Перевод с якутского
саай
туохтуур
Нууччалыы колотить
English to hammer
Ис хоһооно · 10
1 туохтуур #
Нууччалыы колотить
English to hammer
тоһоҕону саай забить гвоздьto hammer a nail
2 туохтуур #
Нууччалыы вдруг
English suddenly
охсон саай внезапно ударитьto suddenly strike ытан саай вдруг выстрелитьto suddenly shoot
3 туохтуур #
Тугу эмэ туохха эмэ батары эбэтэр иһин көҥдөйүгэр киирэрин курдук тугунан эмэ охсуолаа
Нууччалыы Забивать, вбивать что-л. во что-л
Эркиҥҥэ тоһоҕото саай. Ытаһата саай. Байбал тоһоҕону суха ураҕаһыгар туора чорбоччу саайан кэбистэ. Амма Аччыгыйа Биһиги ирбэт тоҥ уорҕатыгар диэри тимир-бетон сыбаайалары батары саайан киллэрэбит.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
Сааны сатаан иитэбин. Бэҕэһээ аҕабар көмөлөһөн, быыс уган саайдым Н. Габышев
4 туохтуур #
Тугу эмэ тоһоҕонон саайан туохха эмэ ыйаа, туттар
Нууччалыы Прибивать, приколачивать что-л. к чему-л
Остуолбаҕа туора хаптаһынна саай. Ааҥҥа тутаахта саай. Хотоойулаах оҥороору ыаҕас бөстүөнү төбөтүгэр саайбыт буулдьаларыттан ылан, туоһапкатыгар укта. Л. Попов Детдом кэнсэлээрийэтэ быһыылааҕа. Ыалдьыбыт оҕолору онно угуталаан баран, "Изолятор" диэн хара суруктаах хаптаһыны хам саайан кэбистилэр. С. Федотов
Өссө холобурдар (5)
Тыраахтар мас хайытан кирбийэр, оскуола кырыыһатын саайан табыгыратар тыаһы кытта Иван уустаах уһанар тыастара холбоһоро М. Доҕордуурап Охсон саай. Быраҕан саай. Ытан саай. [Микиитэ] уоһун хам ытыра түһээт, Арамааны алларанан тэбэн саайда. Амма Аччыгыйа Биир учуутал туран, улуустары, нэһилиэктэри наар үөрэҕэ суох дьон салайар буоланнар, туох да үлэ-хамнас уонна сайдыы кыайан барбат диэн кириитикэлээн саайда. Болот Боотур [Мииткэ] ыскылаатын сэбиэдиссэйэ табаары уоран атыылыырын хаһыаттаан саайар И. Бочкарёв
5 туохтуур #
Тугу эмэ уһуктааҕынан күүскэ батары ас
Нууччалыы С силой ударить кого-что-л. чем-л. острым, колющим; вонзить
Оҕонньор үҥүүтүнэн эһэни тылын төрдүгэр саайбыт. Л. Попов Хабырынар Хабырыыс сирэйэ-хараҕа уларыйан, этэрбэһин айаҕыттан быһаҕын таһааран, самыыга саайар
КүндэУһуктааҕы туохха эмэ батары ас. Θ Воткнуть что-л. острое во что-л. Кынчаалын остуолга батары саайда Амма Аччыгыйа
6 туохтуур #
Күүскэ оҕус
Нууччалыы С силой ударить кого-что-л
Орлосов бабдьыгырыы түһээт, саатын сулбу тардан ылан, оҕонньору саа луоһунан көхсүгэ саайда. Н. Габышев Лиэкэр Сеня, өрө көтө түһээт, били оргуйан бидилийэр күөһү көрөн турар саллааты төбөҕө саайда. А. Сыромятникова Холуочук киһи сирэйгэ далайбытын Серёжа, аһаран биэрээт, түөскэ саайан кибилиннэрэр
Г. Колесов
7 туохтуур #
Көтөн иһэн туохха эмэ кэлэн күүскэ охсулун, тугу эмэ улаханнык тап
Нууччалыы С силой удариться о что-л. (напр., о пуле)
Бинтиэпкэ саа тыаһа чус гыммыта, буулдьа тиийэн Чүөчээски көхсүгэр сүгэн иһэр ботуоҥкалаах кинигэтигэр саайбыта
Суорун ОмоллоонТугунан эмэ (хол., саанан ытан) улаханнык тап. Θ Бить из чего-л. по чему-л. (напр., из ружья). Саҥа артиллеристар [буусканан ытааччылар] тахсаннар, -- үрүҥ ыстаабын дьиэтин төбөтүн оройугар саайдылар Амма Аччыгыйа
8 туохтуур #
көмө туохт. суолт. -ан сыһыат туохтууру кытта ситимнэһэн хайааһын дэбигис бааччы дьорҕооттук оҥоһулларын көрдөрөр
Нууччалыы В сочетании с деепричастием на -ан обозначает действие, совершаемое моментально с определённой смелостью
9 этии #
Нууччалыы Наказать за зазнайство кого-л., сбить спесь с кого-л
Сахсайбытын саай кэпс. - улахан саҕа буолан киэбирбитин тоһун биэрэн тохтот, кэһэт Ол-бу буолан киэбирбэтин, сахсайбытын саайыам! Куска үөмэн иһэбин. Дулҕа саҕа бэйэтин Тохтуу-тохтуу көрөбүн, Сахсайбыккын саайыам диэн Саабын соһон иһэбин. Р. Баҕатаайыскай Тиискин саай (саайын) кэпс. - уҥуоҕу көмүллээн силиитин обор. Θ Грызть сахарную кость, высасывая из неё жир. Мэ бу уҥуох баар, тиискин саан.
Өссө холобурдар (1)
Дьэ, аҕалаах ийэлэрэ үөрүү бөҕөнү үөрэннэр, -- көмүрүө уҥуоҕунан тиистэрин саайаннар, көйүү кымыһынан күөмэйдэрин оҥороннор көрүлүү олорбуттар. ПЭК ОНЛЯ V
10 этии #
Нууччалыы Переломить что-л. резким сильным ударом, движением
Тосту (булгу) саай - күүскэ охсон тоһут, тосту барыар диэри оҕус Хаадьаҥ Хабырыыс -- дьагдьайан көпчөччү көһүйбүт киһиэхэ маарыннаата. Ол сылдьан баһымньытын угун хоруо курдук хоолдьугунан булгу саайан кэбистэ. М. Доҕордуурап Ср. др. -тюрк. сай ‘прокалывать, пронзать’, бур. шааха ‘вонзить’, монг. шаах ‘вбивать, забивать; ударить кулаком’