ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

арай

сыһыат, частица, холбуур, тыл

Нууччалыы только

English only, merely

Ис хоһооно · 12
I

1 #

ыан т

  • Арай, остуоруйаҕа бары үчүгэй бу курдук дөбөҥнүк кэлэн иһэр буолааччы.
    Суорун Омоллоон
  • Арай, ыарыһах эмээхсин утуйбакка ынчыктыы-ынчыктыы, муҥу-таҥы көрө сыппыта.
    Күндэ
  • Арай, мин этим-хааным тымныйбат, Айар сүрэҕим тыаһа тигинэс
    Т. Сметанин

2 #

Этиллэр санааны атыттартан арааран, соҕотохсутан, “ол эрэ” диэн бэлиэтиир сыһыанын көрдөрөр

Нууччалыы Выражает ограничительно-выделительное отношение говорящего к чему-л. (только, лишь, лишь только, разве только)

3 #

Оннук буолуон сөп диэн, сэрэйэр-сэрэхэдийэр сыһыаны көрдөрөр

Нууччалыы Выражает допущение, предположение говорящего с оттенком опасения (а если, а вдруг, а допустим)

  • Арай, губревком көтүрбэтин? Арай, ити ыалга уон хонон хааллын...
    Амма Аччыгыйа
  • Арай, букатын да суох буоллун.
    С. Ефремов
  • Арай, мин оҕом Аргунтай бардаҕына, Баргузин бириискэтин эн тыла суох ийэҥ Сотто аһынан салгыа этэ дуо?
    Эрилик Эристиин

4 #

Саҥарааччы туох эмэ соһуччу көстөрүн, туох эмэ эмискэ буоларын бэлиэтиир сыһыанын көрдөрөр

Нууччалыы Выражает отношение неожиданного обнаружения, внезапного наступления действия, устанавливаемое говорящим (и вот, оказывается; вдруг; и вдруг)

5 #

ээһини, саҥа эпизоду саҥа саҕалыырга истээччи болҕомтотун тардыы сыһыанын көрдөрөр (үксүгэр биир, биирдэ диэн тыллары кытта тут-лар)

Нууччалыы Выражает привлечение внимания слушателя в начале повествования, смене эпизода (употр. преимущественно со словами биир “один”, биирдэ “однажды”; вот, как-то)

  • Арай, биир ардахтаах киэһэ оҕустара кэлбэтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Арай, биирдэ биһиги үһүө буолан бултуу сырыттыбыт.
    Н. Якутскай
  • Арай, ааттаах ыраахтааҕы Ыалыгар - Чурумчукуга Ыалдьыт буола ыадайда. Эллэй. Арай, былыр оҕонньордоох эмээхсин олорбуттар. “
    ББ

6 #

Чопчулуур-хааччахтыыр ситим тыл суолтатыгар утарыта туруорар дэгэттээх туттуллар

Нууччалыы Употребляется в значении выделительно-ограничительного союза с оттенком противопоставления

  • Дьиэ иһигэр уот умуллубут этэ, арай лампаада эрэ чипчиҥниир быһыылааҕа.
    Суорун Омоллоон
  • Тыый, тойонуом, букатын манна туох да биллибэтэ, арай маарыын эһиги эрэ сылдьыбыккыт
    С. Ефремов
II

7 #

ситим т

  • Оннооҕор былаастар уларыйан иһэллэр, арай, кини уларыйбат.
    Амма Аччыгыйа
  • Кеша, Катя, Ваня үөрэ-көтө иһэллэр, Арай, кыра кыыһа Таня Арбы-сарбы айанныыр.
    Т. Сметанин
  • Онно кими да ыыппатахтара, “Чыычыйынан” куттууллара. Арай ньургун булчуттары Алгыс алҕаан атаараллара
    С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Эрэ эбиискэни кытта туттуллан, хааччахтыыр суолтата күүһүрэр. Θ Употребляясь с частицей эрэ, усиливает ограничительное значение. Баччааҥҥа диэри миигин араас буруйга барытыгар күтүрүүллэрэ, арай рыцарь буола сатааһыҥҥа эрэ ким да уорбалыы илигэ. Софр. Данилов. Кини өрө ууммут илиитигэр, кэрэ сирэйигэр Туох барыта баара, Арай сааттаах куттал эрэ суоҕа
    С. Данилов

8 #

Хааччахтыыр уонна утарар сыһыанынан этиилэри ситимниир

Нууччалыы Соединяет предложения ограничительно-противопоставительной связью (но, только)

9 #

Этиилэри утарыта тутан хааччахтаан ситимнииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется для соединения предложений сопоставительно-ограничительной связью (а только, а однако)

  • Дьиэ олбуора, күрүөтэ-хаһаата, ампаара суох, арай тэйиччи кыракый хотон көстөр. Софр. Данилов. Иһиллээбит курдук чуумпу, арай ыттар ыйылаһаллар, Куммаа сөтөллөр.
    Н. Габышев
  • Тумара маарга киһи кэлбэтэҕинии, Туох да суоҕунуу чуумпу буолталыыра, Арай хараҥа ойуурга өлүк элбэҕин Хара суор хаһыыта тыллыыра
    Эллэй

10 #

Хааччахтыыр-быһаарар сыһыанынан этиилэри ситимнииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется для соединения предложений ограничительно-пояснительной связью (лишь только, разве только)

  • Маайа туох астаах буолаахтыай, арай хаппыт лэппиэскэлээҕин тоһута тутан тимир тэриэлкэҕэ туруорар.
    Н. Якутскай
  • Тугу истиэмий, арай аҕам оҕонньор үҥсүүтүнэн бүгүн кулуба кэлэр үһү.
    А. Софронов
  • Ханнык куорат, ханнык Маня кэлиэ баарай, арай бүрүммүт сонун аҥаар сиэҕин бобо тутуоҕунан тутан баран, утуйан оҥторо сытар эбит
    Н. Заболоцкай

11 #

Хааччахтыыр-холбуур сыһыанынан биирэ биирин сайыннарар, толорор этиилэри сибээстииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется для соединения предложений, из которых одно дополняет, развивает другое (только и)

  • Хайаахтыай, төһө да буугунаатар, төһө да иһэ тымныйан үлүннэр, тэҥнэһиэ дуо, куттал эмиэ бэрт, арай кыатаннаҕына эрэ сөп буолар.
    П. Ойуунускай
  • Кэбис, үөтүөхтэрэ буоллар үөттүннэр, арай дьалты сири булууһубун.
    М. Доҕордуурап
  • Оксана тугу да саҥарбатаҕа, арай хараҕын уута саба түһэн кээлтэ
    Суорун Омоллоон

12 #

Болдьох салаа этиилэри биитэр болдьох суолталаах араарыллыбыт бөлөхтөрү холбуурга туттуллар

Нууччалыы Употребляется для присоединения условных придаточных предложений и оборотов (если, допустим)

  • Арай истибит буоллун, оччоҕо туох диибитий? Софр. Данилов. Арай союзтаахтарбыт киирбэтиннэр, оччоҕо хайдаҕый?
    М. Шолохов
  • Ким ылыай? Арай ыллахтарына, икки эрэ киһи ылыах тустаах этилэр. Онтон биирдэһэ ити [Николай] өлө сытар
    С. Ефремов

«А» буукуба