ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыҥкырай

аат тыл

Нууччалыы мелкая лучина

1 аат тыл #

Кыра тырыыҥка

Нууччалыы Мелкая лучина

  • Тыҥкырай курдук тыллаах итиччэ кыра, быһах угун аҥаарын саҕа иэҕии тэрил [хомус], күн толбонун ырыатынан ыһыахтанан, бар дьон кутун кууста. К. Ут кин

2 аат тыл #

булт. Чааркаан тэптиргэтэ уурулларыгар аналлаах синньигэс сытыары мас тоһоҕоһо

Нууччалыы Тонкая горизонтальная палочка в капкане на мелких зверей (чааркаан), на которой вертикально устанавливается сторожок

  • "Көр, бу тыҥкырайын үктэлигэр таарыйдар эрэ, төлө барар гына иитэр куолута", – аҕам чааркааны хайдах иитэргэ миигин үөрэтэр.
    Н. Якутскай
  • Айа холоруга – айаны тардан иитэр кэрдиистээх сүрүн мас, киниэхэ элбэрээк уонна тыҥкырай диэннэр холбоноллор. СНЕ ӨОДь. Хаар саба түһэн кэбиһиэ диэтэҕинэ, чааркаанын тыҥкырайыгар хос боробулуоха бүтэйи оҥорор, оччоҕо хаар чааркаан айаҕын бүөлээн кэбиспэт, булда киирдэ да син биир эстэр
    Кыым

3 аат тыл #

Сибэккитэ үүнэр сирэ саптыҥы биитэр розеткалыы быһыылаах, төгүрүктүҥү сэбирдэхтэрдээх биир эбэтэр элбэх сыллаах үүнээйи

Нууччалыы Проломник (вид растения)

  • Дыгдаллыбыт быһыылаах, Лыҥкынастай саҥалаах Тыҥы хатарар чыычааҕым Тыҥкырай отум үрдүгэр олорон Лыҥкыначчы, сырылаччы ыллаата. Саха нар. ыр. I. Ол дьүһүннээх бурдуктара эмиэ тыҥкырай от буолан хаалар дуу?
    А. Сыромятникова
  • Тыҥкырай от уһуктаах төбөтүттэн аһа тохтон, сэбирдэхтэрэ саһаран, чарчыйан барбыттар. М. Шолохов (тылб.)

«Т» буукуба