ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кымньыылаа

туохтуур

Нууччалыы бить, стегать кнутом, плетью

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Кымньыынан оҕус, таһый

Нууччалыы Бить, стегать кнутом, плетью

  • Тиийэн атын түргэнник сүөрэ оҕуста, мииннэ уонна күүһэ баарынан кымньыылаан кус гыннарда.
    Суорун Омоллоон
  • Ананий оҕуһун ойоҕолоон баран кымньыылыы истэ.
    М. Доҕордуурап
  • Сыыры түһээт, Өлөксөй атын быһыта биэрэн кымньыылаан, бөтөрөҥүнэн түһэрдэ
    В. Протодьяконов

2 туохтуур #

Эмискэ күүскэ ыарытыннар, хаарый

Нууччалыы Внезапно испытать резкую и острую боль

  • Талыы обургу [төрөөрү сылдьар дьахтары] быһыта кымньыылаан, улам сотору-сотору кииртэлээн барда.
    ХС
  • Сытыы тыал сирэйбитин-харахпытын быһыта кымньыылыыр. С. Курилов (тылб.)

3 туохтуур #

Киһини дьигиргэтэр гына сыыһатын-халтытын сытыытык саҥар, хаҕыстык кириитикэлээ

Нууччалыы Остро критиковать недостатки кого-л., так, чтобы ему стало не по себе; стегать (словом или делом)

  • Уот-кылыс тылларынан салалта итэҕэстэрин быһыта кымньыылаата.
  • Үлэҕэ нэс оҕус кымньыынан барарыныы, киһи тылынан балай эмэ кымньыылаатаҕына үлэлиир.
    М. Доҕордуурап
  • Иккистээн көрдөһөбүн - миигин үлэбэр хаалларыҥ уонна үчүгэйдик кымньыылаан, ирдэбиллэ туруоруҥ, эппиэттэтиҥ.
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
  • Ыыс-бурут Эдьиэйэ эрэйдээҕи быһыта кымньыылыыр
    Н. Босиков

4 туохтуур #

Үүр-түрүй, муҥнаа-сордоо (үксүн кыһалҕа туһунан)

Нууччалыы Погонять, притеснять, донимать, изнурять (обычно о нужде)

  • Ол хараҥа батталлаах үйэҕэ Эрэй элбэҕэ дьадаҥы киһиэхэ: Кытаанах дьыл кымньыылыыра, Кырыктаах баай таһыйара
    И. Артамонов

5 этии #

Этиилэр

Абааһы кымньыылаабыт көр абааһы

  • Ийэм ол эмээхсини Сиэҥкэбитин абааһы кымньыылаабытын бэл тыыннаах гынна диир ээ. Күндэ

6 этии #

Кымньыылыах өттө - уҥа өттө (көлөнөн айанныыр кэмҥэ) Күөлү ааһаат, суолуҥ икки буолуо, ону кымньыылыах өттүгүнэн бараар. СГФ КСТ. Сылгыны дьүһүннүүргэ уҥа эбэтэр хаҥас өттө дэниллибэт. Хаҥас өттүн - аттаныах өттө, уҥа өттүн - кымньыылыах өттө дэнээччи. Сылгыһыт с. Тураҕас [ат] ынчыктыы түһээт, өрө турда уонна кымньыылыах өттүнэн сууллан түстэ. М. Шолохов (тылб.)

Нууччалыы Правая сторона (при езде гужевым транспортом)

«К» буукуба