ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

имик-самык

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы сумерки, полусвет, полумрак

Ис хоһооно · 8

1 аат тыл #

Ол-бу чуолкайа суох боруоран көстөр кэмэ, сырдык-хараҥа былдьаһыыта, боруҥуй

Нууччалыы Сумерки, полусвет, полумрак

  • Туундараҕа имик-самык.
    Н. Габышев
  • Тиийиэм киэһэ уот өһөн, Имик-самык буолуута
    С. Данилов
  • Им балай буола түспүт хараҥа хоско арай камин сөҕүрүйэн эрэр чоҕун имик-самык уота -- чаҕылыҥныыр.
    Г. Угаров
Өссө холобурдар (4)
  • Кыһын кэнсэлээрийэҕэ уонна аҕыйах ыалга быста-быста, имик-самык уоту биэрэр, ый баһыгар-атаҕар бурдук тардар.
    С. Васильев
  • Романтизм ньыматынан суруллубут кинигэлэр үксүгэр лаампа уотун имик-самык сырдыгар эбэтэр тунаархай ыйдаҥаҕа буолар сабыытыйалаахтар. ФЕВ УТУ. Дьахталлар көмүлүөк оһох имик-самык уотугар түүн үөһэ ааһыар диэри иистэнэн кыҥастаһаллара
    ХС
  • Били имик-самык умайа турар уот, күлбүт курдук, чачыгырыы түстэ.
    Суорун Омоллоон
  • Ыһыырынньык имик-самык умайан сыыгыныыр. Софр. Данилов. Оһохторун уота имик-самык кылаҥныыр
    Н. Якутскай

2 даҕааһын #

Мөлтөх, нэһиилэ сырдатар; кыламныыр эрэ (уот туһунан)

Нууччалыы Слабо мерцающий (об огне)

3 даҕааһын #

Боруҥуй, хараҥаран көстөр

Нууччалыы Темноватый; недостаточно светлый; сумрачный

  • Имик-самык хос улахан түннүгүн ыарахан баархат сабыытын кыыс тиийэн тэлэйэ баттаата.
    Л. Попов
  • [Сценаҕа] тахсан имик-самык саала диэки хайыста.
    Н. Лугинов
  • Нэһилиэгим сис кинээһэ Ыадастан, аҥнан киирдэ. Имик-самык дьиэм иһэ Эбии күлүгүрдэ
    М. Ефимов
Өссө холобурдар (3)
  • Тутатына наадалаах эрэ суолга биирдии-иккилии тылынан имик-самык кэпсэтэллэрэ утары умуллан иһэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Имик-самык кэпсэтэ олорбут дьон "оксиэ", "кырдьык, бөдөҥ кыайыы буолбут" -- дэһэллэрэ иһилиннэ.
    Д. Кустуров
  • Ынахтар маҕыраһыылара, дьон саҥата ньамалаһыыта имик-самык соҕустук тыа баһынан охсуллан иһиллэр
    Эрилик Эристиин

4 аат тыл #

Өспүт, хараастыбыт, уота-күөһэ суох (киһи туһунан)

Нууччалыы Мрачный, унылый, безрадостный (о человеке)

  • "Ханнык хаартыны туруордуҥ, көрдөр эрэ," – диэтэ Сэмэн Мэхээлэйэп Көстөкүүн диэн -- имик-самык харахтаах, эриччи хаппыкка дылы киһиттэн.
    Күндэ
  • Бии сааһын тухары күлэр-алларастыыр, өргөллөнөн күлүбүрүүр бэйэтэ -- ытаан-соҥоон эрэр курдук, үдүк-бадык, имик-самык
    Суорун Омоллоон
  • Сорокин күөдьүйэн күлүбүрэйэн испитэ хайдах эрэ имик-самык көстүүлэннэ.
    Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (1)
  • Мин туох буруйдаахпыный? – Ыларов харахтара тымныйталаан, имик-самык дьүһүннэннэ
    Р. Баҕатаайыскай

5 даҕааһын #

суолт

6 даҕааһын #

Бэрт мөлтөхтүк, нэһиилэ (уот, сырдык туһунан)

Нууччалыы Слабо (гореть), слабо мерцая (об огне, свете)

7 даҕааһын #

Сэниэтэ суохтук, симиктик (кэпсэт, саҥар)

Нууччалыы Слабо, тихо, неуверенно (разговаривать)

8 аат тыл #

Бүрүллүбүт, хараастыбыт курдук (киһи дьүһүнүн туһунан)

Нууччалыы Мрачно, грустно (выглядеть)

«И» буукуба