Перевод с якутского
анаа
туохтуур
Нууччалыы завещать
English to bequeath
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Нууччалыы завещать
English to bequeath
маны өлөрүгэр анаабыта перед смертью он это завещалhe bequeathed this before his death
2 туохтуур #
Ханнык эмэ үлэҕэ, дуоһунаска ыыт
Нууччалыы Назначить на какую-л. работу, должность
Ол Хоодуотабы мин үлэҕэ анаан турабын. С. Ефремов Катяны киниэхэ көмөлөһөөччүнэн анаатылар Н. Заболоцкай
3 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ тугу эрэ өлүүлээ, хааллар
Нууччалыы Выделять, оставлять, предназначать кому-л. определенную долю
Отут сүөһүнү, ол иһигэр биир бастыҥ атыыры чаас аныыр.
Суорун ОмоллоонТуох баар баайбытын барытын балтым кыыска анаан баран, атах балай барбытым, онтон ыла бу сылдьабын А. Софронов
4 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ тугу эмит туһаай, аадырыстаа
Нууччалыы Посвящать, адресовать кому-л. что-л
Эйиэхэ ол ыраах бырааппар Бу ыллыыр ырыабын аныыбын. С. Данилов Мин уубуттан уйгууран, Инникини санаатым, Ол туһунан суруйан, Ааҕааччыбар анаатым. Күннүк Уурастыырап Оҕо сааспыттан эн миигин Доҕор туттаҥҥын таптыырыҥ, Онон сүрэҕим итиитин Күндү атаспар аныыбын! Эллэй
5 туохтуур #
Ханнык эрэ улахан дьыалаҕа, үлэҕэ биэр, туһаай (олоххун, күүскүн)
Нууччалыы Предназначать, отдавать какому-л. большому делу, свою жизнь, работу
Сергей Иванович туох баар олоҕун, билиитин өрөбөлүүссүйэ дьыалатыгар анаабыта. И. Федосеев Ян Райнис сүҥкэн айар талаанын бүтүннүүтүн көлөһүннээччи кылаастар батталларын утары охсуһууга анаабыта. Софр. Данилов. Ис сүрэҕиттэн сөбүлээн туран олоҕун бүтүннүүтүн аныырыгар сөптөөх дьыаланы булуохтааҕа.
Н. ЛугиновСр. тюрк. арна ’назначать’