ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

борук

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы сумрачный свет, полумрак

1 аат тыл #

Барбах болоорор эрэ сырдык, ол-бу аанньа көстүбэт сырдыга

Нууччалыы Сумрачный свет, полумрак

  • Чуумпурдулар, борук түһэн, Уулуссалар, мас дьиэлэр, Арай тэбэнэт үөрүүнэн Мичилийэллэр сулустар. Чэчир-80. Киэһээҥҥи борукка кытылга ыҥыра Кыламныыр уоттарга түргэнник Тиийээри тиэтэйэн, Эрдиини элэҥнии күөрэтэн, Эдэркээн быччыҥҥыт күүрэрэ, Илистэн көлөһүн сүүрэрэ
    М. Ефимов

2 даҕааһын #

суолт. Барбах болоорон эрэ сырдыыр, бүдүк-бадык көстөр

Нууччалыы Сумрачный, полутемный

  • Борук түүҥҥэ ылларан, Холкуос дьоно хонууга Отуу уотун сырдыгар, Олбох тардан аһыыллар.
    А. Абаҕыыныскай
  • Уһун борук хара турба Уһуутуур уораан хаһыыта Утуйбут сылаас уубуттан Уйуһурдан туруорбута.
    Күннүк Уурастыырап
  • Үрдүбэр, тула борук тумарык
    Н. Габышев

«Б» буукуба