ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыал

аат тыл

Нууччалыы цель

English target; purpose, goal, destination

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы цель

English target; purpose, goal, destination

  • сыалла ыт
    выстрелить в мишеньto shoot the target
  • сыалга ыл
    целиться в мишеньto aim/shoot for the target

2 аат тыл #

Ытан эбэтэр быраҕан табыллыахтаах туох эмэ

Нууччалыы Предмет, в который необходимо попасть при стрельбе или метании, мишень

  • Ол курдук төҥүргэскэ сыал буолар ньуурдаах иҥэһэни ытан ньуурун табан төҥүргэһи хайа көтөн ох ааһа турар.
    Саха фольк
  • Паарка остуораһа, кырдьаҕас оҕонньор, кыраасканан төгүрүччү сотуллан, сыал ытарга ананан оҥоһуллубут хаптаһыны кыбыммытынан, ытыыр уол аттыгар турар.
    Амма Аччыгыйа
  • Итиччэ үчүгэйдик сыалбын таба ыппытым кэннэ, бэл, мичик гыммат, ити аата кыыһырбыта кэм да ааһа илик буоллаҕа
    Т. Сметанин

3 аат тыл #

Сааҕа, бэстилиэккэ, о. д. а. баар тугу эмэ кыҥаан ытарга аналлаах оҥоһук

Нууччалыы Прицел, прицельная рамка

  • Саас эрдэ буолан, түүн ортотун чугаһыгар, халлаан саа сыала көстүбэт буола хараҥарар.
    Н. Якутскай
  • Туоһапкам сайын устата тыытыллыбакка таах туран сыала хайдах хамсаабыт баҕайытай?
    В. Миронов
  • Лейтенант бинтиэпкэтин ылан, хайа, баҕар, алҕас турбута буолаарай диэбиттии, сыалын көрдө, хаастарын түрдэс гыннарда
    Т. Сметанин

4 аат тыл #

Толоруллуохтаах, ситиһиллиэхтээх сорук

Нууччалыы То, к чему стремятся, что желательно осуществить, цель

  • Биһиги күүспүт – биир сомоҕобутугар! Биһиги түмсүүлээх, тэриллиилээх буоллахпытына эрэ сыалбытын ситиһиэхпит.
    Н. Якутскай
  • Сырыы бөҕөнү сырыттым. Сыалбын барытын ситтим.
    Н. Лугинов
  • Кэргэнниилэр олохторугар биир уопсай сыал, интэриэс баара сүрүн оруоллаах. ТЕН ИДь. Русск. цель

«С» буукуба