Перевод с якутского
булкуй
туохтуур
Нууччалыы взбалтывать, размешивать чем-л. что-л., добиваясь равномерного смешения его состава; мешать
English to mix, to blend
Ис хоһооно · 8
1 туохтуур #
Тугу эмэ хойуута, убаҕаһа эбэтэр туох эмэ эбиитэ, былааһыга тэҥҥэ тарҕанарын курдук тугунан эмэ элбэхтик өрө-таҥнары аймаа, хамсат
Нууччалыы Взбалтывать, размешивать чем-л. что-л., добиваясь равномерного смешения его состава; мешать
Миини булкуй. Күөһү булкуй. Оҕонньор, уотун иннигэр аргынньахтаан олорон, куруускалаах итии чэйин ньуосканан булкуйда. С. Никифоров Силиммин булкуйар синньигэс мастаахпын С. Тимофеев
2 туохтуур #
Тугу эмэ хамсатар, иһин хасыһар, бурайар эбэтэр сэймэктиир курдук тугунан эмэ тыыт, оймоо
Нууччалыы Перемешать что-л., рыться в чем-л.; вонзать острое во что-л. и ворочать им
Уоту булкуй. Ууну булкуй. Антон, кытыыттан тахсан синньигэс ураҕаһы булан киирэн, кута аннын кэриччи булкуйан көрдө да, туох да туһа суох. Мойот биллибэт. Т. Сметанин Ордьоох төһө эмэ булкуйан баран куйуурун таһаарбыта - туох да кэлбэтэх. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (3)
[Эһэ] сохсоҕо киирбэт этэ, уһун ураҕаһы булан, сохсо иһин булкуйара. Оччоҕо сохсо, кураанахха эстэн, күөдэл гына түһэрэ И. Федосеев Төбө диэн тылы кытта ситимнэстэҕинэ: (төбөҕүн) икки өттүгэр иэҕэҥнэт, хамсат (хол., туохха эмэ олуйтаран тугу диэххин булбакка); (төбөҕүн) садьыйа охсон хамсат, быһыта илгиһин (хол., туохтан эмэ сиргэнэн эбэтэр туохха эмэ буолуммакка - сүөһүнү, кыылы этэргэ). Θ В сочетании со словом төбө “голова”: наклонять (голову) то в одну, то в другую сторону (напр., не решаясь сказать что-л. прямо); делать резкие движения (головой), трясти головой (напр., при испуге или упрямясь - о животном). “Сибилигин дуо? Суох, мин тугу да кэпсээбэппин”, - дии-дии баһын булкуйбута. Н. Якутскай Эмискэ таба, төбөтүн булкуйа-булкуйа, хаһыҥыраата. Тэкки Одулок (тылб.). Мэччийэ сылдьыбыт субан сүөһүлэр дьиэ таһыгар мүлүрүҥнэһэн кэллилэр. Төбөлөрүн булкуйаллар, кутуруктарынан кымньыылана охсуналлар Л. Попов
3 туохтуур #
Туохха эмэ эбии атыны холбоо эбэтэр атын-атыны холботолоо
Нууччалыы Прибавлять, примешивать что-л. к чему-л. или соединять что-л. разнородное в одно. [Дьөгүөссэ:] Бэйэ, били оҕолор кэллэхтэринэ, отонноомохтуу түһэн, илдьэ барыллыа
Ыа, дьэ дагдаҕа булкуйан сиир минньигэһикэтэ бэрт буоллаҕа ээ.
КүндэБиир куул сиэмэҕэ икки куул уоҕурдууну булкуйабын. П. Егоров [Аянитов]_ _ булкуйбут кырааскатын палитратын кытыытын диэки бистэ. Софр Данилов
4 туохтуур #
Тугу эмэ туохха эмэ бис, умньаа, төкүнүт
Нууччалыы Обвалять что-л. в чем-л., обмакивать во что-л., валять кого-что-л. в чем-л
Дьахтар имигэс_ _ тарбахтарынан лапса оҥорон бурдукка булкуйар. Н. Габышев Тугу барытын буһаран арыыбытыгар булкуйан сиэхпит. Амма Аччыгыйа Көмүһү төһө да көлбөххө булкуй ћ син биир килбэйэн көстө сытыаҕа. Эрчимэн. Сиргэ-буорга булкуйа иликпинэ, киэр буола оҕус мантан! Амма Аччыгыйа
5 туохтуур #
Киһини туох эмэ үчүгэйэ суох суолга холбоо, кытыар
Нууччалыы Вовлекать кого-л. в какое-л. неприятное дело; впутывать
“Манна, сэриигэ, оҕолору булкуйар эмиэ туохха нааданый? Мин быраатым Петяны эрэ буолбакка, бу Ильини да ханна эмэ куттала суох сиргэ туруоран харыстыы сатыам этэ”, - дии саныыр Ростов.
Л. ТолстойМиитэрэй олус долгуйан олорон Дьөгүөрдээнтэн тугу эрэ ааттаһар-көрдөһөр. “Баһым хас буолуой?.. ” - диир Дьөгүөрдээн. - “Кэбис, Миитэрэй, эн миигин итиннэ булкуйума” Амма Аччыгыйа
6 туохтуур #
Тугу эмэ мээнэ уларытан-тэлэритэн, сөптөөх сааһын, сүрүнүн кэс, бутуй
Нууччалыы Разными изменениями нарушать порядок или основной смысл чего-л.; путать, перепутывать, запутывать. [Сүөкүлэ:] Олорор олохпутун аймаан, тиэрэ булкуйан эрэллэр буолбат дуо?
[Улуу Кудаҥса] ол курдук бэрт эрэйи эрэйдэнэн, улуу муҥу көрөн, түҥ-таҥ, тиэрэ-маары булкуйан, араастык ырытан баран_ _ дьиибэни тэриннэ, дьиктини сананна.
П. ОйуунускайАҕыс мөһөөҕү сиэн кэбиспитэ тахсан уонна суот дьыалатын хараарчы булкуйан кэбиспитин эбэн, үс сыл хаайыыга сыппыта Эрилик Эристиин Киһи өйүн бутуйан, сыыһа суолга киллэр, муннар. Θ Путать, вводить кого-л. в заблуждение. Мин хара айыылаах, хараҥа буруйдаах киһибин, дьон булкуйаннар, таҥнары ытыйаннар, бандьыыттыы сылдьыбытым. И. Бочкарев
Өссө холобурдар (1)
Кылаас өстөөҕө, итэҕэл, абааһы туһунан сымыйа сэһэннэри тарҕатан, хараҥа дьон санаатын булкуйар Н. Габышев
7 туохтуур #
Холбонуо суохтары холботолоо, биири атыны кытта бутуй
Нууччалыы Путать, смешивать вместе разные вещи; путать, смешивать кого-что-л. с кем-чем-л., принимать одно за другое
Атын киһини кытта булкуйдаҕыҥ буолуо... Амма Аччыгыйа [Оҕо] Уус дьиэтигэр гаайка, буолта, Тоһоҕо бөҕөнү булкуйан, Аҕатыгар “көмөлөһөрө”. Р. Баҕатаайыскай Түүлү уонна дьиҥнээх түбэлтэлэри бииргэ булкуйан өйдүү-өйдүүлэр, кинилэр туохха эрэ үөрэн, оргууй күлсэ олороллор. Л. Толстой (тылб.)
Өссө холобурдар (4)
Биири туттар оннугар атын-атыны бутуйан тутун (хол., саҥарарга). Θ Смешивать, перемешать одно с другим (напр., языки в речи). Нууччалыы-сахалыы булкуйан саҥар. Итинтэн сиэттэрэн улам бодоруһан, сахалыы-нууччалыы булкуйан кэпсэтэн барбыттара. Н. Якутскай Тээнэ эбэҥкилэрин эдэр өттүлэрэ_ _ эбэҥкилии кэпсэттэхтэринэ араастаан булкуйа саҥараллар. Я. Семенов Тэҥн. бутуй
8 этии #
Күлэ-күлэ күлүн булкуй фольк. - кими эмэ кыайан-хотон күл-көмөр оҥор, суох гын Эһэ-эбэ саҕаттан иринньэх бэйэлэрин илгэ быйаҥынан иитиэхтээн киһи-хара оҥорбут күрүөх билэ дьоҥҥун күлэ-күлэ күллэрин булкуйаары, оонньуу-оонньуу уоттарын умуруораары гынна. Күннүк Уурастыырап
Нууччалыы Торжествовать победу над кем-л. смешать кого-л. с пеплом (расправиться с кем-л. полностью и уничтожить его)