ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кымньыы

аат тыл

Нууччалыы веревка или ремень, привязанные к палке и служащие для понукания животного, в старину - для телесных наказаний (ремень может быть витым и ветвистым); кнут, плеть, нагайка

English whip

1 аат тыл #

Сүөһүнү үүрэргэ, былыр киһини таһыйарга аналлаах мас укка олордуллубут быа (быата өрүллүбүт, хас да утахтардаах буолуон сөп)

Нууччалыы Веревка или ремень, привязанные к палке и служащие для понукания животного, в старину - для телесных наказаний (ремень может быть витым и ветвистым); кнут, плеть, нагайка

  • Онтон аҕыс салаалаах, сэттэ болчуохтаах, айыы куо дьэллик кымньыынан иэнин иҥиирэ килбэйэн көстүөр диэри дэлби таһыйда. Ньургун Боотур. Кымньыы тыаһа биир кэм кууһурҕас буолла.
    Суорун Омоллоон
  • Мэхээлэ оҕуһун кымньыынан куус гына сырбаппыта, кугас эриэн оҕуһа -- ат курдук сиэлэн лаһыйбытынан барда.
    А. Сыромятникова
  • Ср. тюрк. камчы, камдьи 'кнут, плеть'

2 этии #

Нууччалыы Очень густо (прорасти)

  • кымньыы киирбэт гына - олус хойуутук (үүн) Эн учааскаҥ бурдуга талах кымньыы киирбэт гына ыга анньан таҕыста.
    М. Доҕордуурап
  • Эһиил саас баччаҕа кымньыы киирбэт бурдуга ыга үүнэн тахсыа.
    В. Титов
  • Кураан, хаһыҥ, сыыс, аһыҥа Хоппот хойуу бурдуга, Талах кымньыы киирбэт гына Тахсыа хоту дойдуга. Дьуон Дьаҥылы. Кымньыы күүһүнэн - тугу эмэ оҥорорго күһэйэн, моһуйан туран. Θ Из-под палки. Кымньыы күүһүнэн оҕону иитэр үчүгэйгэ тиэрпэт. НАГ ЯРФС I

3 этии #

Нууччалыы Предварительная легкая закуска перед завтраком, обедом или ужином

  • Кымньыы аһылык - дьиҥнээх аһылык иннинэ аһанар сэмсэ аһылык Сарсыардааҥҥы кымньыы аһылык тосхоллон, Халыҥ хаһа эмиэ ханыыласта, Хатан арыгы кутулунна, Саламаат ас тардылынна.
    С. Зверев
  • Эбиэт кэнниттэн утуйан турбут дьон быһыытынан кымньыы аһылыкпытын аһаатахпыт дии.
    С. Никифоров
  • "Күөс буһа турдун. Кэл, кымньыы аһылыкта аһыахха", - диэтэ кини кэнсиэрбэ аһан мадьыктыы-мадьыктыы.
    Н. Босиков
Өссө холобурдар (7)
  • Кымньыылаах иҥиир зоол. - сүөһү кэлин атаҕын сототун иҥиирэ. Θ Сухожилие на голени задней ноги скота. Кымньыылаах иҥиири кытыардылар, Холбукалаах иҥиири холбоотулар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Кэлин атахтарын кыыбас түүлээх тириитин бэрбээкэйдэрин кэлин өттүттэн сотолорунан, ньуоскалаах, кымньыылаах иҥиирдэрин устун -- сытыы быһах уһугунан тыырда.
    ХС
  • Өрүү кымньыы - тирии быаттан өрүллэн оҥоһуллубут мас уктаах кымньыы. Θ Плеть, кнут, сплетенный из кожаных ремешков и натянутый на деревянное кнутовище. Киһи ол-бу диэки көрбөхтөөтө, өрүү кымньыытынан оонньоомохтоото.
    Н. Заболоцкай
  • Сотто [киһи аата] сарылыы-сарылыы, уолун быыһыы сатаабытын иһин тойон үс быаттан өрүллүбүт кымньыытынан үлтү куһуйан, охторон түһэрбитэ.
    Эрилик Эристиин
  • Оттон нөҥүө илиитигэр икки салаалаах өрүү кымньыытын көрдөр, Болот төрүт да уһун кэпсэтиитэ-айдаана суох эрдэ-сылла сууламмыт буолуо этэ.
    Н. Заболоцкай
  • Талах кымньыы - талаҕы быһан оҥоһуллубут кылгас кэмҥэ туттуллар кымньыы. Θ Хлыст на время, из подручного материала, (напр., из тальника). Таня талах кымньыытын санныгар тутан, -- ынах хомуйан элээрэн иһэр. Дьүөгэ Ааныстыырап. Саа тыаһа дьүүлэ-дьаабыта биллибэт, талах кымньыынан [тэллэҕи] тэбиир курдук.
    Эрилик Эристиин
  • Тиистээх кымньыы - кымньыы тутааҕар аты кырыатыырга, ыраастыырга аналлаах тиистэрдээх тимир ылтаһыннаах кымньыы. Θ Кнут, к кнутовищу которого приделана скребница (железная пилообразная пластинка для чистки лошадей). Афанасий Сидоров сыарҕаттан үрүҥ тиистээх кымньыыны ылан, аты кырыатаата. М. Доҕордуурап

«К» буукуба