Перевод с якутского
сорук
аат тыл
Нууччалыы то, что требует исполнения, разрешения, цель, задача
English goal, task
1 аат тыл #
Оҥоһуллуохтаах, ситиһиллиэхтээх, толоруллуохтаах сыал, эбэһээтэлистибэ
Нууччалыы То, что требует исполнения, разрешения, цель, задача
Кини -- туруорбут соругун хайаан да толорон баран тэйэрэ.
Суорун ОмоллоонБалтараа тыһыынча суумалаах түүлээҕи бултаан тохсунньу ый маҥнайгы чыыһылатыгар туттарарга сорук ылыннылар.
КүндэБилигин оскуола сүрүн соругунан оҕо аайы орто үөрэҕи биэрии
Н. Лугинов
2 аат тыл #
Ким эмэ кимиэхэ эмэ толороругар биэрэр сорудаҕа
Нууччалыы Порученное кем-л. кому-л. задание, поручение
Сорукка -- кэлбит сааппат, тэҥсиккэ сылдьар килбигийбэт (өс хоһ.). [Мохсоҕол:] Атаҕым тоһуннаҕына ким эн соруккар, Хара бараахтыы, дабдарыйа сүүрүөй? И. Гоголев Саллааты -- сорукка ыытан баран, Зояны, таһаардылар. Н. Габышев Лиза дьоно ханна эмэ сорукка ыытаары, ынах хомуйтараары, сылабаар оргуттараары гыммыттарын биллэҕинэ, арыт "таала анньар", арыт "тобуга ыалдьар" Дьүөгэ Ааныстыырап
Өссө холобурдар (2)
Туох эмэ сыаллаах, туохха эмэ наадыйан, соруктанан ханна эмэ тиийии, барыы. Θ Езда куда-л. с какой-л. целью, поручением. "Тоойуом, били соруктаах кэллим диэн эрэриҥ дии, ол соругуҥ диэн туох буоларый?" - диэн, дьэ иҥэн-тоҥон ыйыталаһан барар. Н. Якутскай Сэрбэкэ кинээс -- соруктанан кэлбит соругун кистээбэтэҕэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Октябрина кэлбит соругун туһунан туох диэн тыл таһааран этэриттэн салла санаата М. Попов