ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чокуй

туохтуур

Нууччалыы ударять по чему-л., чем-л. несильно, тюкать

1 туохтуур #

Тугу эмэ тугунан эмэ кыра-кыратык оҕус, охсуолаа

Нууччалыы Ударять по чему-л., чем-л. несильно, тюкать

  • "Оттон үгүс көмүһү да булбатарбын, саатар муунта аҥаарын да курдук көстөрө буоллар!" – дии саныы-саныы тооройон чокуйар.
    Н. Якутскай
  • Уһааттаах уулара халыҥ гына тоҥмут. Ону Маша үлтү чокуйан бытарытан биэрдэ.
    А. Сыромятникова
  • Онно [чууркаҕа] тааһын ууран туран, өтүйэтинэн аҥаар, уһуктаах муннугун чокуйбута
    Кыым

2 туохтуур #

Кими эмэ кэһэтэр эбэтэр өлөрөр курдук кырбаа, дьакый

Нууччалыы Бить, колотить кого-л. для острастки; убить, уничтожить кого-л

  • Сотору ол Коля оҕо улууска барар үһү. Онно тоһуйан, чокуйан баран, сирдээн тимирдэххинэ, халлааннаан көттөххүнэ сөп.
    Болот Боотур
  • Улахан эбит, ол биир эмэ түөкүнү чокуйан, кэһэлтэ таһаараллара?
    А. Сыромятникова
  • Уол саба сүүрэн ситэн ылар уонна тутан кэлбит маһынан чокуйар
    И. Бочкарёв

3 этии #

Этиилэр

Оройун (баһын) чокуй

оройун аллар (тобул) диэн курдук (көр орой II).

  • Ороспуой кэлэн харчыта түөһээри гыннаҕына, баһын чокуйуллуо.
    Суорун Омоллоон
  • Хаһан эрэ эдэрбэр боксуор этим. Бэйэлэрин оройдорун чокуйуохпут. ЭКС ТБ
    Т. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • ДТС, тюрк. тохы, тоху, чоку, монг. цохих ʽбить, ударятьʼ

«Ч» буукуба