Перевод с якутского
амтаһый
туохтуур
Нууччалыы определять на вкус пищу
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Аһы амсайан көр, амтанын бил
Нууччалыы Определять на вкус пищу
Бу үчүгэйи, бу минньигэһи. Бу сыты сытырҕаа, бу аһы амтаһый. Болот Боотур Анараа киһи маҥнай сиргэммит курдук бэрт кыраны эмти ытыран ыстаан амтаһыйан көрөр Н. Якутскай
2 туохтуур #
Тартаран, сөбүлээн туран сиэ, аһаа
Нууччалыы Есть с удовольствием, с аппетитом
Ньукулай олус амтаһыйан аһаата. Киһи аһыы олорон амтаһыйар (өс хоһ.) Эмтэр эмэн, үүтэ, сыраана Тохтон, торбос амтаһыйбыт Дьуон Дьаҥылы
3 туохтуур #
Тугу эмэ үлүһүйэн, тартаран туран оҥор, үөрүйэх оҥоһун
Нууччалыы Войти во вкус, входить в азарт, увлекаться
Микиитэ дьэ амтаһыйан саҥаран истэ. Амма Аччыгыйа Мааҕын харах симсэ сылдьан, ити кыыһы уураабыта, ону амтаһыйан [харах симсэ оонньуоҕуҥ диэн] этэр А. Софронов
4 туохтуур #
Олох ханнык эрэ ыарахан түгэнин бэйэҥ эккинэн-хааҥҥынан бил
Нууччалыы Почувствовать, испытать на себе какие-л. трудности жизни
Сеня аармыйаҕа сулууспалыыр хайдаҕын биллэ, амтаһыйда. Хоргуйан эрэ өлүмээри сынньанар диэни билбэккэ, хаһан да тото аһаабакка, хамначчыттаан сылдьар олох диэни амтаһыйбытым. С. Ефремов Дьадаҥыттан тахсыбытым, Эрэйинэн иитиллибитим, Аччыктыыры амтаһыйбытым, Тоҥору толкуйдаабытым. А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
П. -монг. амташи