ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туруор

туохтуур

Нууччалыы стоять; ставить; класть

English to stand, to set, to put

Ис хоһооно · 20

1 туохтуур #

Нууччалыы стоять; ставить; класть

English to stand, to set, to put

  • кинигэлэри долбуурга туруор
    поставь книги на полкуput the books on the shelf

2 туохтуур #

Нууччалыы класть

English to put, to propose, to nominate

  • боппуруоһу дьүүлгэ туруор
    поставить вопрос на обсуждениеto put the question up for discussion

3 туохтуур #

Тугу эмэ туруору тут, турар гына уур, оҥор

Нууччалыы Помещать, ставить что-л. стоймя, приводить в вертикальное положение

  • Кинигэлэри долбуурга туруор. Бугулла туруор. Остуолбата туруор

4 туохтуур #

Сытар кими, тугу эмэ туруору тарт

Нууччалыы Поднимать, ставить кого-л. на ноги

  • Сытар ынаҕы туруорбат киһи (өс хоһ.). Төкүнүйэ сытар Марисаны дэһээтинньиктэр соһо тардан туруоран, Бурхалей хаайыытын диэки дэллэритэн истилэр
    Эрилик Эристиин

5 туохтуур #

Кими эмэ туох эмэ дьуһуурустубатыгар анаа, быстах үлэни, сулууспаны толорорго дьаһай

Нууччалыы Выставить кого-л. на охрану кого-чего-л.; приводить кого-что-л. в боевую готовность

  • Билигин пуоста туруоруохха, баҕар, ким эмэ түбэһэ кэлиэҕэ.
    Суорун Омоллоон
  • [Бадин – Михаилга:] Табаарыс дьуһуурунай, батальону бойобуой бэлэмҥэ туруор.
    С. Ефремов
  • "Тоҕой" учаастагар манабылы туруорбатаҕым
    Н. Якутскай

6 туохтуур #

Тугу эмэ тут, оҥорон таһаар

Нууччалыы Строить, возводить какое-л. сооружение, здание

  • Хантан эрэ хоп курдук оҥоһуулаах эргэ ампаары аҕалан туруорбуттар.
    Күндэ
  • Үс хонук устатыгар тиргиччи үлэлээн, саха балаҕанын туруоран кэбистилэр.
    И. Гоголев
  • Тохтоон, хомурах хаары хаһан, Тордох туруоран бүттүбүт
    Дьуон Дьаҥылы

7 туохтуур #

Эстэр сэп (хол., саа) курааҕын ытарга бэлэм оҥор

Нууччалыы Снять ружьё с предохранителя

8 туохтуур #

Биир сиргэ тугу эмэ уур, миэстэтин буллар

Нууччалыы Помещать, загонять, ставить что-л. на определённое место (напр., машину в гараж)

  • Массыынаны гарааска туруор

9 туохтуур #

Ханнык эмэ боппуруоһу эбэтэр тугу эмэ дьон дьүүлүгэр, быһаарыытыгар таһаар

Нууччалыы Ставить, выдвигать что-л. (напр., какой-л. вопрос, требование) на обсуждение

  • Атын хамандыырдар да Абдуркулла туруорбут былаанын сөптөөҕүнэн ааҕаллар.
    Эрилик Эристиин
  • Оҕолоор! Бу боппуруоһу тохтотуохха, Улууска, уокурукка туруоруохха.
    С. Васильев
  • Бары университеттар биир санаанан туруорбут модьуйуулара ылыллыбатаҕа дьэҥкэ буолла
    П. Филиппов

10 туохтуур #

Утуйа сытар киһини уһугуннар

Нууччалыы Поднимать, будить спящего

  • Сарсыарда эрдэ туруораарыҥ

11 туохтуур #

Кими эмэ туохха эмэ таларга, аныырга этиитэ киллэр

Нууччалыы Выдвигать, выставлять чью-л. кандидатуру на выборы, ставить, назначать кого-л. на должность. [Көтөрдөр] Мунньахтара хайдан, тус-туспа Тойон талбыттар, хандьыдаат туруорбуттар

  • Сарсыҥҥаттан ыла атын ыскылаат сэбиэдиссэйинэ туруоруҥ
    М. Попов

12 туохтуур #

Тугу эмэ турар гына оҥор (хол., пааматынньыгы)

Нууччалыы Сооружать, ставить, устанавливать (напр., памятник)

  • Суорун Омоллооҥҥо пааматынньык туруорбуттар

13 туохтуур #

Ыалдьыбыт киһи, ыарыһах туругун көрөн, чинчийэн ыарыытын бил, быһаар

Нууччалыы Ставить диагноз

  • Быраас ыарыһахха диагноз туруоран, эмп анаата

14 туохтуур #

Тугу эмэ күөҥҥэ ууран сакалааттас, уксус

Нууччалыы Ставить что-л. на кон, в вознаграждение за что-л

  • "Бу суон бэрэбинэни соҕотоҕун биэрэккэ киллэрбит киһиэхэ биир муунта табаҕы туруорабын", – диэбит [бирикээсчик]. "Саха с". Мин үстээх атыыры туруорабын.
    А. Кривошапкин
  • Оһумуоха пиибэни туруордулар – ким-ким кыайар? И. Тургенев (тылб.)

15 туохтуур #

Кими эмэ туох эмэ иһин арыгынан күндүлээ

Нууччалыы Угощать кого-л. (напр., спиртным)

  • Кыайдахпытына убайбар биир чиэппэр арыгыны туруоруом.
    Далан
  • "Чэ, үчүгэй!" – Муонча, үөрүүтүгэр, Сэдьүккэ арыгы туруорбута.
    Н. Якутскай
  • "Ээй, Сиидэркэ, кэл, түөкүн, тупсуох, чиэппэр арыгыны туруорабын", – Сүүлүк Бааска -- киһитин ыҥырда
    Н. Павлов

16 туохтуур #

Сүөһүнү хотоҥҥо кыстат, кыһыны туорат

Нууччалыы Держать, содержать (напр., скот в хлеву)

  • Быйыл биэс сүөһүнү туруордум

17 туохтуур #

тыйаатыр. Ханнык эмэ айымньыны сыанаҕа оонньоон көрдөр

Нууччалыы Ставить спектакль

  • Быйыл хас даҕаны испэктээх туруорбуттар.
    Амма Аччыгыйа
  • В. В. Никифоров "Манчаарыта" туруорарга көҥүллэммэтэҕэ.
    ХС
  • Биһиги "Чыычаах уонна Күтэр" диэн остуоруйаны туруордубут
    КИИ СТ-2

18 туохтуур #

булт. Ханнык эмэ кыылы сонордос, эккирэт

Нууччалыы Преследовать (зверя на охоте)

  • Күн ортотун саҕана аарыма атыыр тайаҕы туруордубут.
    Амма Аччыгыйа
  • Сарсыардаттан хаамтыбыт да, биир даҕаны куобаҕы туруорбатыбыт.
    Н. Якутскай
  • Биир тайаҕы туруораннар урут көрбөтөх кыылларын көрдүлэр
    Болот Боотур

19 этии #

Этиилэр

Атаҕар (сүһүөҕэр) туруор көр атах

  • [Артём:] Кини эйигин эмтээн атаххар туруорда.
    В. Протодьяконов

Саа уоһугар туруор көр саа

  • [Киирик:] Баайдар-тойоттор саа уоһугар миигин туруора сылдьыбыттарын өйдүүбүн.
    С. Ефремов
  • Сүбэлэһэн хаайыллыбыт дьону саа уоһугар туруорбакка оҥостуммуппут. "Чолбон".

Утары туруор көр утары

  • Ол миэхэ кэргэттэрбин утары туруоран тугу туһаналлара буолла. "ХС"

20 этии #

Этиилэр

Кириэс туруор көр кириэс I

  • Кини олоҕун биир суол кэрдииһигэр түмүк оҥоһунна, кириэс туруорда.
    ХС

Кырыыска туруор

кыраа диэн курдук.

  • Бассабыык Баһылайы күн аайы таҥара дьиэтигэр кырыыска туруорар үһү.
    П. Ойуунускай
  • Мин бүгүн өстөөхпүн көрүстүм -- Тус бэйэм, бар дьонум бүтүннүү Кырыыска туруорбут киһитин.
    С. Данилов

Муннукка туруор көр муннук

  • [Дьэкиимэп] Куоттарбат, муннукка туруоран, Баалкынан көхсүгэ аспыта.
    Эрилик Эристиин
  • [Аҕабыыт] Микиитэни кылааска киллэрэн, муннукка туруорда. Амма Аччыгыйа

«Т» буукуба