥҥа тыылыы тэбэн сытта. М. Доҕордуурап.

Нууччалыы Вытягивать, протягивать ноги прямо

Этиилэр

Дэлби тэбэр бэссэстибэ көр дэлби

  • Сааны, саа сэбин эбэтэр дэлби тэбэр бэссэстибэни уоруу -- иһин эппиэтинэскэ киһи уон түөрт сааһыттан тардыллар. СГПТ.

Дьаарбаҥ тэбэ (хаама, үктүү сырыт) көр дьаарбаҥ

  • Дьарааһын диэн ааттаах Дьаарбаҥ тэппит киһи Дьаныардаах от үлэтин саҕана Дьалты сылдьарын таптыыр.
    Р. Баҕатаайыскай

Дьиэрэҥкэй (дьиэрэҥкэйдээн) тэп көр дьиэрэҥкэй

  • Кый ыраах кытылга бэһиэлэй Кутаалар дьиэрэҥкэй тэптилэр.
    И. Гоголев
  • Үс чаллах хатыҥ быыһынан кыыс оҕо -- ыллыы-ыллыы дьиэрэҥкэй тэбэ сылдьар эбит.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
  • Ыллыы-туойа сылдьыахха, Ыараханы тумнуохха, Чэпчэки аартыгынан Дьиэрэҥкэйдээн тэбиэххэ.
    Баал Хабырыыс

Дьөлө тэп көр дьөлө

  • Агафья Петровна, ытыттан бүдүрүйэн баран, бачыыҥка төбөтүнэн дьөлө тэптэ быһыылаах.
    Амма Аччыгыйа

Көҥү тэп көр көҥү

  • Кини олорор сирин салгына бүтэн, тоҥон өйүн-төйүн сүтэриэх курдук гынан истэҕинэ, үөһэттэн ыраас салгын көҥү тэбэн киирдэ.
    Т. Сметанин
  • [Хаайыылаах:] Оттон мин ааны көҥү тэбиэм да, бары саба түһүөхпүт буоллаҕа дии.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • ДТС, тюрк. тэп, теп
II

11 #

ааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, тэ- диэн саҕаланар олохторго сыстар: тэп-тэтэркэй

Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательного, присоединяемая к основам, начинающимся на тэ-: тэп-тэтэркэй ‘ярко-розовый’

  • Тэп-тэтэркэй Чэгиэн-чэбдик Соноҕостор мустаннар, Тэтэрээхтээн, Күн тахсыыта Көлүччэҕэ уулууллар.
    И. Гоголев
  • Ёлкин ойон туран төттөрү-таары хааман элэгэлдьийдэ, атаҕа кып-кылгас, тэп-тэйиэккэлэс.
    К. Симонов
  • Ср. кирг. теп, туркм. деп ‘препозитивная усилительная частица к словам, начинающимся на те-’
III

12 #

тэп курдук кэпс. – 1) олус сэнэхтик туттар-хаптар, эдэр киһи курдук эрчимнээх (кырдьаҕас киһи туһунан)

Нууччалыы Достаточно бодрый для своего возраста (о стариках)

  • Оҕонньор -- билигин даҕаны тэп курдук, дьиэ эргин үлэһит.
    В. Протодьяконов
  • Төһө даҕаны аҕыс уон саастааҕын иһин оҕонньор билигин да тэп курдук, бэйэтин кыанар.
    ХС
  • Аҕыс уон иккис хаарын уулларан эрэр диэтэххэ, эмээхсин тэп курдук. "Кыым"; 2) олус чэпчэкитик, сылбырҕатык. Θ С лёгкостью, проворно. Суоруллубут бэрэбинэ түөрт өттүн соҕотоҕун тэп курдук көтөҕөн ылан санныгар уурунар ким эрэ көһүннэҕинэ, дьон са-ҥата суох бэлиэтии көрөн кэбиһэллэрэ.
    И. Сысолятин
Өссө холобурдар (1)
  • Фёдор илдьит хоту тэп курдук ыстанар. Ойуку. [Хотугу киһи] Чубуку чугуулуур очуостарын -- Тэп курдук чэпчэкитик дабайарын Тэҥҥэ айаннастаргын билиэҥ, бука. П. Ламутскай (тылб.)

«Т» буукуба