ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

табый

туохтуур

Нууччалыы бить передними ногами

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Илин атаххынан оҕус (ат, таба, тайах туһунан)

Нууччалыы Бить передними ногами (напр., о лошади)

  • Ата, такымыгар олоруох курдук, чохчойон баран өрө туруталаан, илин атахтарынан салгыны табыйда.
    М. Доҕордуурап
  • Тайахтар ыты сиирэ-халты табыйаллар.
    Ф. Софронов
  • Түөрт атахтаах барыта, кэлин атаҕынан тэбиэлэнэр, илин атаҕынан табыйар үгэстээх.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Кырдьаҕас бөрө аһаран биэрдэ, онуоха атыыр табыйда
    ХС

2 туохтуур #

Атаҕынан охсон түргэнник, тэтимнээхтик хаамп, айаннаа

Нууччалыы Быстро, энергично идти, ехать, издавая гулкий звук

  • Кинилэр тротуарынан кэккэлэһэ хаамсан табыйбытынан бардылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Өтөр буолаат, Дьаам тириппит аттарын туйахтара чигдини сытыытык табыйбыттара.
    И. Гоголев
  • [Уоһук] кымньыылаппыт курдук, хааман-сиимэн табыйа турда
    Г. Васильев

3 туохтуур #

Хаары хас, хаһан аһаа

Нууччалыы Доставать корм, разрывая снег (обычно о лошади, олене)

  • Кэбиһиилээх оттор, үөт талахтар тулаларыгар биир эмэ хара, көгөччөр сылгылар табыйан аһыы сылдьаллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Таба кэтит уллуҥахтаах синньигэс сототун күөрэс гыннаран табыйдар эрэ хаар анныттан өлгөм лабыкта будьурус гына түһэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Түүн ордук хараҥарар, Оччоҕо табалар, Хайаларга тахсаннар, Хаары табыйаллар
    И. Эртюков

4 туохтуур #

Сири илииҥ күүһүнэн (табыыканан, баһымньынан) таҥастаа

Нууччалыы Обрабатывать землю вручную (с помощью мотыги)

  • Сарсын эрдэ соҕус сирин табыйан бүтэн, дьиэлээри дьулуйар.
    Болот Боотур
  • Аҕам уус Наһаарга сир табыйа барбыт күнүгэр куйаас этэ.
    Н. Заболоцкай
  • Буор табыйар баһымньыга холоотоххо суха кырдьык да хайҕаныан сөптөөх
    ХС

5 туохтуур #

Кими эмэни түргэн-түргэнник охсуолаан, сырбатан биэр

Нууччалыы Бить, колотить кого-л

  • Өһүргэннэҕинэ сирэйин тоҕу табыйан биэриэм да бүтэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Урутаабыт күлүгээннэри наһаалаатахтарына бэйэлэрин ньымаларынан табыйан биэриэхпит. Кэһэйдиннэр!
    Р. Баҕатаайыскай
  • Ср. осм. таби ʻтрепетатьʼ, казах. тарпын, кирг. тарпы ʻбить передними ногами (о лошади, верблюде)ʼ

«Т» буукуба