ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрэдэһин

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы орнамент в виде закрученной линии. [Огдоо] эриэккэс эрэдэһин оһуордаах ойуулаах толору арыылаах кымыстаах улахан чороону икки илиитинэн тутан Чөрөкөйгө биэрдэ

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Сурааһыны эрийэ тардан оҥоһуллубут киэргэл, ойуу

Нууччалыы Орнамент в виде закрученной линии. [Огдоо] эриэккэс эрэдэһин оһуордаах ойуулаах толору арыылаах кымыстаах улахан чороону икки илиитинэн тутан Чөрөкөйгө биэрдэ

  • "Чолбон". Дьабака ортотун эрэдэһин ойуунан биэрбиттэр. Бу эр киһи уонна дьахтар куттарын көрдөрөр.
    Б. Павлов
  • Кини синиэлин кыһыл көмүс эрэдэһиннэринэн саба тигиллибит үрдүк саҕатын, тыынарын мэһэйдэппит курдук, илиитинэн көннөрүнэн баран, санаатын ситэри эттэ. Н. Островскай (тылб.)

2 аат тыл #

Саа уоһун иһинээҕи быһыыта

Нууччалыы Нарезка ружья

  • Карабин өр туһаннахха ис эрэдэһинэ кэһиллэр, оччоҕо буулдьата көндөйдүү барар
    В. Миронов

3 даҕааһын #

суолт. Эриллибит, эриллэн хаалбыт (хол., быа)

Нууччалыы Скручённый (напр., о бечёвке, нитке)

  • Сап эрэдэһинэ.
  • Хатыллыбыт сабы күүскэ чиккэччи тардыллар: сап эрэдэһинэ ыпсыахтаах. Оннук сап бөҕө буолар
    Хомус Уйбаан
  • Эриллэн аһыллар (күлүүс, күлүүс тыла). Θ Открывается, закрывается поворотом ключа (замок). Аан эрэдэһин күлүүстээҕин көрөн, балыыһаҕа чоочугураан тиийбиттэрэ.
    П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
  • Эбэм эрэдэһин тылынан аһыллар күлүүстээх дьааһыгын түгэҕиттэн үрүҥ саппыйааны таһааран тыҥырах саҕаны биэрэрин эмэн сиир, эчи, минньигэһин, эриэхсит
    Чолбон

4 аат тыл #

Олох ыар мускуурдара

Нууччалыы Жизненные трудности, невзгоды, неудача

  • Эргитэ санаан кэлэбин Эрэдэһин эриэн эгэлгэтин -- Сайын холоруктар сөрүүллэр, Кыһын силлиэлэр бөрүүллэр.
    П. Тобуруокап
  • Онно буһуу-хатыы оскуолатын барбыт эрэ ыччат олох уустук эрэдэһинигэр туруулаһар аналлаах
    Кыым

5 этии #

Нууччалыы Кольца для прикрепления косы к рукоятке с помощью специального ключа

Этиилэр

Хотуур эрэдэһинэ

хотуур тууратын укка хам тутар биһилэхтэрэ – олору түөрт муннуктуу оҥоһуулаах анал күлүүһүнэн эрийэн кытаатыннараллар Эрэдэһин быа – тирии быаны эрийэн баран ууннары тардан хатарыллыбыта.

Кручёная бечевка.

Эрэдэһин долгун

улахана суох дьиримнэс долгун.

Небольшая волна, рябь.

  • Таас хайа дьаҥнаах, Эрэдэһин долгуннардаах Эрэлийэр бааллардаах Элиэнэлиир эбэбит Эҥсилгэннээх биэрэгэр -- Баһаам улахан Бастыҥ затон баар эбит.
    Н. Степанов
  • Муора тунаархай ньуурун устун кыра эрэдэһин долгуннар таас быыстаах кумах эҥээргэ тиксэн, сур гына-гына күүгэннирэ усталлар. СҮ
    К. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • тув. ээрил, алт. эрэҕин, калм. эрэсн ʽвинтʼ

«Э» буукуба