Перевод с якутского
тэҥэ
кэнники тыл, сыһыат, аат тыл
Нууччалыы выражает отношения сравнения, уподобления
1 аат тыл #
дьөһ. Ким, туох эмэ курдук, кимиэхэ, туохха эмэ майгынныыр диэн суолтаны көрдөрөр
Нууччалыы Выражает отношения сравнения, уподобления (как, словно, подобно)
Кыраҕыттан билэр буолан, Кыыһым тэҥэ саныыбын. Күннүк Уурастыырап Ийэ диэн – Киһини иитэр кэрэ киһи, Кини баар сырдык, килбиэн, Күн тэҥэ күндү, үтүө киһи. И. Эртюков [Дьаарбаҥы] былыр улахан бырааһынньык тэҥэ күүтүллэрэ, дьоһун кэпсэл буолара Багдарыын Сүлбэ
2 аат тыл #
ситим т. суолт. Хайааһын атын хайааһыны кытта сэргэ оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется в функции союза, объединяющего два действия (наряду с тем, что ...; равносильно тому, что ...)
А. Е. Кулаковскай -- фольклору хомуйарын тэҥэ төрөөбүт дойдутун, айылҕатын таптаан туойара, ыллыыра. Эрчимэн. Ойуурдаах куобах охтон биэрбэт диэбит тэҥэ, киһи киһиэхэ өйөстөҕүнэ эрэ бу сир үрдүгэр олорор. У. Нуолур Кыбыстарыттан, толлоруттан, миинэлээх хонуунан хаамар тэҥэ сэрэнэн үктэнэр, дух-дах туттар Чолбон
3 этии #
Нууччалыы Выражает утверждение о том, что действие, совершаемое в высказывании, выполняется наравне с другим (наряду с)
Ону тэҥэ ситим сыһыан холб. – бэриллэр санаа инники этиллибити кытта бииргэ, холбуу оҥоһуллар диэн бигэргэтиини көрдөрөр Күндэ поэт эрэ буолбатах этэ, кини ону тэҥэ прозаҕа, драматургияҕа эмиэ үлэлээбитэ. Софр. Данилов. Бу күөлгэ араас балыктар төрүүллэр-ууһууллар. Ону тэҥэ манна быыдаралар үөскүүллэр. И. Федосеев Бу эдэр буойун -- өстөөҕү өһүөннээхтик абааһы көрөр кытаанах дьэбир санаалаах, ону тэҥэ Ийэ дойдутун, төрөөбүт норуотун итиитик таптыыр амарах сүрэхтээх киһи. "ХС"