ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бутуй

туохтуур

Нууччалыы путать; искажать

English to confuse, to distort

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Нууччалыы путать; искажать

English to confuse, to distort

  • эппитин бутуйар
    он коверкает свои словаhe is distorting what he says
I

2 туохтуур #

Туох эмэ бэрээдэгин ыс, булкуй

Нууччалыы Приводить что-л. в беспорядок

  • Кини суот үлэтин бутуйбат гына оҥорон утары дьыала оҥороору сылдьабын.
    М. Доҕордуурап
  • Дьонунан илдьи булкуйан, Дьон төрдүн-ууһун бутуйан, Кулаактары кистээн куоттартыыра Холкуоска хорҕотон хааллартыырга
    С. Васильев

3 туохтуур #

Ким эмэ өйүн-санаатын иирт, аралдьыт

Нууччалыы Сбивать с толку кого-л

  • Кини [Долгунуоп] биһиги нэһилиэккэ үгүс оччотооҕу дьону бутуйбута. Ол дьон билиҥҥэ диэри кэмсинэн ытыы-соҥуу сылдьаллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Дантес куйаҕын туһунан легенданы кэпсиир букатын наадата суох этэ. Эйигин итинтикэҥ бутуйан кэбистэ. Софр. Данилов. Сараапап атыыһыт билигин да санаата астына илигэ. Кини ыйытыынан дьон санаатын бутуйар баҕалааҕа
    Н. Якутскай

4 туохтуур #

Алҕаска биири атыны кытта булкуй

Нууччалыы Ошибочно принимать одно за другое

  • Бастакынан, эһиги чааһынайы уопсайы кытта бутуйаҕыт. Аҕыйах куһаҕан устудьуонтан сылтаан бүтүн курс бүтүннүүтэ “абсолютно” тугу да билбэт диир алҕас
    Н. Лугинов

5 туохтуур #

Тугу эмэ гыммыты, оҥорбуту биллэримээри анаан атыннык тутун, муннар, атыны оҥор, сымыйа сураҕы тарҕат

Нууччалыы Путать следы, распространять ложные слухи о чем-л

  • Артымыай эписиэр, Отоойко бандьыыт үөрдэрэ Чурапчы лааппыларын халаан бараннар, Дьааҥы диэки күрээтилэр диэн баара, соруйан суолларын-иистэрин бутуйаары бэйэлэрэ оннук сураҕы тарҕаппыттар.
    Л. Габышев
  • Манна чугаһаа эрэ, тукаам, бу уйалыы кэлэн иһэр тииҥ суола дии, быһыыта. Оннук эбит. Атаҕа маадьаччы барбыт, маска тахса-тахса соруйан суолун бутуйан айанныыр эбит.
    Л. Попов
  • Тэҥн. булкуй
II

6 туохтуур #

, эргэр. Үүнээйиттэн бэйэ оҥорбут кырааскатынан сот (үксүгэр кытархайдыҥы өҥ араас дэгэтинэн)

Нууччалыы Красить, окрашивать растительной краской домашнего приготовления (обычно различными оттенками красного цвета)

  • Былыргы сахалар түнэ, сарыы таҥастарын сиһиктэн оҥорор кырааскаларынан бутуйан араас өҥнүүллэрэ. Тэҥн. сиһий. Ср. тюрк. боя-, буя; бодо- ‘красить’

«Б» буукуба