Перевод с якутского
биинтэ
аат тыл
Нууччалыы бинт.
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
, эмп. Туох эмэ эчэйиини, бааһы бэрэбээскэлииргэ туһаныллар маарыла лиэнтэ
Нууччалыы Бинт. Бааһырбатах байыастартан ньиэмэстэр дьэҥдьийэн, бэрэбээскэ биинтэлэрин былдьаан ылбыттара. ССС
2 аат тыл #
, тех
Биинтэни эрийэн киллэр
3 аат тыл #
Тугу эмэ туттарарга, холбуурга аналлаах, эрийэн киллэриллэр тоһоҕо курдук тимир чаас
Нууччалыы Винт (стержень со спиральной нарезкой)
4 аат тыл #
Сөмөлүөтү эбэтэр суудунаны хамсатарга аналлаах, бэйэтин киинин тула эргийэр салбахтардаах оҥоһук
Нууччалыы Винт (самолета или судна)
Биирдэ акустиктар өстөөх хараабылларын биинтэлэрэ тыаһыылларын истибиттэр ССС
5 аат тыл #
Саа уоһун ис өттүнэн устатын тухары испирээллии эриллэн тахсар буулдьа көнөтүк барарыгар туһалаах хаһыы
Нууччалыы Нарезка (оружия)
Бинтиэпкэ биинтэлээх күөх иһэ күлүмнүүр Эрилик Эристиин
6 этии #
Биинтэ саа эргэр. - бинтиэпкэ Биинтэ саабын бэркэ диэммин Билгэлээн көрбүтүм: Биэс сиринэн Бэлиэ баҕайытык бэттэн хаалан Бэйдиэннээн барбыт эбит. Саха нар. ыр. II
Нууччалыы Винтовка