ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

борук-сорук

аат тыл, даҕааһын, сыһыат

Нууччалыы слабый, полутемный свет, (напр., вечером до наступления полной темноты и утром до полного рассвета), сумерки, сумрачный свет

English half-light, half-dark

1 аат тыл #

Киэһэ им сүтүөн иннинэ, сарсыарда халлаан сырдаан эрдэҕинэ сырдык-хараҥа былдьаһыыта, болоорон эрэ көстөр сырдык

Нууччалыы Слабый, полутемный свет, (напр., вечером до наступления полной темноты и утром до полного рассвета), сумерки, сумрачный свет

  • Миичээн ити курдук бултаан, киэһэ борук-сорук түһүөр диэри уон биэс тииҥи өлөрдө.
    А. Кривошапкин
  • Муҥур сүүсчэкэ эрэ саһаан сиргэ нэһииччэ тиийэн баран сарсыардааҥҥы борук-сорукка ол хараара сытар этэ
    Н. Заболоцкай

2 сыһыат #

суолт. Көстөр-көстүбэт ыккардынан, бүдүк-бадык

Нууччалыы Сумрачно, неясно (освещать, освещаться)

  • суолт. көр боруҥуй. Сайыҥҥы былыттаах борук-сорук киэһэ.
    П. Ойуунускай
  • Дьиэ иһэ борук-сорук хараҥа.
    А. Софронов
  • Хараҥаран баран эрэр борук-сорук хонуулар, аргыый аҕай түүҥҥү чуумпуга симэлийэн, улам сүтэн иһэр курдуктара. Ч. Айтматов (тылб.)
Өссө холобурдар (2)
  • Түннүк бастаан көҕөрөн баран, борук-сорук сырдатан барда.
    Н. Заболоцкай
  • Бугул саҕа оргулу Борук-сорук көрбүтэ, Булуу-талыы - бу дьолу, Бойборуйан тиийбитэ, Кымырдаҕас оргулун Кырыы өттүн үрэйдэ, Кыһыл тылын таһааран Кыҥыһахтыы кирийдэ
    Т. Сметанин

«Б» буукуба