ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чарт

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы лучина, лучинка

Ис хоһооно · 5
I

1 аат тыл #

Чараас гына хаптаччы тыырыллыбыт мас, уһун чараас тымтык, сарт (хол., тымтай, түннүк оҥорорго, эчэйбит уҥуоҕу тутарга)

Нууччалыы Лучина, лучинка

  • Убаачаа, тыаҕа тахсан хаппыт талахта булан тыыр уонна чарта оҥор.
    М. Попов
  • Хатыҥ мастан хайытан, чарт оҥорон тыһаҕас иҥииринэн атаҕын хам баайан кэбистэ. ИПН АОК. Көтөр оҕото турар сирин тус-туспа араарыллар, мас чардынан быыһанар
    ЛЕВ ССКИиС

2 аат тыл #

Дьиэ эркинигэр сыбаҕы туттарарга аналлаах синньигэс тымтык, тутуу матырыйаала

Нууччалыы Тонкая деревянная планка для покрытия крыш или для обрешётки стен под штукатурку, дранка

  • Чарт анныгар баатаны, ханапаакыны, сэбирдэҕи эбэтэр муоҕу угуллар. МКББ. Чарт саайыыта
    АВН КХАТО
  • Кыыс бэйэтигэр улахан чарт холлоҕоһу ылар. Саха сэһ. 1977. Чарт түннүктэринэн нөҥүө сааскы күн сырдык сардаҥаларын дьиэҕэ кутар.
    И. Федосеев
  • Чарт иһиккэ аҕыс сымыыт уонна мөһөөччүккэ икки киилэ кэриҥэ бурдук баара. ПП Дь

3 даҕааһын #

суолт. Чараас гына тыырыллыбыт маһынан, тымтыгынан, сардынан оҥоһуллубут

Нууччалыы Плетёный из лучинок, лучиночный, драночный

4 этии #

Этиилэр

Чарт тымтай көр тымтай

  • Оҕонньор туран чарт тымтайын ылан дьиэтин диэки хаамта.
    М. Доҕордуурап
  • Дьиэ кэнниттэн улахан баҕайы чарт тымтайдаах дьахтар тахсан кэлбитэ.
    Г. Колесов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС чарт ‘кусочек, частица’, йар ‘рассекать, расщеплять’
II

5 #

тыаһы үт. т. Чаччыгыныар саҥатын үтүктэр тыл

Нууччалыы Подражание резкому трескучему звуку, издаваемому дроздом, крик дрозда

  • Чаччыгыныар "чарт-чарт" дии түһээт, тоҥсуйан саайда
    Ф. Филиппов

«Ч» буукуба