Перевод с якутского
кэнтик
аат тыл
Нууччалыы палочка или колышек, на который натягивается силок-насторожка самострела
1 аат тыл #
булт. Айа кылыытын баайар мас
Нууччалыы Палочка или колышек, на который натягивается силок-насторожка самострела
Кэмчи соҕус да буоллар - Кэнтиктэрэ охтуулаах, Татым соҕус да буоллар - Чааркааннара тардыылаах. С. Данилов Бүөтүр үөһэ титирик долбууртан айа кэнтигин ылан, уот иннинээҕи олох маска олорон, саҥа кэрдиистээн барда. Эрилик Эристиин Эр бэртэрэ Эбээннэр, сахалар, Ааны, чааркааны Антах быраҕыҥ, Холону, кэнтиги Хайаҕа хаалларыҥ! С. Зверев
2 аат тыл #
Ким эмэ инники олоҕор, дьылҕатыгар ыар охсуулаах куһаҕан оҥоһуу, өлөр-быстар суол
Нууччалыы Роковой случай, бедствие, злополучие, имеющие тяжелые, гибельные последствия в жизни, судьбе кого-л
этиини кэстэххинэ Кэннигэр, иннигэр Кэнтиги тэриниэҕиҥ, Үрүҥ тыыҥҥын Үстэ иһиллиэҕим.
П. ОйуунускайМин бэйэлээх кэнтик уурар, Төрүөҕү төлкөлүүр, Оһолу оҥорор Уордаах санаабын бохсоннор, -- Өлөрүм эрэ хаалла бу... С. Зверев Манна кэлэн дьэ биллэ Манчаары абаҕатын... Кимнээх кини суолугар Кэнтик аспыттарын И. Чаҕылҕан
3 этии #
Нууччалыы Попадаться на чью-л. уловку, стать жертвой несчастного случая
Кэнтиккэ киирэн биэрдэ - албаска түбэстэ, угаайыга киирэн биэрдэ Уу оломун, ойуур ыллыгын оччо аахса, билэ барбат оройукка дылы, онон кэнтиккэ киирэн биэриэн сөп этэ. Болот Боотур Кэнтиккэ оҕунна - алдьархайга түбэстэ, өлөр өлүүнү көрүстэ. Θ Попадать в большую беду, найти погибель. Кэнтиккэ даа охтуом буоллар, Кэннибинэн кэхтиэм суоҕа.
П. ОйуунускайКэтиҥ кинээһэ, кэччэгэй баай, кэлбити-барбыты киллэрэриҥ оннугар, кэнтиккэр охтороору, үөрбэҕэр түһэрээри олороҕун эбит дуу? И. Никифоров
Өссө холобурдар (3)
Кэнтиккэ тэп - кимиэхэ эмэ куһаҕаны оҥор, өлөр-быстар суолга ас. Θ Причинять кому-л. зло, приносить несчастье. Кэниэргэ этэргитинэн, Кэнтиккэ тэбэргитинэн Кими куттаары гынаҕыт? Уоттаах уурааххытын Уу курдук кэһэр Уол-оҕо мин төрөөтүм...
П. ОйуунускайДьону кэнтиккэ тэбэр, кэлтэгэй кэскиллиир үлэтэ суох буолуу алдьархайа өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи Саха сиригэр эмиэ баар этэ. И. Аргунов Киһи барахсан ардыгар биир тылтан, Аҥаардас биир тылтан буорайан түһээччи, Үйэтин тухары аатын алдьатан Кир буолан иҥмит тыл кэнтиккэ тэбээччи. Агидель к