Перевод с якутского
киир
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы входить, войти
English to set
Ис хоһооно · 25
1 туохтуур #
Тастан кэлэн туох эмэ иһигэр баар буол
Нууччалыы Входить, войти
Хас эмэ бартыбыаллаах дьон, сүр тиэтэлинэн кэлэн, дьиэҕэ киирдилэр. А. Софронов Ол сытан эрэ көрдөҕүнэ, таһыттан биир сарыы сонноох, ынах этэрбэстээх киһи киирдэ. Н. Неустроев Маайа, кыбыста-кыбыста, урукку тойонун аах олбуордарыгар киирэр. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (4)
Кыыһым мин бараары гыммыппар үөрбүттүү, хоһугар киирбитэ С. Данилов Булт сэбигэр хабылын, тутулун (кыыл, балык туһунан этэргэ). Θ Оказаться пойманным, попасть в охотничью ловушку (о звере, о рыбе). Күөлбүт балыга аны тууга да, ардьааҕа да киирбэт буолбут. Н. Якутскай Уоһук: "Хайа, сэгэриэм, бу хантан кустанныҥ?" Тимэппий: "Ээ, Тоҥуулаах үрэҕэр тиргэ ииппиппэр, онно киирбит. "
КүндэКынаттан күөйтэрдэҕинэ эрэ, муҥха ийэтигэр балык киириэхтээх. ПН
2 туохтуур #
Арыый үрдүк сиртэн аллара диэки бар (хол., өрүскэ, күөлгэ, алааска барыы туһунан)
Нууччалыы Направляться куда-л. вниз, спускаться с более высокого места (напр., к реке, к озеру, к аласу)
Бастаан Саабалаах балаҕаннарыгар барыахха, ол кэннэ ойбоҥҥо киириэхпит буоллаҕа дии. А. Софронов Бөлүүҥҥү кыраһа кэнниттэн оҕустаах сыарҕа суола алааска киирбит. Н. Якутскай Мин эрдэ туран уу баһар күөлбэр киирэн далаһа тумсугар сууннум. И. Гоголев
Өссө холобурдар (2)
Биһиги үөрүүбүтүн кытта өрүскэ муҥхалыы киирдибит И. Данилов Халдьаайыттан (киһини көмөр сиртэн) кэл. Θ Спуститься с более высокого северного склона аласа, на котором якуты обычно хоронят покойников. Киһилэрин кистээн киирэннэр, мустубут дьон хоолдьуга этин аһаабыттар Болот Боотур
3 туохтуур #
Кытыы сиртэн киин, үөс сиргэ кэл
Нууччалыы Перебраться, приехать из глубинки в центр
Бу, дьиикэй Туобуйа түгэҕиттэн киирбит, табаны-тайаҕы кытта сэргэстэһэн үөскээбит, бии Хахаарытта кыыһа Харытыана хамначчыт эрэйдээх -- уу баһан иһэр эбит.
П. ОйуунускайКоммунизм холкуос булчута Дайыыла Дарамаайап тыаттан бэҕэһээ киирбитэ. Софр. Данилов. Кэбис, Майаттан мин аны Киирииһибин Дьокуускайга Баал Хабырыыс Өрүс, күөл үөс өттүгэр эбэтэр арыытыгар тиий. Θ Пробраться на середину реки или на остров. Ол курдук кинилэр Арыыга киирэннэр, Тыыта суох хаайтаран, Таах өрөөн хаалтара. С. Данилов
Өссө холобурдар (2)
Борууну туораан, кууран хаалбыт тас үөскэ киирдим. Т. Сметанин Оҕус эмискэ баҕайы үөс диэки киирдэр киирэн харбаан барбахтаан иһэн тоҕо эрэ төттөрү эргиллэн таҕыста ХС
4 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ кэл, кимиэхэ эмэ сырыт; ханнык эмэ сололоох киһини кытта көрүс
Нууччалыы Зайти к кому-л., навестить кого-л.; быть на приеме у кого-л
Алмаас таас сандаарар дыбарыас Алаарбыт-күндээрбит аанын аһан Хоруол судаарга киирэн хоруйдаан кэбистэ.
П. ОйуунускайСарсыарда Оноҕочоон Чоохоон баай Хара Хааҥҥа киирэн кэлэр.
Суорун ОмоллоонБолдьохтоох кэмҥэ мин Михайловка киирбитим. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (3)
Бэрэссэдээтэлгэ киирэн хайдах этиэхтээҕин толкуйдаан көрдө Т. Сметанин Кими эмэ кытта охсуһа кэл, сэриинэн саба түс. Θ Придти к кому-л. с намерением сразиться, наступать на кого-л. с войной. Илиэһэй илэ бэрдигэр Илэ бэйэбинэн киирдэхпинэ, Оһолго оҕустарыаҕым, Очурга тэптэриэҕим.
П. ОйуунускайРоссияҕа күүс өттүнэн киирбит ньиэмэс омугу утары сэриини күүһүрдүөхтээхпит Амма Аччыгыйа
5 туохтуур #
Туох эмэ (үксүгэр ойуур, үүнэн турар от) ортотугар, быыһыгар баар буол
Нууччалыы Оказаться в центре, в середине чего-л., войти
Кэдэлдьи алаас уонна Баатты хочото чараас тыалаах үрдүк арҕас халдьаайынан быысаһаллар. Ол чараас тыаҕа киирдэххэ, хочолоох алаас иккиэн көстүбэттэр. Амма Аччыгыйа Оҕотун саҥа киллэрбит чөккөөкү от саҕатыгар ньыкыйан олорон иһиллээмэхтээт, өлөҥ быыһыгар киирэн хаалла. И. Гоголев Эн байанайдаах тыаларгар мин киирэбин, Соргубар эрэнэ, суһал хаамыынан. С. Данилов
Өссө холобурдар (2)
[Иван Иванович:] Оҕолоор, кэлиҥ түргэнник, ойуурга киирэ охсуоҕуҥ. Улахан наада баар. С. Ефремов Мойот саатын туппутунан ойуурга киирдэ Т. Сметанин
6 туохтуур #
Саас соҕурууттан көтөн кэл эбэтэр күһүн соҕуруу күргүөмүнэн бар (кус-хаас туһунан); күргүөмүнэн көтөн кэл (бултанар уу көтөрө сарсыарда, киэһэ күөлгэ, өрүскэ кэлиитин этэргэ)
Нууччалыы Перелетать стаей; прилетать (о перелете птиц; о массовом прилете водоплавающей дичи к воде на утренней или вечерней зорьке)
Ол баҕас уруккуттан да биллэр ээ: хаас киирдэҕинэ, үрэх баһыгар хаардаатаҕа диэччилэр. Далан Үлэлэрин бүтэрбит дьон быһыытынан, хаас көтөрүн кэтэһэн олордулар. Кыһытыан иһин, хаас киэһэ, сарсыарда да киирбэтэ. В. Протодьяконов Килэччи тоҥно эмиэ уум, Көтөр эмиэ киирбэтэ. Урсун. Кус-хаас киирэр саҥата иһиллэргэ дылы Н. Павлов
Өссө холобурдар (1)
Хотугу муора арыытыттан туундараҕа таҕыс (дьиикэй таба маассабайдык кэлиитин туһунан этэргэ). Θ Перебраться стадом (о миграции диких оленей). Аҕам, бука, синньэ кэлэрэ буолуо: кыыл киириэ эрдэ эбээт Болот Боотур
7 туохтуур #
Тугу эмэ курдаттаан, өтөн иһирдьэ баар буол (өт); эккэ-хааҥҥа, дууһаҕа билин
Нууччалыы Проникнуть, просочиться сквозь что-л., подхватить, подцепить (о болезни)
Толомон маҥан күн Төлөнө киирдин диэн, Тоҕус уолҕан-чуолҕан түннүктээх.
П. ОйуунускайБиирдэ харахпар ыарыы киирбитин, "кугас ынах сааҕа эмп буолар үһү" диэбиттэрин кырдьыктанаммын, былаакка ынах сааҕын суулаан баран, харахпар баанан хоммутум. Амма Аччыгыйа Оччотооҕуга ийэлэрэ Кантира бокуонньук, муннугар тумуу да киирбэккэ, өлүөр хаалбыта Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
Киһи этин-сиинин иһигэр, этин сааһыгар баар буол. Θ Оказаться в теле человека, проникать, показать. Сэмэн ытыһын чэрин дуу, ытыһыгар мас киирбитин дуу кытаахтаһан, кыҥастаһа турар. Амма Аччыгыйа Хараҕар сыыс киирбитэ Хас да хонук ааспыта, Баппыыска да биэрбитэ Умнуллан барбыта. П. Тобуруокап "Дэҥҥэ киирбит сыыһы Тибиирэн таһаараллар", - диэн Кимтэн эрэ истибитин Кичимэ өй умнубатах Т. Сметанин
8 туохтуур #
Сүрүн үөскэ эбэтэр муораҕа түс, улахан ууну кытта холбос (үрэх, өрүс туһунан)
Нууччалыы Впадать в основное русло или в море (о речке, реке)
Өлүөнэ өрүс Ол тиийэн, Хотун эбэтин Холлугурас муус Хоонньугар киирэн, Хоһоонноон холдьугуруу сытта.
Өксөкүлээх ӨлөксөйТоҕус уон тоҕус Дуолан үрэхтэр Холбоһон куугунаан киирбит Холбороҥ маҥан хочолоох
П. ОйуунускайБарар хайысханы, суолу бул. Θ Найти направление движения, выйти на дорогу. Кини булчут оҕонньор ыллыгар киирэн баран, суоллаан отууга тиийбитэ.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (2)
Күрбэ айаҕар тиийиитигэр биир хобураак (лаама таҥаратын дьиэтин үөрэнээччитэ) иннин күөйэ сүүрэн суолга урут киирдэ. Эрилик Эристиин Биһиги сирбит күчүмэҕэйин саҥата суох түһэн, суолбутугар киирдибит Н. Заболоцкай
9 туохтуур #
Үлэ, үөрэх тэрилтэтигэр, сойууска ылылын, баар буол
Нууччалыы Устроиться, зачислиться в какое-л. учреждение, стать членом какой-л. организации, объединения, поступить (на учебу, работу)
Таҥара көмөлөһөн үөрэххэ киирдэргин үчүгэй этэ. А. Софронов Бу Миисэ, оттон бу улахана Бааса, аны күһүн оскуолаҕа киирээри сылдьар киһи. Амма Аччыгыйа Эн кыайыылаах-хотуулаах Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр киирдиҥ буолбаат?!
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
Таня, тоҕоостоох үлэҕэ киир, орто үөрэхтээх киһи үлэтэ суох сылдьара табыгаһа суох М. Доҕордуурап
10 туохтуур #
Саҥа дьиэҕэ көһөн кэл, олохсуй
Нууччалыы Переехать, заселиться в новое помещение, в новый дом
Эрдээх, хоһуун эн үлэҕэр Эрэммиппит туһугар, Дьэдьэн саҕа дьиэҕэр киирэр Малааһыҥҥар эн ыҥыраар. С. Данилов Бүгүн ураһабытыгар киирэр үөрүүлээх күммүтүгэр Доҕотторбут ыалдьыттыы кэлиэх буолбуттара. И. Гоголев Быйыл балаҕан ыйыгар Саҥа дьиэҕэ киирдибит И. Эртюков
11 туохтуур #
Тугунан эмэ сабарданан, туох эмэ кэннигэр, күлүгэр түһэн көстүбэт буол, сүт
Нууччалыы Стать невидимым, исчезнуть, теряться из виду, тонуть в чем-л. (напр., в пламени, пыли). [Кыталык кыыл] Көттөр-көтөн, Күндээрэр саһарҕа уотун Күлүмнүүр төлөнүгэр киирэн, Халлаан тардыытыгар симэлийэн, Харахпыттан мэлийэн хаалбыта
Баһаар иһинээҕи дьон быыл будулҕаныгар киирэн бары быыл буолан, иҥэн-сүтэн бараллар Эрилик Эристиин Саҕахха түс, былыкка сас (күн, ый туһунан). Θ Закатиться, спрятаться за облако, садиться (о солнце, о луне). Сотору ый киириэ, ыйдаҥа сүтүө. Амма Аччыгыйа Уол, күн киириэр диэри аһаан, сынньанан баран, таһырдьа тахсан сүтэн хаалар.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
Күн манна түүннэри киирбэт, Көҕүтэн киһини симнэрбэт П. Тобуруокап
12 туохтуур #
Ханнык эмэ испииһэккэ баар буол
Нууччалыы Быть включенным в какой-л. текст, список
Итиннэ [сурукка] итэҕэс биинтэлэр нууччалыы ааттара киирбитэ буолуо дии, ону көр эрэ. А. Софронов Саха мифологията баай уобарастардаах. Ону бу кинигэҕэ киирбит айыылар тустарынан тойуктар туоһулууллар. Д. Софронов Тыаҕа тахсар хомсомуоллар испииһэктэригэр киирбитим. С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Куобах сир аатыгар син кииртэлээбит Багдарыын Сүлбэ
13 туохтуур #
Туох эмэ иһигэр бат, сөп буол
Нууччалыы Соответствовать по размеру чему-л., придтись впору, вмещаться во что-л. [Арыгыны] Баарса аалга Батыаҕынан хаалаан, Уйуоҕунан уган, Киириэҕинэн симэн баран -- [ыыталлар эбит]
[Тордуйа] кырата үс ыстакаан киирэр истээх иһитэ буолан таҕыста.
Суорун ОмоллоонМин кэлэрбэр холкуос дьоно аҕыс уон сүөһү киирэр типовой хотон акылаатын түһэрэ уонна саҥа баанньык дьиэтин тута сылдьаллара Н. Заболоцкай
14 туохтуур #
Ханнык эмэ балаһыанньаҕа түбэс (үксүгэр куһаҕан балаһыанньа туһунан этэргэ)
Нууччалыы Попасть затруднительное, незавидное положение, оказаться в такой ситуации. [Кырасыабай уол буоллаҕына] Иэдэһинэн оонньуур Эмэн дьахталлар Элэктэригэр киириэ
Үөлээннээхтэриҥ үөҕүүтүгэр кииримэ, Холоонноохторуҥ хоһуутугар кииримэ.
П. ОйуунускайМин, биллэн турар, оччо кутурҕаҥҥа киирбит дьону хомотуом дуо, бырастыы гыммытым Далан
15 туохтуур #
Тугу эмэ сабардаан, тоҕо анньан кэл, хайа эмэ өттүнэн үтэн инниҥ диэки бар; тугу эмэ бүөлүү, хаххалыы тур
Нууччалыы Надвигаться, наступать, накрывая собой все пространство; заслонить собой что-л
Өстөөхпүт, дьэ, киирэн испитэ, Өлөрөр санаанан кэлбитэ.
П. ОйуунускайАлдан хайыы-сахха кыдьымаҕа киирэн эрэр. Н. Якутскай Оок-сиэ, ол үөһэ өттүттэн букатын болуот саҕа муус ыган киирэн иһэр. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Уҥуоргу күөх иирэ, уһуктаан киирэн, лаглайан көстөр Дьүөгэ Ааныстыырап
16 туохтуур #
Көрүүгэ, дьүүлгэ ылылын (ханнык эмэ докумуон туһунан этэргэ); иһилин (туох эмэ сурах туһунан этэргэ)
Нууччалыы Быть принятым к рассмотрению, обсуждению, к сведению (напр., жалоба)
Киирбит сайабылыанньа биһиги ылар кыахпытыттан икки төгүлүнэн үгүс буолла. Амма Аччыгыйа "Үҥсүү киирдэ - кэллин" диэннэр сугулаантан Налбыһахха Суһал илдьит ыыппыттар. Күннүк Уурастыырап Оройуон кэмитиэтигэр нэһилиэк бэрэссэдээтэлэ күрээтэ диэн түргэн биллэрии киирбитигэр, Хорос Ньукуус диэн милииссийэ киһи таҕыста.
Күндэ
Өссө холобурдар (1)
Маайыстан араарар курдуктук Баасаҕа хоп тыллар кииртэрэ Күннүк Уурастыырап
17 туохтуур #
Атын омуктан ылан туттулун (үксүгэр тыл туһунан этэргэ)
Нууччалыы Быть заимствованным у другого народа
Хабдьы мааны аата - курупааскы, нууччаттан киирбит аат. Н. Заболоцкай Нууччаттан киирбит остуоруйалар саха фольклорун саҥа уобарастарынан байыппыттара. ССЛИО. Олохтоох говордар ылыммыт эбэҥкиттэн, эбээнтэн төрүттээх сорох ураты тыллара литературнай тылга билигин да киирэллэр АПС СТЛ
18 туохтуур #
Тугунан эмэ туһанан киһиэхэ чугаһыы сатаа, баайыс, ыксат
Нууччалыы Подступиться, подойти с чем-л. к кому-л.; придираться под каким-л. предлогом
Атаһыыкапка ханнык тиэмэнэн киирэри, туох туһунан кэпсэтэри кини интэриэһиргиирин тута өйдүү охсубута. Далан Кулаакка иитиллибитэ диэннэр, Курдат, куудумньулуу киирэннэр Эн силискин кэрбиэхтэрэ. С. Васильев "Оттон ити биэлсэр хайа боппуруоһунан киириэх бэйэтэй?" - диэн Миитэрэй мунаахсыйа турда. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Туох албаһынан киирэн Сиидэҕэ ууну иҥиннэрэн Сэмэттэн куотуон талла Т. Сметанин
19 туохтуур #
Тугу эмэ (үксүгэр үлэ ханнык эмэ көрүҥүн, дьарыгы) саҕалаа
Нууччалыы Приступать к чему-л. (к работе, занятию)
Онтон чооруос хаһааһыгар киирбиттэр. Амма Аччыгыйа Күргүөмүнэн үлэҕэ Көҕүтүһэн киириэҕиҥ. Эллэй. Холкуос от үлэтигэр саҥардыы киирэн эрэр кэмэ. Софр Данилов
20 туохтуур #
Саҕалан, биллэр-көстөр буол, күүһүр (ханнык эмэ иэйии, санаа, сатабыл туһунан этэргэ)
Нууччалыы Начаться, стать явным, проявляться
Харах уулаах хаппырыыһа Халыаннык киирэн Хаарчахтаталаан ылар.
Өксөкүлээх ӨлөксөйОҕочоос -- дьэгдьийэн-чэпчээн, дьэ, туттуута киирбитэ.
П. ОйуунускайКустар Мин ыттарбын эрэ бөҕөлөрө, аһарыыктара дьэ киирбитэ. Далан
Өссө холобурдар (3)
Ырыа илбиһэ киирдэҕинэ - Биһиги дьоллоох оҕолорбут. С. Данилов Кэпсээнэ киирдэр эрэ, уһун илиилэрин быластыы, холбуу охсунан кэбиһэр, туох эрэ итиигэ олорбут курдук эгдэҥэлиир. А. Федоров Быһыйыҥ дьэ киирбит, күүһүҥ-уоҕуҥ дьэ эбиллибит курдук С. Васильев
21 туохтуур #
Ким-туох эмэ бас билиитигэр ылылын (үп-харчы, барыс туһунан этэргэ)
Нууччалыы Поступать в чье-л. распоряжение (о деньгах, выгоде). [Кулуба:] Ол быраабаҕа билигин төһө харчы киирэн турар?
Ким наадата баарый, мин сиэппэр дьон чорбох үбэ киирэригэр? С. Ефремов Быйыл кырата 2250 солкуобай барыс киириэхтээх П. Егоров
22 туохтуур #
Тугу эмэ көҥүлэ суох тыыт, хаһыс
Нууччалыы Залезть, забраться куда-л., без разрешения
Хохумай Бас үбүгэр киирбит (өс хоһ.)
23 туохтуур #
Бар көмө туохтууру кытта хайааһын саҕаланан эрэрин бэлиэтиир
Нууччалыы В сочетании с глаголом бар в служебной функции обозначает начало действия
Вася Губин бэрт дэлэгэйдик кэпсээн киирэн барда. Амма Аччыгыйа Чүөчээски ыксаан, ытын ыҥыран киирэн барда.
Суорун ОмоллоонХаллаан сырдаан биэрбэтэ. Лейба утуктаан киирэн барда. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
Тюрк. гиир, кир
24 этии #
Нууччалыы соотв. попасться на удочку
Этиилэр
Аакка киирбит көр аат I
Атахпар адаҕа саҕа аакка киирбит ыарахан бачыыҥкалаахпын. Д. Софронов
Айаҕар (иһигэр) ас киирбэт көр айах I
Малаанньыйа кыыс Сылгыһыт Сүөдэри дьиэтиттэн быалаах тахсыбытын көрбүтэ дьону дьиксиннэрбитэ. Айахтарыгар ас киирбэт буолта. Н. Якутскай Натаа иэмэ-дуома суох аһаабыта буолла, иһигэр ас да киирбэтэ быһыылаах.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
Дабыыт сууттанан барыаҕыттан Даарыйа утуйар уута айманна, айаҕар ас да киирбэт буолла. У. Нуолур
Айаҕар киирэн биэр көр айах I
Ол эрээри тоҕо мэник оҕо курдук быстах симиэрт айаҕар киирэн биэриэй?
П. ОйуунускайАйаҕар киир - айаҕар киирэн биэр диэн курдук. Эрин кытта сытарын туох эрэ адьырҕа кыыл айаҕар киирэр курдук санаата.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
Ол иһин даа. Брагина айаҕар киирбит буоллахпытына, бүттэхпит. А. Данилов
Айахха киирбиччэ көр айах I
Ааттарын билэргэ, Айахха киирбиччэ Аат анаталыахха. А. Софронов Ити мин мээнэ айахха киирбиччэ саҥалаахпын ээ. А. Сыромятникова
Айыыга (айыыга-хараҕа) киир көр айыы III
"Адьас айыыга киирбэтэҕиҥ дуо?" - дириэктэр кыыһырбыта ааһан, дьиибэлээхтик күлэн ымайда. Н. Лугинов. Кыһалҕа бөҕө олуйан, кылгас бөҕө кыайан, мин сордоох айыыга-хараҕа киириэх бэйэм буолуо буоллаҕа дуо... Суорун Омоллоон. Албыҥҥа (угаайыга) киир (киирин) - атын киһи албаһыгар, сымыйатыгар түбэс Аҕата сордоох эмиэ саҥа туран иһэн Дьаакыбылап кулуба угаайытыгар киирэн тэмтэрийбитэ. Н. Якутскай. Кини албыныгар киирэн, айыыны-хараны оҥоро сылдьаайаҕын. Р. Кулаковскай. Атахха киир - атаххар (сүһүөххэр) тур диэн курдук. Аан маҥнай атахха киирэрбэр -- Куорсун-хорохой диэн Куугунаһар этилэр. Өксөкүлээх Өлөксөй. Аидка быыкаайык кыысчаан, Атаахтыырын билэн эрэр. Атахха киирдэ. Тылланан - Арааһы этэн күллэрэр. М. Тимофеев. Ахсааҥҥа киирбэт - дуона суох.
соотв. не (идти) в счет.
Ардыгар киҥир-хаҥыр кэпсэтии Ахсааҥҥа киирбэт, биэбэккэм. Баал Хабырыыс
Былас (икки, туора) муостаах киирбит көр ис IV
Сөбө доҕоор, киһим иһигэр, дьэ, былас муостаах киирдэ ээ, быһыыта.
Суорун ОмоллоонИскэр туох былас муостааҕа киирдэ? ХС
Илиигэ (илии иһигэр) киир көр илии
Хаһан эрэ тыа баайа, уу, сир баайа - барыта киһи илиитин иһигэр киириэҕэ. ХС
Илиигинэн киир көр илии
[Одуор:] Клим, көр, дьэбэлэй, ити илиитинэн киирдэ, оҕуста, кырбаата.
Суорун ОмоллоонМин билэбин, билээхтиибин-билээхтиибин, ким илиитинэн киирэр - ол дьиҥнээхтик таптаабат. Н. Габышев
Иннэ-бүргэс үүтүгэр киир көр иннэ-бүргэс
Оҕонньордоох таптыыр оҕолоро көрдөрбүтүнэн туран иннэ-бүргэс үүтүгэр киирэн, тыынара кылгаан, киһи сибиэккиэх, хаана-сиинэ тосту уларыйан, күн-түүн эмнэрэн испитэ. Далан
Искэ киир көр ис IV
Мин "испэр киирбэтиттэн" кини соччо хомойбот да быһыылаах. Амма Аччыгыйа. Итиигэ-буһууга киир - улахан ыксалынан, олус ыктаран үлэлээ.
Работать в большой спешке, оказаться в аврале.
Ордук хомуур кэмигэр итиигэ-буһууга киирэрбит.
Ч. АйтматовКиирэн биэр - алҕаһаан, сыыһан, бэйэҕэр куһаҕаны оҥоһун. соотв. попадать впросак. Миигин ким барыта атаҕастыыр. Ити курдук бэйэм да киирэн биэрэн иһээхтиибин. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (4)
Аны мантан антах ким даҕаны олуйан-моһуйан ыйыппытын иһин киирэн биэриэ суох тустааххын. Эрилик Эристиин Хоруй суох. Хоруйдаан ким киирэн биэриэҕэй Бу маннык полисмен элбэҕэр. С. Данилов Киирэрэ киирдэ - ыга кыыһырда, кыйаханна, киҥнэннэ. Очень сильно разозлиться, выйти из себя. Эмиэ киирэрэ киирдэ ээ. И. Гоголев Сороҕор син киһитийэр буоллаҕым дии. Киирэрим киирдэҕинэ, эн да оҕоҕун маа бэйэлээҕим диэбэппин. М. Доҕордуурап
Киэҥҥэ киирбэт (киэҥҥэ киирбэт, баарга баппат) көр киэҥ
Мин убайым Өргөстөй Ыстапаан киэҥҥэ киирбэт, баарга баппат киһи төрөөн-үөскээн ааспыта. Эрилик Эристиин
Кулунун туйаҕа киирбит көр кулун
Киирбит кулунуҥ туйаҕа эн бүгүҥҥү лирикаҕар. С. Данилов. Кулунум туйаҕа киирэр сааспын ааспытым ырааттаҕа. Н. Лугинов. Онон-манан киир - өйтөн булан арааһы оҥор.
Приставать, придираться по пустякам.
[Мэхээлэ оҕонньор:] Эмиэ даҕаны баайдар онон-манан киирэннэр, аны дьаам сүүртэхтэрэ буоланнар дьонтон от хомуйтаран сииллэрэ хаалбыт ээ!
Күндэ
Өй (өй-санаа) киирэр көр өй, өй-санаа
Айан кэмигэр киһиэхэ куруук араас өй-санаа киирээччи. ХС
Өҥүгэр киирэн, өҥүгэр киирэн эттэххэ көр өҥ
Ити Дэлиһиэй миигин өлөрөрө буолуо... Сотору ыллаххына абырыыгын, өҥүгэр киирэн эттэххэ. Эрилик Эристиин Оҕонньор өссө өҥүгэр киирэн аны дьиэтин салгыыр түбүккэ түстэ. А. Сыромятникова
Саакка (саакка-суукка) киир көр с аат
Икки сыл иһинэн чугас улуустардааҕы баайдар, атыыһыттар уолаттара бары Маайаҕа сирдэрэн, саакка киирэн төннүтэлээбиттэрэ. Н. Якутскай Сатаммаппар тиийбиппин, Саакка-суукка киирбиппин. Күннүк Уурастыырап
Санааҕа киир көр санаа
[Чүөчээски] олорбохтуу түһэн баран -- хаһыакка суруйар санааҕа киирдэ.
Суорун Омоллоон
Сиэргэ киирбэт көр сиэр
Сирэй көрбөх сыһыаннаһыы - Сиэргэ киирбэт сиикэй быһыы. Күннүк Уурастыырап Сүрэҕи (сүрэҕи-быары) ортотунан (иһинэн, көрбүтүнэн) киир көр сүрэх. Оҕо минньигэстик утуйа сытара хайаларыгар да сүрэхтэрин-быардарын ортотунан минньигэстик киирдэ. НС ОК. Кини хайдах туттара-хаптара, саҥарара-иҥэрэрэ, таҥнара - түөрэ барыта мин сүрэҕим ортотунан киирэр. П. Степанов
Сырдыкка-хараҥаҕа (сырдык-хараҥа ортотугар) киир көр сырдык
Кинилэр сырдык-хараҥа ортотугар киирэн -- үөһэ кыырайан тахса-тахса, дириҥ дьуоҕа түгэҕэр тимиртэлээн хаалар курдук этилэр. Д. Таас. Чугастааҕы дьиэ диэки ыстаныах курдук сананан иһэммин, соҕотохто сырдыкка-хараҥаҕа киирдим. ПДА СС. Тахсан киир харыс. т. - ииктээ-саахтаа.
Испражняться, оправляться.
Ити куһаҕан саҥнаах көтөр: уйатыттан көҥөөтөҕүнэ киһи үрдүгэр тахсан киирэр. А. Сыромятникова
Тирии таһынан киирэр көр тирии
"Мавра, кыыскын холкуоска ыыппат буоллаххына, эмэккэтэ булан биэр!" - ити тыллар ийэ тириитин таһынан киирдилэр. М. Доҕордуурап
Тыл тылга киирбэтилэр көр тыл
Кини ийэм биһиги кэпсэтиибитин ымпыгын-чымпыгын истибэтэр да, тыл тылбытыгар киирбэтэхпитин көхсүнэн сэрэйэр. Далан
Ууга-уокка киир көр уу
Кэпсээтэххэ судургу. Биһиги ити иһигэр ууга-уокка киирэн ыллыбыт. Далан
Уутугар-хаарыгар киирэр көр уу-хаар
Үҥсэ сылдьан, ол дьыалатыгар тартаран, олус үлүһүйэр, уутугар-хаарыгар киирэр. Н. Якутскай "Үүт-үкчү диириҥ сөп", - Батурин Станислав Георгиевич уутугар-хаарыгар киирээри гыммытын көрөн, ытыһынан бэйэтин күөйэ хаххаламмыта. Далан
Хаана киирбит көр хаан
Лариса үөрүүтүгэр хоргуйарыттан, ырбытыттан кубарыччы куурбут сирэйигэр хаана киирэн, имэ тэтэрэн тахсан Эрбантейы уонна Бурхалейы сүүстэриттэн сыллаан-уураан ылыталаата. Эрилик Эристиин
Хахай хаана киирдэ көр хахай
Хахай хаана киирэн, -- Үҥүү-батас тутта. Күннүк Уурастыырап
Эһэтэ киирбит көр эһэ
Билигин кини [кинээс] аата эрэ киһи, оттон дьиҥэр эһэтэ киирэн олорор. Н. Заболоцкай
25 этии #
Нууччалыы Пройти куда-л. без очереди. [Кынчаайап] Сиидэрэпкэ, быһа киирэн, Сибис гынан кэпсээтэ
Этиилэр
Кимэн киир көр ким
Ол ыар сэрии, кэтэл кэмэр Мин көлүөнэм киһитэ Кэтэммэккэ кимэн киирэр, Кэхтибэккэ үүнэр этэ. С. Данилов Атын уолаттар кыайыылаахтык кимэн киирбиттэригэр ыксаан -- Кирилл Иванов атын ньыманан кыыска чугаһаан барта. Н. Габышев
Кэпсээҥҥэ (номоххо, сэһэҥҥэ, ырыаҕа) киир көр кэпсээн
Киэргэллээх аатыҥ Кэнэҕэскигэ диэри Кэнчээри ыччат Кэпсээнигэр киириэхтин.
Өксөкүлээх Өлөксөй[Мороду] "Куба дуо?" диэн хоһооҥҥо киирбитэ.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (2)
Улахан тапталлар сүппэттэр - Үйэлээх ырыаҕа киирэллэр. С. Данилов Оччоҕо эмиэ сэһэҥҥэ киирбит Сэттэ дабааны өксөйөн, киэҥ Ааллаахха иккитэ кырынарым эрэбил. М. Доҕордуурап
Олоххо киир көр олох
Үөһэ этиллибит уураах олоххо киириэн иннинэ Манчаары түрмэттэн куотан, күрээн хаалбыта. МНН.
Суолга киир көр суол
Сыыһаҕын, табаарыс Чокуурап, эн миигин эккирэтэр суолга киирбиккин. С. Ефремов
Сыалга киир көр сыал
Арай саам сыалыгар туох да иһин киирбэт, илиим сап-салыбырас буолбут. Суорун Омоллоон. Доҕорум, эн наһаа килбик, Наһаа кэнэн сахаҕын, Булчут сыалыгар киирбит Чубукуну санатаҕын. С. Данилов. Биэс-алта кус саам сыалыгар киирэрин кытта төлө тардан кэбистим. Т. Сметанин. Түүлгэ киир - кимиэхэ эмэ утуйа сыттаҕына баар курдук көһүн.
Сниться, являться во сне кому-л.
Саас эрэ кэллэр, сайын эрэ буоллар, төрөөбүт сирим мин түүлбэр киирэр. Эрилик Эристиин
Хамнаска киир көр хамнас
[Баай Байбал:] Үс сыллаах дайыымпаҕар үс сылга хамнаска киир. Күндэ