ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ытый

туохтуур

Нууччалыы бить; хлестать; взбивать

English (cooking) to beat, to whip, to whisk

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Нууччалыы бить; хлестать; взбивать

English (cooking) to beat, to whip, to whisk

  • сүөгэйи ытый
    взбить сливкиto whip the cream

2 туохтуур #

Нууччалыы будоражить

English to rile up, to stir up, to whip up

  • ол сурах дэриэбинэни үлтү ытыйда
    весть эта совсем всполошила селоthis news completely stirred up the village

3 туохтуур #

Убаҕас тугу эмэ (хол., чөчөгөйү, кымыһы) хойуннараары, ытыгынан күүскэ эргичиҥнэтэн булкуй

Нууччалыы Круговыми движениями сбивать что-л. (напр., сливки, кумыс) мутовкой

  • Ыстапааһа чорооҥҥо кымыһы сүөгэйдээн ытыйан, Ньукууска аҕалан биэрдэ.
    Күндэ
  • Өрүүнэ оһох хаҥас сыҥааҕар көбүөр ытыйа турар.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Маарыйа эмээхсин хаҥас остуолга хатыҥ ытыгынан күөрчэх ытыйан күрдьүгүнэтэр
    С. Маисов

4 туохтуур #

Тугу эмэ өрө сөрөөн таһаар, салгыны күөрчэхтии эргит, үөһэ өрүкүт (силлиэни, буурҕаны, холоругу этэргэ)

Нууччалыы Закрутить, закружить, взвихривать, поднять клубами что-л. (о ветре, пурге, вихре)

  • Сотору-сотору аарыма холоруктар маһы-оту сөрөөн, өрө ытыйан суугунаан аастылар.
    Н. Якутскай
  • Ол холорук уу түгэҕиттэн балыктары ытыйан таһааран, кумахха бырахпыта.
    Т. Сметанин
  • Бөртөлүөт көй салгыны күөрчэхтии ытыйан, көтөн күпсүйэн иһэр
    Чолбон

5 туохтуур #

Тугу эмэ өрө-таҥнары ыскайдаа, ыһан, бурайан кэбис, үлтү сүргэй

Нууччалыы Приводить в беспорядок, разбрасывать что-л

  • Саллааттар дьиэ тээбиринин барытын үлтү ытыйан көрөллөр.
    В. Протодьяконов
  • Дьиэбитин дьэҥдьийэн үлтү сүргэйдилэр, өрө-таҥнары ытыйдылар.
    И. Федосеев
  • Биэчэргэ бэлэмнэнии түбүгэ, таҥныы-симэнии, оҥостуу-хомунуу хос иһин ытыйан кэбиһэр
    П. Аввакумов

6 туохтуур #

Үлтү булкуй, бутуйан-ыһан кэбис (хол., өйү-санааны, нус-хас олоҕу)

Нууччалыы Взбудораживать, взбаламутить (напр., сознание, спокойную жизнь)

  • Албын-көлдьүн дьахтар тыла-өһө Ньургуйаана өйүн-санаатын өрө ытыйан тумаҥҥа муннарда, бутуллан хаалла.
    У. Ойуур
  • Өйдөөх да киһи өйүн сыыһын ытыйыах үлүгэрэ биһигини тулалыыр дии. Венера. Тоҕо Витя мин уу долгураҥ олохпун үлтү ытыйда? ДС АА
    А. Ср
  • эвенк. итык-ми ‘взбивать, смешивать (мутовкой)’

«Ы» буукуба