ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

саа

аат тыл

Нууччалыы ружьё.

English gun

1 аат тыл #

Буулдьанан ытар уһун уостаах сэп

Нууччалыы Ружьё. Икки уостаах саа. Буулдьа саа. Саалаахтан самныма, охтоохтон охтума (алгыс.). Сэмэнчик -- күөл кытыытыгар кустар түспүттэрин көрөн, саатын ылан ытаары үөмэн киирдэ. Н. Неустроев. Ойуур иһигэр саалар тыаһыыллар. Т. Сметанин

2 этии #

Нууччалыы Не подпускать кого-л. к чему-л., отказывать кому-л. в чём-л. (напр., в просьбе), на выстрел не подпускать

  • Саа да тэбиитэ (тэбэр сиригэр) чугаһатыма кэпс. - ким эмэ көрдөһүүтүн, баҕатын ылыныма, олох чугаһатыма Нэһилиэнньэни өҥөнөн хааччыйыыга дьиэнэн көмөлөһүҥ диэтэххэ, сопхуостар дириэктэрдэрэ саа тэбэр да сиригэр чугаһаппаттар. "Кыым". Саанан ыппыт курдук кэпс. - олус көнө, быһа (суол). Θ Прямо ведущий, кратчайший (о пути, дороге). Манан букатын быһа, саанан ыппыт курдук.
    А. Фёдоров
  • Саата тут - өстөөҕү кытта сэптэнэн-сэбиргэллэнэн охсус, сэриилэс. Θ Сражаться с врагом с оружием в руках. Алайскай лааҕырга биир ыйдаах Аптамаат үөрэҕин бүтэрбит Бу эдэр сэбиэскэй саллааттар Саа тутан, фроҥҥа бардылар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Саа уоһугар тур - ытыллар буруйга түбэс, ытылларга дьүүллэн. Θ Быть приговорённым к расстрелу. [Михаил:] Сибилигин саа да уоһугар турдарбын, мин санаам күүстээх, мин итэҕэлим кытаанах! С. Ефремов

3 этии #

Нууччалыы Гладкоствольное охотничье ружьё, дробовик. [Үрүҥнэр] сэптэрэ буоллаҕына үксэ кус саата

Этиилэр

Биинтэ саа көр биинтэ II

  • Ол дьыл сайыныгар дуу, күһүнүгэр дуу, Хаамардар ампаардара умайан хаалбыта. Бадаҕа, ол ампаар иһигэр Ыстапаан кубаны өлөрбүт биинтэ саатын ыйаан турбута үһү.
    Г. Угаров

Кураахтаах саа көр кураах

  • Кус саата кэпс. - доруобунньугунан иитиллэр булт саата Бэрт аҕыйах бэрдээн, бинчиэстэр баар.
    Ф. Захаров

Ох саа көр ох

Былыр манна ох саанан Ытыаласпыттар өбүгэлэр, Муос оноҕос турар сааллан Кырдьаҕас тиит түөһүгэр. И. Гоголев. Саа маһа - саа тимирэ олорор маһа, саа мас өттө.

Деревянная часть ружья, ложа.

  • Ньургун саатын маһа алдьаммыт. Саа сэбэ - ботуруон (саа) иитиитэ буолар маллар: доруобунньук, буорах, бөстүөн. Ружейный заряд: дроби, порох, пистон. Саа сэбин, атын туох эмэ наадалааҕы кистээн, наһааттан наһаа сыанаҕа биэрэллэр.
    Болот Боотур
  • Саа тэбиитэ - саа ылар, буулдьата тиийэр сирэ. Расстояние ружейного выстрела. Бэҕэһээ кэлбит оҕолор дурдалара миигиттэн биэс-алта саа тэбиитэ күөл арҕаа кытыытыгар бааллара.
    ХС

Саха саата көр ох саа

Тэргэн саа эргэр. - улахан сэрии сэбэ, бууска.

Артиллерийское орудие, пушка.

  • Тэргэн да саа тэбиитэ Тэҥнэһиэ суох быһыылаах, Чуор да саа буулдьата Чугаһыа суох быһыылаах, Үлүскэннээх айан диэн Манна буолар эбит.
    Саха фольк
  • Үрэр саа эргэр. - буораҕынан эстэр саа, доруоп саа. Ружьё. Чаачар саа - 1) ох саа диэн курдук (көр ох). Бу оттору Манчаары, күүстээх чаачар саа оҥостон баран, оноҕоһун төбөтүгэр уоттаах кыаны кыбыта-кыбыта ытыалыыр. МНН; 2) оҕо оонньуур чаачардаах мас саата. Детский игрушечный лук (обычно из тальника с верёвочной тетивой). Уончалаах эр оҕо элбэрээктээх чаачар саа оҥостон хадьыктаһар.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
  • Чокуур саа - чокуурунан эстэр саа. Старинное кремневое ружьё. Биир байтаһын биэни Туллай чокуур саанан бүөргэ ытан түһэрдэ, ол ыккардыгар Кууһума, -- уот оттон тигинэтэн кэбистэ.
    Н. Павлов

Чуор саа

үрэр саа диэн курдук.

  • Ср. др. -тюрк. йа, тув. чаа, алт. дьаа, каракалп. оқ-жай ‘лук для стрельбы стрелами’

«С» буукуба