Перевод с якутского
соруй
туохтуур
Нууччалыы назначать; поручать
English to assign, to entrust
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Нууччалыы назначать; поручать
English to assign, to entrust
миэхэ тиэтэллээх үлэни соруйдулар мне дали срочную работуthey assigned me urgent work мин кинини уу баһарыгар соруйдум я послал его за водойI sent him to fetch water
2 туохтуур #
Кими эмэ тугу эрэ гынарыгар сорудахтаа; дьаһай
Нууччалыы Поручать кому-л. что-л.; давать кому-л. какое-л. задание. [Маайа:] Соруйбуккутун төттөрү этэ иликпин, тугу үлэлээ диэбиккитин үлэлииргэ дылы гынабын дии
3 туохтуур #
Көлүнэр көлөнү эбэтэр ыты саҥа таһааран, охсон, тиҥилэхтээн айаннат, түргэтэтэн биэр, киксэр
Нууччалыы Понуждать к быстрому бегу, движению, погонять
Манчаары кыһыытыттан-абатыттан илиитин сүһүөхтэрэ лачыгырыар диэри көнтөһүн ыга тутта уонна атын күүскэ баҕайы тиҥилэхтээн соруйда. Софр. Данилов. Наартатыгар нүксүччү туттан олорбут сукуйдаах хотугу киһи табаларын тиэтэтэн, уһун ураҕаһынан соруйа иһэр. ЭК Булчут ыттарын тиэтэтэн: "Тах-тах!" – диэн сотору-сотору соруйара ХС
4 этии #
Соруйар киэп тыл үөр. – хайааһыны оҥорууга соруйууну, көрдөһүүнү, баҕарыыны көрдөрөр киэп уур олоҕо соруйар киэп биир ахсаанын иккис сирэйин кытта сөп түбэсиһэр. ПНЕ СТ. Билиҥҥи түүр тылларыгар соруйар киэп үксүн иккис, үһүс сирэйдэргэ туттуллар. АНК БТТ. Соруйар этии тыл үөр. – соруйууну, буойууну эбэтэр көрдөһүүнү көрдөрөр этии. Побудительное предложение. Соруйар этии ураты интонациялаах, ол соруйар интонация дэнэр. СОТТҮө. Кими эмэ тугу эрэ оҥорорго көрдөһөр эбэтэр соруйар этиини соруйар этии диэн ааттанар. ПНЕ СТ
Нууччалыы Повелительное наклонение